02.02.2021 | 07:34 | Просмотров: 686

"Карина" киинэҕэ кастинг биллэриллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2014 сыл сайыныгар ойуурга мунан баран, Найда диэн ытын кытта 12 күн устата тайҕаҕа сылдьыбыт, араас күчүмэҕэйдэри ааһан тыыннаах хаалбыт Карина Чикитова түбэспит түбэлэтэтигэр олоҕуран, «Карина» диэн киинэ уһуллуоҕа.

Киинэҕэ сүрүн оруолга сүүмэрдээһин ыытылларын туһунан «Арт Дойду» киинэ хампаанньа биллэрдэ.

Киинэҕэ уһулларга 3-4 саастаах саха кыыһын, маны таһынан игирэ кыргыттары талыахтара.

Ирдэбиллэрэ: оҕо саха тылын билэр, артыыстыыр уонна фотогеничнай буолуохтаах. Маны тэҥэ, киинэ сүрүн геройа хатыҥыр көрүҥнээх буолара уонна ыттан куттаммата ирдэнэр.

Сүүмэрдээһиҥҥэ кыттарга кулун тутар 1 күнүгэр диэри artdoydu.ltd@mail.com электроннай почтаҕа оҕо толору аатын, сибээстэһэр нүөмэри, видео-билиһиннэриини уонна хаартыскалары (портрет уонна толору көстөрүн) ыытыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.