22.08.2024 | 16:00

«Кэлэр кэм эйгэтэ»: нейросеть, пластик уонна роботтар

«Кэлэр кэм эйгэтэ»: нейросеть, пластик уонна роботтар
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 15 күнүттэн “Үлэ кыбаартала” кластерга “Кэлэр кэм эйгэтэ” (“Мир будущего”) интерактивнай быыстапка үлэлиир. Бу оҕолорго уонна төрөппүттэргэ араас көрүҥнээх роботтары, аныгы кэм технологияларын көрдөөх уонна бэрт сонун ньымаларынан билиһиннэрэр бырайыак буолан биэрдэ.

Өйдөөх да роботтар!

Быыстапкаҕа кэлбит ыалдьыттары роботтар көрсөллөр. Улахан промобот тула өттүн хайдах көрөрүн 4 экран көмөтүнэн билиэххэ сөп. Уруһуйдьут роботтар “талааннара” сөхтөрөр: биирэ остуолга уустук чертежтары тааҕы таах тардар, оттон иккиһэ истиэнэҕэ хартыыналары уонна граффити уруһуйдуур кыахтаах. Манипулятор-роботтар улахан собуоттарга массыыналары, дьиэлэри хомуйан биэрэллэр, оттон быыстапкаҕа кыра манипулятордар иллэҥ кэмнэрин кытта “өйдөөхтүк” атаараллар – “крестики-нолики” оонньууллар.

Юнитри диэн бороҥ өҥнөөх робот ыт дьиҥнээх курдук хамсанар. Кыылга аллергиялаах, кырдьаҕас, инбэлиит эбэтэр харамайдары көрөр кыаҕа суох дьоҥҥо бэртээхэй “доҕор” буолуон сөп эбит. Ыт олус эйэҕэс, ол эрээри дьоппуон тылын эрэ өйдүүр. Экскурсовод дьоппуон тылынан “олор” диэн сорудахтаабытыгар, кыратык “толкуйдаан” баран, олорунан кэбистэ.

Теспиан диэн британскай робот пневматика көмөтүнэн хонтуруолланар уонна артыыстыырга үөрэтэр. Үгүс роботтар амортизатордары туһанан хамсыыллар, оттон бу салгынынан үлэлиир. Кини киһи сирэйин көрөн хайдах туттуохтааҕын толкуйдуур, биллэр киинэлэртэн быһа тардыылары көрдөрөр уонна Шекспир айымньыларын нойосуус кэпсиир.

Айар зона

Манна оҕолор 3D уруучуканан уруһуйдуохтарын уонна боростуой макеттары оҥоруохтарын сөп. Ону кытары боростуой роботтары эбэтэр слайм. Робокафеҕа кэлэн кофе иһиэххэ сөп: баҕарар утаххын таллаххына, илии курдук көрүҥнээх бариста робот ыстакааны таһааран, кофе кутар массыына анныгар уурар. Онтон толору кофелаах ыстакааны тутан, биир да таммаҕы тохпокко, наадалаах сиргэ чопчу туруорар. Эбэтэр официант робокка биэрэр. “Официант” куоска сирэйдээх, төһө да бытаан көрүҥнээҕин иһин, түргэнник “сүүрэр-көтөр”. Суолугар туох эрэ мэһэйи көрүстэҕинэ, “туораа” диэн көрдөһөр.

Дьикти лаборатория

Бу хоско туох барыта хаттаан туһаныллыбыт матырыйаалтан оҥоһуллубут. Манна араас матырыйаалтан таҥас, миэбэл уонна оонньуур эгэлгэтэ элбэх. Холобур, килиэп-лаампа, хос туһаныллыбыт пластиктан буолбакка, дьиҥнээх хаппыт килиэптэн оҥоһуллубут. Ону таһынан ыалдьыттар бытыылка хаппахтарыттан брелок айан таһаарыахтарын сөп. Бастаан хаппахтары дробилкаҕа уган баран, пластик көөбүлүн ылаҕын, онтон уулларар станокка, халыыптарга куттахха, бэлэм брелоктар тахсан кэлэллэр. Быыстапкаҕа маастар-кылаас барыта төлөбүрдээх, ол гынан баран 5 хаппаҕы аҕаллаххына, брелок оҥоруу босхо эбит.

Сынньалаҥ паарката

Аны туран, роботтарбыт саады кытта “көрөр-харайар” кыахтаахтар эбит! Холобур, садовод робот күн уотун батыһа сылдьан, сибэккилэри миэстэттэн миэстэҕэ көһөрөр уонна уу кутар.

Социобот — виртуальнай былчыҥнар көмөлөрүнэн киһи ханнык баҕарар эмоциятын үтүктэр: эр киһи, дьахтар буолуон сөп эбэтэр дьикти харамайга кубулуйуон сөп. Саҥарар, таабырыннары таайтарар кыахтаах.

