13.08.2023 | 12:00

Кэлиҥ, сылдьыҥ «Звезднайга»!

Кэлиҥ, сылдьыҥ «Звезднайга»!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Олунньу ый бүтэһигэр Дьокуускай куорат саҥа «Звезднай» түөлбэтигэр хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 17-с кыбаартал олохтоохторо көһөн киирбиттэрэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ түөлбэҕэ тутуу иккис түһүмэҕэ саҕаланна. Саҥа кыбаартал уопсайа үс сектортан турар – “А”, “В” уонна “С”.  Билигин «А» секторга сэттэ бастакы дьиэ үлэҕэ киирдэ.

Соҕуруу куоракка сылдьар курдуккун

Түөлбэҕэ тупсарыы сүрүн үлэтэ кэлэр сылга былааннанан турар. Онно бэлисипиэт, түөлбэ иһинээҕи суоллар оҥоһуллуохтара. Ону таһынан бырайыакка күөл тула сынньалаҥ паарката баар.

Дьоҕус балконнаах, биэстии этээстээх дьиэлэр бары сир таһымынан тураллара табыгастаах эбит, көстүүтэ даҕаны ураты, кыраһыабай. Кыаммат араҥаҕа уонна кэлээскэлээх ийэлэргэ ордук абыраллаах буолсу. Хайдах эрэ, атын, соҕуруу куоракка сылдьар курдуккун.  Бэлиэтээн эттэххэ, дьиэ барыта сыбаайа үрдүгэр турар.

Кыбартыыралар иэннэрэ араас

Бары дьиэлэргэ лифт үлэлиир. Кыбартыыралар иэннэрэ араас. Холобур, устуудьуйа иэнэ 27 квадратнай миэтэрэ, саамай улахан 4 хостоох кыбартыыра – 95 квадратнай миэтэрэ. Икки хостоох кыбартыыралар 45-тэн 60 квадратнай миэтэрэҕэ диэри халбаҥныыллар.

«Звезднай» түөлбэҕэ кыбартыыра сыаната

Кыбартыыралар сыаналара бүгүҥҥү туругунан маннык:

1 хостоох кыбартыыра, 36 квадратнай миэтэрэ иэннээх – 4 000 000 мөл. солк.;

2 хостоох кыбартыыра, 47,7 квадратнай миэтэрэ иэннээх – 6 600 000 мөл. солк.;

3 хостоох кыбартыыра, 75,1 квадратнай миэтэрэ иэннээх – 8 000 000 мөл. солк.

Социальнай эбийиэк элбэх

Кэлэр өттүгэр кыбаарталга 990 миэстэлээх икки оскуола, 315 миэстэлээх икки оҕо уһуйаана, спорт комплекса, биир симиэнэҕэ 600 киһи көрдөрүнэр поликлиниката үлэҕэ киириэхтээхтэр. Ону таһынан 112 МВт кыамталаах саҥа квартальнай хочуолунай тутуллуоҕа. Оскуоланы уонна спорт комплексын тутуу быйыл саҕаланна.

Оҕо балаһаакката

Түөлбэни икки аныгылыы моһуоннаах оҕо балаһааккалара киэргэтэллэр. Маны таһынан көҕөрдүүгэ күүскэ ылсыбыттар – бу саас олордуллубут хатыҥ, бузина, сарбынньах мастар, көрүүтүн кыайдахтарына, аҕыйах сылынан садка кубулуйуохтара.

17-с кыбартааллар

Бары билэрбит курдук, киин куораппыт биир саамай кыһалҕалаах оройуона – 17-с кыбаартал, манна саамай элбэх эргэ уонна хаарбах туруктаах дьиэ баар. Кыбаартал 170-ча эргэ дьиэтиттэн көһөрүү бырагырааматыгар 11 эрэ дьиэ киирбит. Оттон «Звезднай» түөлбэҕэ 450 киһи саҥа дьиэлэммит.

Оптуобус тохтобула уонна маҕаһыын

Оптуобус тохтобула син тэйиччи, «Ильинка» оройуонугар турар. Аны туран, чугаһынан маҕаһыын суоҕа эмиэ биир уустугу үөскэтэр эбит. Чэ, ол да буоллар сотору суол-иис оҥоһуллан үлэҕэ киирдэҕинэ, барыта баар буолуоҕа. Саамай сүрүнэ – сылаас, ыраас уонна сырдык дьиэ-уот.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....