20.09.2021 | 16:30 | Просмотров: 513

Кэлэр ыйга биэнсийэлээхтэргэ эбии төлөбүр көрүллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сылын аайы, үгэс быһыытынан, алтынньы 1 күнүгэр Аҕам саастаах дьон күнэ бэлиэтэнэр. Быйыл ити күнү көрсө регионнааҕы былаастар биэнсийэлээхтэргэ эбии төлөбүрү көрөллөр. Төлөбүр кээмэйэ Арассыыйа үрдүнэн биир тэҥ буолбат, хас биирдии регион аайы тус-туһунан буолуохтаах. Эбии төлөбүр кээмэйэ биэнсийэлээх сааһыттан, инбэлииттээҕиттэн, ханнык региоҥҥа олороруттан уонна олохтоох тэрилтэлэргэ үлэлиириттэн тутулуктаах.
Итини сэргэ, 2021 сыл алтынньы 1 күнүттэн, Арассыыйаҕа 3,7%-нынан байыаннай биэнсийэ үрдүүрэ күүтүллэр. Эбии төлөбүрдэри саастарынан эбэтэр хантараагынан сулууспалаабыттар ылаллар, урут Росгвардия, ИДЬМ, ЫБММ, ФСБ, ФСИН уо.д.а. биэдэмистибэлэргэ үлэлээбит гражданнар.
Уһук Хотугу уонна онно тэҥнэһэр регионнарга үлэлээбит дьон биэнсийэлэрэ эмиэ үрдүөхтээх. Манна сүрүн болҕомто үлэ ыстааһыгар ууруллар. Ол курдук дьахталларга – 20, эр дьоҥҥо – 25 сыл ыстаас ирдэнэр.
Биэнсийэ Пуондата иһитиннэрбитинэн, сотору кэминэн өлбүт кэргэттэрин биэнсийэлэрин огдообо хаалбыт дьон, бэйэлэрин биэнсийэлэрин оннугар (бэйэлэрин биэнсийэлэрин кээмэйэ кыра буоллаҕына) ылар кыахтаналлар. 
Ол эрэн бу сокуоҥҥа хааччахтааһын баар. Ол курдук, хотугу эбэтэр тыа сирин ыстааһынан биэнсийэҕэ барбыт дьон өлбүт кэргэттэрин оннуларыгар биэнсийэ эбии төлөбүрдэрин ылбаттар. 
2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, тыа сириттэн куоракка көспүт биэнсийэлээхтэргэ, тыа сиригэр олороллорун иһин эбии харчы төлөбүрүн чөлүгэр түһэриэхтэрин сөп буолар. 
Биир кэлим төлөнөр суумматтан 25 %-на отуттан тахса сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит уонна билигин да онно олорор дьоҥҥо бэриллэр.
Биэнсийэ икки сүрүн чаастан турар – страховой уонна мунньуу чаастан. Сүрүн өттүнэн страховой биэнсийэ буолар. Биллэрин курдук, үлэ биэрээччи үлэһит хамнаһыттан Биэнсийэ Пуондатыгар бырыһыан ыытар. Ол барбыт бырыһыан кэлин биэнсийэ быһыытынан төннөр. Биэнсийэ мунньуу чааһа – үлэһит анал усчуотугар мунньуллар, үлэ биэрээччи Биэнсийэ Пуондатыгар ыытар харчытыттан. 
Санатан эттэххэ, 2014 сылтан биэнсийэ мунньуу чааһа «тоҥоруллан», билигин үлэ биэрээччи туох баар ыытар бырыһыаннара биэнсийэ страховой чааһыгар түһэ тураллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

«Атынан айан» бырайыак оҕолору олоххо бэлэмниир
Сонуннар | 18.04.2026 | 15:08
«Атынан айан» бырайыак оҕолору олоххо бэлэмниир
Элбэх саха ыала сарсыардааҥҥы сандалытын тула олорон «Саҥа күн» биэриини көрөр диэтэхпинэ, улаханнык сыыспатым буолуохтаах. Мин эмиэ Амма Эмис нэһилиэгэр ураты дьарыктаах ыал туһунан биэриини сэргии көрөн, олохтоох оскуолаҕа сибээскэ тахса сырыттым.
Спортивнай албан аат түмэлэ
Сонуннар | 21.04.2026 | 14:05
Спортивнай албан аат түмэлэ
«Түмэл киэн туттар экспоната» бырайыакпыт бүгүҥҥү ыалдьыта – Чурапчытааҕы Д.П. Коркин аатынан Спортивнай албан аат музейа.
Музей – билии-көрүү сирэ
Сонуннар | 18.04.2026 | 07:00
Музей – билии-көрүү сирэ
Арассыыйаҕа – Норуоттар сомоҕолоһууларын, Саха сиригэр Култуура сылларынан «Киин куорат» таһаарыы  «Түмэл сэдэх экспоната» бырайыагы тохсунньу ыйтан саҕалаабыта.
Дьыбаан дьылҕата
Сынньалаңңа | 18.04.2026 | 18:30
Дьыбаан дьылҕата
Биир хайа эрэ улуус муҥур уһугар урааҥхай омук уутуйан олохсуйбут дэриэбинэтэ баара… Ол сир илин сиһигэр силлиэттэн саспыт оччугуй өтөххө сыбаалка сытара. Сыбаалка сыыһа сылы быһа сыта сатаан сааскы сыыраска сытыйбыта, тура сатаан уот куйааска куҥуһурбута.