Оҕолор уонна төрөппүттэр от күөҕэ хромакей көмөтүнэн аныгы киинэ устуудьуйатыгар баар буолан хаалаллар. Холобур, “Гарри Поттер” дьоруойдарын курдук экраҥҥа уктаах сиппиири миинэн “көтүөххэ” эбэтэр аниме истииллээх эпическэй кыргыһыыны үтүктүөххэ сөп.

Аны төбөнү массаастыыр тэрилгэ имэрийтэрэн ылар, вибрационнай платформаҕа туран эрэ дьарыктанар кыах баар. Ону сэргэ роботы кытта саахыматтыахха, кырачаан роботтары “иитиэххэ”, бэл диэтэр, араас өҥнөр эбэтэр фрукталар көмөлөрүнэн муусука кытта айыахха сөп. Роботтар тыйаатырдарыгар кыра роботтар үҥкүү-битии көрдөрөн, экскурсияны сэргэхтик түмүктүүллэр.

Нейросеть хоһо

Манна монитордары туһанан, нейросети кытта оонньуохха сөп. Холобур, худуоһунньуктар уонна нейроннай ситимнэр үлэлэрин уратыларын булан ылыҥ диэн сорудах баар. Эбэтэр уруһуйдаан баран, оҥоһуу өй (искусственнай интеллект) тугу ойуулаабыккын таайарын-суоҕун бэрэбиэркэлиигин. Өссө көмпүүтэр көмөтүнэн толору айыллыбыт остуоруйаны истиэххэ эбэтэр виртуальнай эйгэҕэ киирэн, тото оонньуохха сөп.

Марина Ролдугина, Дьокуускай куоракка “Кэлэр кэм эйгэтэ” бырайыак салайааччыта:

— Хампаанньабыт үлэлээбитэ 8-с сыла буолла, куораттан куоракка көһөн, быыстапкалары тэрийэбит. Дьокуускайга Хабаровскай куораттан кэлбиппит, ол иннинэ Владивостокка сылдьыбыппыт. Манна икки нэдиэлэ иһигэр быыстапка оҥордубут уонна ону кытта дьону наймылаһан, экскурсия ыытарга үөрэттибит.

Оҕолорго уонна төрөппүттэргэ инникитин баар буолуохтаах туһалаах роботтар, технологиялар тустарынан кэпсиибит. Ону таһынан аныгы роботтар хайдах айыллыбыттарын, үлэлииллэрин (хайдах хамсаналларын, толкуйдуулларын, көрөллөрүн) көрдөрөбүт.

Оҕолору саҥа технологияларга үөрэтэбит, судургу роботтары оҥорууга уонна нейросети кытта үлэҕэ маастар-кылаастар ыытыллаллар, онно бэйэҥ хартыынаҕын оҥоруоххун эбэтэр нейросекка анаан тугу эмэ уруһуйдуоххун сөп, оччоҕо кини таайыахтаах. Өссө үҥкүүлүүр роботтар тыйаатырдара диэн аралдьытар техно-шоуну көрүөххүтүн, VR эйгэтигэр киирэн оонньуоххутун сөп. Быыстапка саҥа технология эйгэтин, инникитин аан дойду хайдах буолуон сөбүн көрдөрөр сыаллаах-соруктаах.

Марина уонна Аделина Ивановалар, ыалдьыттар:

— Кыыспын кытта быыстапка сороҕун эрэ көрдүбүт, билигин роботтар тыйаатырдарын кэтэһэбит. Быыстапка туһунан тэлэбиисэргэ көрөн кэлбиппит, биллэн турар, оҕоҕо олус интэриэһинэй тэрээһин. Бэйэм нейросети кытта оонньууру сөбүлүү көрдүм. Маастар-кылаастарга сылдьан көрүөхпүтүн баҕарабыт. Хос туттуллар маллар лабораторияларын сэргээтибит, таҥаһы, миэбэли, арааһы барытын оҥоруохха сөп эбит. Соһуйбуппут диэн, биир киһи күҥҥэ биир киилэ бөҕү “оҥорон таһаарар” эбит, мин син кыра буолуо дии саныырым. Онон оҕолорго олус туһалаах, сонун быыстапка диэн кэрэхсээтим.

 

Айаал, ыалдьыт:

— Наһаа элбэх үҥкүүлүүр, кэпсэтэр уонна ыллыыр робот баар. Ордук робот ыты сөбүлээтим, тоҕо диэтэххэ араас хамаандалары билэр уонна дьиҥнээх ыт курдук. Өссө нейросетька таайтаран уруһуйдуурбун сөбүлээтим, ол эрээри сорох сорудахтар олус ыарахан этилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...