"Карантин" уһуон сөп
Ыам ыйын 3 күнүгэр дойду Роспотребнадзорун салайааччыта Анна Попова нэһилиэнньэ дьиэҕэ олорон бэйэ изоляциятын ирдэбиллэрин түптээн тутуспатаҕына, хааччахтыыр миэрэлэр бэс ыйыгар диэри уһуохтарын сөп диэтэ.
Сааскы ылааҥы күннэр турдулар. Дьон үгэһинэн айылҕа туонатыгар сынньаныан баҕарар. Саатар уһун өрөбүллэр аһара сылаттылар. Дьиэҕэ, ордук куорат кыбартыыратыгар хааллан олорор дьоҥҥо, "карантины" тутуһар ыараатар ыараан иһэр. Ол эрээри туруоруллар ирдэбиллэри кытаанахтык уонна булгуччу тутуһар эрэ буоллахпытына ыарыы тарҕаныытын бытаардар кыахтаахпыт.
Үчүгэй күн-дьыл тураатын кытта Дьокуускайга ыарыыга сыстыбыт дьон ахсаана биллэ эбиллэн барда. Онон бэйэ изоляциятын эрэсиимин тутуһуу – хас биирдиибит эппиэтинэһэ буолла.
Роспотребнадзор специалистара этэллэринэн, бу сайын коронавирустаах ыарыһахтар ахсааннара аҕыйаатаҕына даҕаны, инфекция күһүн иккистээн төннүөн сөп. COVID-19 ыарыы тарҕаныытын иккис долгуна күһүөрү саҕаланара сабаҕаланар
Бу иннинэ РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин баһылыга Михаил Мурашко иһитиннэрбитинэн, коронавируһу утары охсуһууга билигин Арассыыйа саамай суолталаах кирбиигэ тиийдэ.