Канализация коллекторын тутуутугар биисинэс бэрэстэбиитэллэрин этиилэрэ учуоттаныаҕа
Сэтинньи 9 күнүгэр куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко предпринимателлэри кытта көрсөн коллектор тутуутунан сибээстээн Чернышевскай уулуссатыгар хааччахтааһын киирэрин туһунан дьүүллэстэ. Мунньахха «Водоканал» ПАУо, куораты тутуу уонна тырааныспар инфраструктуратын, ону сэргэ предпринимательство, потребительскэй ырыынак уонна туризм сайдыытын Департаменнарын үлэһиттэрэ, Уокуруктааҕы дьаһалта предпринимательствоны Координациялыыр сүбэтин көҕүлээччилэрэ кытыннылар.
Биисинэс бэрэстэбиитэллэрэ Чернышевскай уулуссатыгар киирбит хааччахтааһын предпринимателлэр үлэлэрин харгыстыырын туһунан эттилэр.
«Улахан уйуктаах тиэхиньикэ эргийэ барарга ыйыллыбыт кыараҕас уулуссаларынан кыайан ааспат. Ити ордук Крупская, Тимирязев уулуссаларыгар, Чернышескай уулуссатын 80 нүөмэригэр баар кууһунан атыылыыр баазаҕа чугаһыыр суолларга сыһыаннаах», – диэн бэлиэтээтэ предпринимательствоны Координациялыыр сүбэ чилиэнэ Ольга Николаева.
«Водоканал» ПАУо кылаабынай инженерэ ПАО «Водоканал» Андрей Аммосов Чернышевскай уулуссатыгар хааччахтааһын үс түһүмэҕинэн киирэрин санатта. Ол курдук, уулусса маннык учаастактарыгар хааччахтааһын киирэр:
— Чернышевскай уул., 1/7а (шиномонтаж мастарыскыайа) Гастелло уул. диэри, сэтинньи 5 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри;
— Гастелло уул. быһа охсуһуутуттан «Азия» Атыы-эргиэн киинигэр диэри 2022 сыл олунньу 15 күнүттэн 2022 сыл муус устар 22 күнүгэр диэри;
— «Азия» Атыы-эргиэн кииниттэн эргийэ барар суолга диэри, 2022 сыл муус устар 30 күнүттэн 2022 сыл бэс ыйын 1 күнүгэр диэри.
«Үлэ кэмигэр хайдах даҕаны хас биирдии предприниматель баҕа санаатын учуоттуур кыахпыт суох. Ол эрэн, үөскээбит балаһыанньаттан тахсар курдук сорох мэһэйдэри туоратар миэрэлэри ылыахпыт. Канализация коллектора куорат сайдыытыгар ураты стратегическай суолталаах, ол иһин тырааныспар сырыытыгар быстах кэмнээх ыарахаттарга өйдөбүллээхтик сыһыаннаһаргытыгар ыҥырабыт», – диэтэ Андрей Аммосов.
«Водоканал» ПАУо 3 №-дээх коллектор тутуутун кредитнэй сириэстибэлэр суоттарыгар ыытара этилиннэ. Итини таһынан, ити диэки оройуон олохтоохторо бары холбонор кыахтаналлар.
Куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко предприниателлэргэ таһаҕастарын, матырыйаалларын эрдэттэн тиэйэри былаанныылларын курдук эттэ. Предпринимателлэр Чернышевскай уулуссатын кэҥэтэр туһунан ыйыталастылар. Онуоха Антон Алексеенко уулусса түөрт балаһаҕа диэри кэҥиирин бигэргэттэ уонна билигин ити хайысханан үлэ былааҥҥа сылдьарын туһунан эттэ.
Мунньах түмүгүнэн хас биирдии предприниматель «Водоканал» ПАУо уонна Уокуруктааҕы дьаһалтаны кытта үлэлэһэргэ бэйэтин этиилэрин киллэрэрин туһунан быһаарыы ылылынна.
3-с №-дээх канализация коллекторын тутуутун өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2020 сыл ыам ыйыгар бигэргэппит. Бырайыак олоххо киирэригэр 3 млрд. солк. тахса үп көрүллүбүт. Канализация коллекторын уһуна – 5,8 км. Билиҥҥи туругунан эбийиэк тутуута 203 дьоҕус оройуонтан Чернышевскай уулуссатыгар, Күөх хонуу территориятыгар баар («Теплай» күөл аттыгар) 1220 м3/ч кыамталаах саҥа носуос станциятын дьиэтигэр диэри тиийбит.