«Көһө сылдьар түмэл» саҥа киинэ сүрэхтэннэ
Киинэ Саха сиригэр олорор норуоттар култуураларын көрдөрөр ис хоһоонноох. Манна Туймаада ыһыаҕыттан, Санкт-Петербург куоракка устуулартан быһа тардыылар киирбиттэр, оттон киинэ устатын тухары Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин дириэктэрэ Мария Корнилова иилээн-саҕалаан көрдөрөр-иһитиннэрэр, онон киинэ сүрүн дьоруойа кини диэтэхпинэ, сыыстарбатым буолуо. Ону таһынан «Кыл саха» бөлөх кыттыылаахтара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыстара Анна уонна Афанасий Томскайдар, маастар-виртуоз Руслан Габышев бэйэтэ оҥорон таһаарбыт кырыымпаларыгар толоруулара киирбитэ киинэни ордук байытан биэрбит.
Режиссер Мила Кудряшова этэринэн, киинэҕэ анаан 8 чаас усталаах матырыйаал уһуллубутуттан 40 мүнүүтэ эрэ киирбит. Ол да буоллар, дьиктитэ диэн, ити 40 мүнүүтэ киинэ ис хоһоонун, сыалын-соругун толору биэрэр. Өссө биир уратытынан киинэни бэлэмэ суох киһи бастаан утаа уус-уран дуу, арт-хаус жанрдаах дуу диэн көрүөн сөп. Онон “Көһө сылдьар түмэл”, кырдьык да, түмэл үлэтин сырдатар чахчы да кэрэхсэбиллээх айымньы буолбут.
Киинэ уһуллуута, биллэн турар, СӨ култууратын министиэристибэтин кытта ыкса ситимнээх үлэни ирдээбитэ.
Афанасий Ноев, СӨ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ:
— “Көһө сылдьар түмэл” — бу биһиги култуурабытын, музыкабытын, историябытын, хотугу киһи дууһатын көрдөрөр бырайыак. Былырыын түмэл дойдубут култуурунай киинигэр Санкт-Петербург куоракка баран кэлбитэ. Онон бу киинэ биһиги — эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүкээгирдэр, чукчалар, сахалар — олохпут, уопсайынан, Арассыыйа кыра норуоттарын олоҕун үгүс өрүтүн, ис хоһоонун барытын көрдөрөр уһулуччулаах бырайыак. Инньэ гынан режиссер Мила Кудряшоваҕа махтанабыт.
Биллэн турар, биһиги уратыбыт, баайбыт — тылбыт, искусствобыт, култуурабыт. Ону биһиги харыстыахтаахпыт, сүтэриэ суохтаахпыт. Ону бу киинэҕэ биһиги түмэллэрбит дьэҥкэтик көрдөрөллөр. Мин баҕа санаам диэн, бу курдук атын регионнар биһиэхэ устан барар киинэлэригэр биһиги, төрүт олохтоох норуоттар, сүрүн оруолу оонньуохтаахпыт. Атын сиртэн кэлэн киинэни устан баран атыны кэпсээтэхтэринэ, табыллыбат.
Мария Корнилова, Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин дириэктэрэ:
— Олохпут бүттүүнүн дьыалатын, "Көһө сылдьар түмэл" киинэбитин киэҥ эйгэҕэ таһаардыбыт. 2019 сылга аан бастаан Миланы көрсөн, бииргэ үлэлэһэн, аныгылыы эттэххэ, хардарыта барыстаах сөбүлэһиини түһэрсибиппит. Уонна, саамай сүрүнэ, мин кэлэктииппэр махтаныахпын баҕарабын. "Көһө сылдьар түмэл" бырайыак номнуо 10 сыл үлэлии сылдьар, ол тухары өрөспүүбүлүкэбит бары улуустарынан көһө сылдьан, Саха сирин култууратын пропагандалаатыбыт. Фольклортан саҕалаан, музыка искусствотыгар тиийэ. Онон бырайыагынан түмэл үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, култуура уонна искусство бары деятеллэрэ дьарыктаналлар. Түмэл — төрөөбүт култуурабытын харыстааһыҥҥа уонна киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга үлэлиир дьон түмсэр киинэ.
Мила Кудряшова, режиссер:
— Бу биһиги Саха сиригэр оҥоһуллубут 7-с бырайакпыт. Барыгытыгар махтаныахпын баҕарабын, бу — биһиги бары уопсай үлэбит түмүгэ. Киинэ идеята Мария Корнилова Санкт-Петербурга форумҥа кэлбитигэр төрөөбүтэ. Биһиги бииргэ олорон сэһэргэһэн баран "Арай түмэл туһунан экспонаттар нөҥүө буолбакка, бүтүн түмэл нөҥүө кэпсээтэхпитинэ?" диэн санааҕа кэлбиппит. Тоҕо диэтэххэ, экспонаттар эрэ буолбакка, түмэл кэлэктиибэ хайдах үлэлиирэ эмиэ интэриэһинэй, ону таһынан итини барытын чуҥкуга суохтук уонна үөрэ-көтө көрдөрөргө быһаарыммыппыт. Онон киинэҕэ “за кадром” туох буола турарын, түмэл үлэһиттэрэ көһөргө бэлэмнэнэллэрин, атын куоракка тугу гыналларын көрдөрдүбүт.
Холобура, миэхэ, дойду атын уһугар олорор киһиэхэ, эһиги култуураҕыт, үгэскит сибиэһэй салгын курдук. Онон эһиги култуураҕыт, историяҕыт, духуобунай баайгыт кэрэхсэнэригэр бэйэм кылааппын киллэрэрбиттэн астынабын.
Эһиил киинэлэрбитин виртуальнай быыстапкалаах култуурунай кииннэргэ көрдөрөргө былаанныыбыт. Оттон "Көһө сылдьар түмэл" сотору Бурятияҕа барыаҕа. Өссө антипод регионнар бэйэ-бэйэлэрин билсэр, өйөһөр "Ялта+Якутия" ("Я+Я") бырайыак үлэтин саҕалыаҕа. Итиэннэ 3 саҥа киинэни уһулуохпутун баҕарабыт: "Снежный человек: рождение легенды" — Чучунаа брендын өрө тутуу, Саха сиригэр креативнай индустрияны сайыннарыы туһунан. Манна эмиэ Саха сириттэн, Мурманскай уобаластан, Ленинград уобалаһыттан хамаандалар үлэлиэхтэрэ. Иккис киинэ — баҕа санаалар туолалларын туһунан, научнай-популярнай жанрга. Уонна үһүс киинэ — Бриллиантовай циркэҕэ Сергей Расторгуев кылаатын туһунан.
“Көһө сылдьар түмэл” киинэни Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлигэр хас субуота ахсын көрүөххэ сөп.