Каадыр куонкуруһун кыайыылаахтара ааттаннылар
Кыайыылаахтар өрөспүүбүлүкэ каадырын резервэтигэр киирэр кыахтаннылар. Итиэннэ күрэх түмүгүнэн саамай элбэх бааллаах үс муҥутуур кыайыылаах аата билиннэ.
Ол курдук, Муҥутуур кыайыылаах кубогун хаһаайынынан Нюргуна Соколова буолла, иккис миэстэҕэ – Александр Баланов, үһүскэ – Рустам Шагабеев.
Регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Михайлов бэлиэтээбитинэн, тэрээһин бүтүн өрөспүүбүлүкэни хабан ыытылынна.
«Ким баҕалаах кыттарын курдук куонкуруһу аһаҕас оҥордубут. Кыттааччылар ортолоругар муниципальнай тэрээһиннэр, промышленнай тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ бааллара үөрдэр. Билигин эһиги өрөспүүбүлүкэни иннин хоту хамсатар дьиҥнээх хамаанда буоллугут дии саныыбын», – диэтэ Георгий Михайлов.
Куонкуруска кыттарга 500-тэн тахса сайаапка киирбитэ. Итинтэн тиһэх түһүмэххэ 104 киһи ааста.
Үс күн иһигэр финалистар үөрэҕирии уонна сайыннарыы тэрээһиннэригэр, итиэннэ салайыы саҥа ньымаларын киллэриигэ уонна лидер хаачыстыбаларын сайыннарыыга хамаанданан көхтөөхтүк кытыннылар.
Экспертнэй хамыыһыйаҕа олохтоох уонна федеральнай исписэлиистэр киирдилэр. Кинилэр кыттааччы бэйэтин санаатын сөпкө туруулаһарын, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кыһалҕаларын төһө өйдүүрүн, ситимнээх толкуйун уонна баһылыыр-көһүлүүр хаачыстыбатын, дьону сатаан көҕүлүүр дьоҕурун сыаналаатылар.
Федеральнай эксперт Марина Аверина бэлиэтээбитинэн, кыттааччылар номнуо өрөспүүбүлүкэ бырайыактарын олоххо киллэриигэ үлэлэһэр кыахтаах дьон ахсааныгар киирдилэр.