06.12.2022 | 11:00 | Просмотров: 576

Кадеттар оскуолаларын бастакы сыбаайата түстэ

Ахсынньы 5 күнүгэр Дьокуускайдааҕы кадетскай интэринээт-оскуола үөрэтэр куорпуһун бастакы сыбаайата түстэ. Үс этээстээх дьиэ Марха дьоҕус оройуонугар, интэринээт-оскуола территориятыгар 2023 сылга тутуллуохтаах.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, итини сэргэ саҥа куорпуска «Авангард» ыччаты байыаннай патриотическай иитии киинэ үлэлиэҕэ. 

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко бэлиэтээбитинэн, Дьокуускайдааҕы кадетскай интэринээт-оскуола 2000 сылга тэриллибит уонна 22 сыл тухары саҥардыллыбатах.

«Бу наһаа күүтүүлээх түгэн уонна наадалаах эбийиэк. Оҕолор эргэрбит дьиэҕэ үөрэнэллэр, дьиҥнээх «армейскай» усулуобуйаҕа олороллор. Билигин федеральнай киин өйөбүлүнэн үөрэх инфраструктуратын саҥардыахпыт. Кэлэр сылга курсааннар уонна педагогтар саҥа 200 миэстэлээх үөрэтэр куорпустаныахтара уонна 125 миэстэлээх интэринээттэниэхтэрэ. Аныгылыы дьиэҕэ сүрүн предметтэри сэргэ байыаннай дьыала төрүтүн үөрэтиэхтэрэ», – диэтэ Андрей Тарасенко.

Үс этээстээх, 6 тыһ. кв. м. тахса иэннээх оскуола саҥа дьиэтэ икки блоктаах буолар.

Үөрэнэр блокка кэбиниэттэр, лабораториялар, лингафоннай кылаастар, ааҕар саалалаах библиотека, 120 миэстэлээх актовай саала, спордунан дьарыктанар, эбиэттиир саалалар, холл, учительскай, маһынан уонна тимиринэн уһанар мастарыскыайдар, автодело, итиэннэ профильнай бэлэмнэнии кылаастара уо.д.а. былааннаналлар.

Иккис блокка туспа киирэр ааннаах интэринээт буолар, манна 4-5 миэстэлээх утуйар хостор, медкэбиниэттэр, куруһуок, сынньалаҥ хосторо, душевой, прачечнай уо.д.а. баар буолуохтара.

Тутуу бэдэрээтчитэ – «ТСК+» ХЭТ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Бэлэх
Сонуннар | 06.11.2026 | 19:00
Бэлэх
олоххо буолбут түбэлтэ
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сонуннар | 06.11.2026 | 08:30
Сулусчут тугу сүбэлиир эбитий?
Сэтинньи 6 күнүнээҕи, бээтинсэтээҕи гороскоп.