Көтөрү-сүүрэри харыстааҥ
Айсен Николаев-Лэҥкэ, Ньурба, Хорула: – “Киһи олох олороругар туох сыыһаны, алҕаһы эбэтэр үтүөнү оҥороро бэйэтигэр уон оччонон эргиллэр эбит” диэн миэхэ биир билэр оҕонньорум кэпсээбитэ. Кини анараа дойдуга аттанара аҕыйах күн хаалбыт этэ. Өлөрүн билбит курдук, “өбүгэлэрбэр айанныырым аҕыйах хонук хаалла” диэн муҥатыйан эппитэ. Оҕо сааһын санаан, ол кэмҥэ тугу оҥорбутун туһунан дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни кэпсээбитэ. Ол курдук, кыра сылдьан, сайын чугас тыалары кэрийэн тахсар эбит. Оҕо-оҕо курдук, чыычаах уйаларын, тураах сымыыттарын арагаайканан ытан өлөртүүрэ, алдьатара эбитэ үһү. Итинник хаста даҕаны көрүлээбитин кэнниттэн биирдэ тыа быыһыгар кырбый уйата турарын көрбүт. Ол муҥнаах, төһө даҕаны тыҥырахтаах көтөр буолбутун иһин, бэйэтин тыатыгар баар чыычаахтары, кутуйахтары хаһан даҕаны бултаабат эбит. Үксүн уйатыттан ыраах баран бултаан кэлэрэ үһү. Ити туһунан оҕонньоттор кэпсэтэллэрин истэр буолан, били уолбут, ийэ кырбый уйатыгар суох кэмигэр кэлээт, тиит үөһэ хатаастан тахсан, уйаны өҥөйөн көрбүт. Ол иһигэр үс кып-кыра кырбый оҕото баар үһү. Барахсаттар тылларын быктаран сыталлар эбит. Бу уолбут, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, кырбый оҕолорун биир-биир ылан тылларын быһа тардыталаан кэбиспит. Уонна туох даҕаны буолбатаҕын курдук дьиэтигэр барбыт.
Ити кэнниттэн сүүрбэччэ сыл ааспыт. Уолбут улаатан, киһи бэрдэ буолан, үөрэхтэнэн, таптыыр кыыһыныын ыал буолбут. Утуу-субуу үс оҕоломмуттар. Оҕолоро хаамар кэмнэригэр хаампыттар. Ол эрээри айахтарынан туох даҕаны дорҕоону таһаарбаттар эбит. Ити кэнниттэн төрөппүттэр аймананнар, араас балыыһалары кэрийбиттэр, хас даҕаны бырааска көрдөрүммүттэр. Түмүгэр, оҕолоро үһүөн төрүөхтэриттэн кыайан саҥарбаттар (глухонемойдар) эбит. “Таҥара туох айылаах накаастаатаҕай?” диэн ийэлээх аҕа хомойо, хоргута санаабыттар. Бу кэнниттэн төрдүс оҕолорун оҕоломмуттар. Хата, кинилэр дьоллоругар, саҥарар-иҥэрэр оҕо төрөөбүт. “Билигин түөрт уонча сыл ааста. Былырыын түһээтэхпинэ, дойдубар сылдьар эбиппин. Арай, биир кырбый көтөн кэллэ уонна уулаах хараҕынан мин диэки көрө-көрө “тоҕо оҕолорбун тыла суох гыммыккыный? Мин эйиэхэ туох куһаҕаны оҥорбуппунуй? Туох иһин?” – диэн киһилии саҥара-саҥара, уйаара-кэйээрэ суох ытаабыта. Ити кэнниттэн уһуктан кэлбитим. Сүрэҕим туох да ынырык күүскэ тэбэ сытара. “Туох дьикти түүлэй” дии санаан өр да өр толкуйдаабытым. Онтон эмискэ оччолорго оҕо сылдьан халы-мааргы быһыыламмыппын саныы биэрбитим. Оо, итини барытын эргитэр, уларытар киһи... Акаары, оҕотук санаабар сыыһа тутуннаҕым. Билигин ити оҥорбут аньыыбар үс оҕом үһүөн тыла суохтар, саҥарбаттар. Бэйэм ас барбат буолан сытабын. Кэмсинэн да хайыахпыный, ааспыт аастаҕа.
Эһиги, эдэр дьон, мин оҥорбут аньыыбын-харабын хатылаабат буолаарыҥ. Кыылга-сүөлгэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Мин буруйбун таҥара бырастыы гыныа дуо”, – диэт, оҕонньорум барахсан кыра оҕолуу марылаччы ытаабыта. Кырдьаҕас киһи оҥорбут хара аньыытыттан билигин кэлэн ыардык кэмсинэрэ көрөргө ынырык хартыына. Онон, күндү дьонум, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр көтөрү-сүүрэри харыстыы, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһа сылдьалларыгар үөрэтиҥ. Өбүгэ сиэрин-туомун өрүү тутуһа сырыттыннар диэм этэ.