Казань уонна Дьокуускай бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттастылар
«Саха сирэ – Татарстан» регионнар икки ардыларынааҕы форум чэрчитинэн Казань уонна Дьокуускай муниципальнай тэриллиилэрэ бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥи түһэристилэр. Докумуоҥҥа Казань Ситэриилээх кэмитиэтин салайааччыта Рустем Гафаров уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев илии баттаатылар.
5 сылга түһэрсиллибит сөбүлэҥ сүрүн сыала – икки куоракка үлэлиир дьоҕус уонна орто бизнес субъектарын дьыалабыай сибээстэрин сайыннарыы. Итини сэргэ муниципальнай үлэ араас хайысхаларыгар уопут атастаһыы, үөрэҕирии эйгэтин сибээстэрин кэҥэтии, доруобуйа харыстабылын уо.о.д.а. хайысхаларга бииргэ үлэлээһин былааннанар.
«Бу күннэргэ биһиги уопсастыбаннай эйгэҕэ уонна тиэргэннэргэ бөдөҥ тутуу уонна өрөмүөн уопутун, технологиятын көрдүбүт, уопсастыбаннай тырааныспар тэрилтэлэригэр сырыттыбыт. Биһиги биир идэлээхтэрбитигэр уопуттарын үллэстибиттэрин иһин махтанабыт уонна итини барытын бэйэбит куораппытыгар майгыннаһар бырайыактарга туһаныахпыт», – диэтэ Евгений Григорьев.
Ол курдук, быйылгыттан Дьокуускайга тиэргэннэри өрөмүөннүүргэ Ил Дархан бырагыраамата олоххо киириэхтээх. Киин куорат баһылыга ити үлэҕэ Казань уопута үөрэтиллэн туттуллуохтааҕын бэлиэтиир.
Евгений Николаевич Татарстан уонна Саха сирэ өр сыллаах култуурунай сибээстээхтэрин бэлиэтээтэ: «Дьокуускай – элбэх омук олорор куората, олортон татаардар общиналара биир чаҕылхайынан буолар».
Дьокуускайга «Туган Як» диэн 800-тэн тахса киһилээх татаар култууратын киинэ баар. Бүгүҥҥү күҥҥэ ити омук бэрэстэбиитэллэрэ Дьокуускай дьоҕус уонна орто бизнеһигэр, былаас федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна муниципальнай уорганнарыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр.