Кангалааска киирэр суол аспаалланар
«Дороги Саха» тэрилтэ үлэһиттэрэ Кангалаас дьоҕус түөлбэтигэр киирэр суолга аспаал кутан саҕалаатылар.
12,6 км усталаах эбийиэккэ хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
Тырааныспар, суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов иһитиннэрбитинэн, дьиҥэр, аспааллааһын быйылгы сылга былааннамматах, бэдэрээтчит үлэтэ олус таһаарыылаахтык баран, 6 км усталаах кэрчиккэ аспаал алларааҥҥы дьапталҕатын быйыл кутарга быһаарыммыт. Манна даҕатан эттэххэ, суол-тутуу сезона саҕаланыаҕыттан эбийиэккэ ууну аһардар 12 турба түһэриллэн бүппүт. Былаан быһыытынан үлэ 2026 сылга толору түмүктэнэрэ былааннанар.
Бу туһунан «Управтодор РС(Я)» судаарыстыбаннай хааһына тэрилтэтэ иһитиннэрэр.
Хаартыска: «Управтодор РС(Я)» судаарыстыбаннай хааһына тэрилтэтэ