10.09.2021 | 14:46

Кардиологическай диспансер кэлэр сыл саҥата үлэтин саҕалыыр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга Өрөспүүбүлүкэтээҕи кардиологическай диспансер тутуутун бүтэһик түһүмэҕэ саҕаламмыт. Сыл бүтэһигэр эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ, кэлэр сыл саҥатыттан бастакы ыарыһахтары көрөн барыаҕа. Кардиологическай диспансер доруобуйа Сылыгар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар дьоһун  бэлэҕинэн буолуоҕа. 
Кардиологическай киини тутар боппуруоһу 2018 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев көтөхпүт. Ити сылтан саҕалаан федеральнай өйөбүлүнэн эбийиэк тутуута саҕаламмыт. 
Билиҥҥи туругунан, эбийиэк тутуутун 76%-на бэлэм. Кардиокиин Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа – медицина Национальнай киинин структурнай салаата буолар. 
Медицинскэй киин генеральнай дириэктэрэ Станислав Жирков иһитиннэрбитинэн, кардиологическай диспансерга кардиология, нейрососудистай салаа, неврология уонна сүрэх хроническай ыарыыларын салаалара баар буолуохтара. Эбийиэккэ 150 уопсай куойкалаах уонна 25 реанимационнай палаталар киириэхтэрэ. 
«Эбийиэк үлэҕэ киирдэҕинэ нэһилиэнньэ хаачыстыбалаах медицинскэй көмөнү, үрдүк технологиялаах эмтэниини ылыаҕа. Манна инфарктаабыт, итини сэргэ нейрососудистай ыарыылаахтар – инсультаабыттар уонна мэйиилэригэр хааннарын эргиирэ кэһиллибит дьон киириэхтэрэ», – диэтэ  Жирков.
Кини бу сыл бүтэһигэр санитарнай-эпидемиологическай түмүгү уонна лицензияны ылалларын туһунан эбэн эттэ. Оччоҕо 2022 бастакы кыбаарталыгар ыарыһахтары көрөн, эмтээн бараллар. 
Медицинскэй специалистар А. Н. Бакулев аатынан үрдүкү квалификациялаах каадырдары  бэлэмниир уонна Е.Н. Мешалкин аатынан хаан эргиирэ кэһиллэрин үөрэтэр институттарга үөрэҕи ааспыттар. 
«Билигин эбийиэк ис бараанын тупсаран оҥорууга, инженернэй ситимнэри холбооһуҥҥа, вентиляция тэрилин таҥыыга уонна тиэргэн территориятын тупсаран тутууга 180-ча киһи үлэлиир. Саҥа медицинскэй тэрил – МРТ, КТ, ангиографтар таҥыллан эрэллэр», – диэн кэпсиир өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай сакаасчыгын Сулууспатын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Дмитрий Иванов.
Аҕыс этээстээх Кардиологическай диспансер уопсай иэнэ 15 тыһ. кв. м. кэриҥэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...