Күүскэ үлэлии сылдьыа этэ
Кикбоксиҥҥа аан дойду үс төгүллээх чемпиона Иннокентий Макаров биһиги кэккэбититтэн хомолтолоохтук туораабыта үс сылын ааста. Бу ыйга 46 сааһын туолан, күүскэ үлэлии-хамсыы сылдьыа этэ.
Кини сырдык кэриэһигэр кинигэ тахсыбыта, турнир ыытыллар. Мантан аллара Иннокентийы кытта элбэхтик алтыспыт Александр Попов ахтыытын бэчээттиибит.
Хас биирдии көрсүбүт киһибит тус-туспа, уратылаах буолар. Биһигини олох араас эндиригэр үөрэтэр сырдык аналлаах.
Дьонум - олоҕум сорҕото буолаҥҥыт өйбүттэн сүппэттик хаалаҕыт.
Эһиги сахпыт чаҕыл кыымҥыт дьолго-кэрэҕэ угуйар, Чаҕылхай сулустуу умайар...
1991 сыллаахха Андрей Артамонов «Гражданпроект» институт дьиэтигэр «Саха Боотурдара» диэн кулууп аһан, уолаттары хомуйан дьарыктыы сылдьара. Онно Андрей Юльевичка кикбоксинг бастакы сулустарын Афанасий Бурцев, Иван Марков, Василий Павлов, Виталий Шадрин курдук күүстээх чулуу уолаттары кытта Кеша аан бастаан эрчиллиитин саҕалаабыта. Оччолорго кикбоксинг саҥа үөдүйэн эрэр, олох саҥа көрүҥ этэ.
Ити кэмҥэ мин өрөспүүбүлүкэтээҕи спорт үрдүкү ситиһиилэрин управлениетыгар үлэлиирим. Онно салайааччым Юрий Петрович Баишев миигин кикбоксиҥҥа сыһыарбыта. Онон 1992 сылтан мин ити саҥа тахсан эрэр көрүҥҥэ куратор буолбутум. Василий Иванович Егоров (кини Арассыыйа үтүөлээх тренерэ буолбута), Евгений Михайлович Егоров, боксаҕа ССРС спордун аан дойдутааҕы таһымнаах маастара Александр Михайлович Михайлов кикбоксиҥҥа тренердииллэрэ, ыччаты үөрэтэллэрэ.
Бастаан, федерация суох эрдэҕинэ, СГУ иһигэр «Кут-сүр» диэн кулуубу Егоровтар уонна Михайлов тэрийбиттэрэ. Онтон СӨ оччотооҕу премьер-министр Е.А. Борисов ылсыһан, ити уолаттар кикбоксинг федерациятын олохтообуттара, Егор Афанасьевиһы бэрэсидьиэнинэн, миигин толорооччу дириэктэринэн талбыттара. Дьэ, итинтэн ыла саҕалаан, олус күүстээх үлэ ыытыллыбыта. Ити дуоһунаска уон сыл устата (1993—2003 сс) үлэлээбитим.
Ситиһиилэр да бааллара, ол туһунан саха дьоно-норуота бэркэ билэр. Ол уон сылбар кикбоксиҥҥа спорт норуоттар аан дойдутааҕы таһымнаах 20уонна Арассыыйа спордун 2 үтүөлээх маастара иитиллэн, Арассыыйа 4 үтүөлээх тренерэ бэлэмнэнэн тахсыбыта. Ханнык баҕарар үлэҕэ докумуону кэмигэр толоруу улахан оруоллаах. Ол курдук, биһиги оҕолорбут ситиһиилэрин түргэнник кумааҕыга тиһэ охсон, сонно тутатына тиэрдэн иһэр буоламмыт, спортсменнарбыт бириэмэтигэр ааттарын-суолларын ылан испиттэрэ.
Ол кэмҥэ мин Кеша Макаровы кытта билсибитим. Томпо Мэҥэ Алданыгар төрөөбүт, онно улааппыт оҕо. Кыра уҥуохтаах, хатыҥыр, саҥа оскуоланы бүтэрэн кэлэн университекка үөрэнэ киирбит этэ. Сүрдээх саҥалаах-иҥэлээх, киирбит-тахсыбыт уолчаан киһи хараҕар тута быраҕыллара, дьон болҕомтотун тардара. Кини дьарыкка сылдьар оҕолортон ойуччу баарын биллэрэр этэ. Хайаан даҕаны бастакынан бэйэтин санаатын этэрэ, өйдөөбөккө хааллаҕына булгуччу ыйытара, баһылаабыт албаһын, билбит ньыматын бастакынан барыбытыгар көрдөрөрө. Уопсайынан, атыттар курдук кэмчиэрийэн, толлон олорбот буолара. Сороҕор мөккүһэн да туран кэлэрэ, ол эрэн үксүгэр сөпкө саҥарара. Кини дойдутугар дьоһуннаан дьарыктыыр тренер эбит. Онон уолаттар ханнык баҕарар тыа нэһилиэгэр бэйэлэрэ мустан, сөбүлүүр көрүҥнэринэн, ордук тустуунан, боксанан тугу толкуйдуулларынан дьарыктанан араас албастары үөрэтэллэрэ, оонньуу-көр курдук эрчиллэллэрэ. Онон 1992 сыллаахха университекка педагогическай факультет физкультурнай салаатыгар үөрэнэ киирэригэр улахан ситиһиитэ суоҕа. Ол эрэн, айылҕаттан баардааҕа биллэрэ.
Онтон ыла Кешаны кытта өр сыллаах алтыһыыбыт саҕаламмыта, мин төһө да аҕа саастаах буолларбын, доҕордуу сыһыаммыт олохтоммута. Мин Кешаны элбэх күрэхтэһиигэ илдьэ сылдьыбытым. Онон өр кэмҥэ эн-мин дэһэн, нэммитин билсэн кэллэхпит.
1994 сыллаахха Португалияҕа, Лиссабон куоракка, Европа чемпионатыгар барбыппыт. Онно 3 уолбут континент чемпионнара буолтара. Эһиилигэр, сэтинньи 23-28 күннэригэр, Украина киин куоратыгар Киевкэ аан дойду 10-с, үбүлүөйдээх чемпионатыгар тиийбиппит. Мин онно Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын начальнигын быһыытынан барсыбытым, судьуйалыыр Александр Аммосович Куприяновтыын биир нүөмэргэ түһэ сытабыт. Онно Кеша сотору-сотору хоспутугар киирэн, сорбутун сордуур. Күрэхтэһиини видеоҕа устар эбит уонна хоспут тэлэбиисэригэр холбоон, биһиэхэ көрдөрөр. Ол киирсиилэри көрө-көрө, быыһыгар боппуруос бөҕө биэрэр. Биһиги тэрийэр боппуруоспут элбэх, сороҕор кыратык сытан ылан сынньаныахпытын да баҕарарбыт баа буолбатах... Киһибит киирэн ыйытыктарынан көмөр, эмиэ да интервью ылар. Онтон хоһугар киирбиппит, онно дьэ уолаттарыгар көрдөрө-көрдөрө, кэпсиир эбит – утарылаһааччылара ханнык албастаахтарын, ким хайдах охсорун эбэтэр тэбэрин, ону утары хайдах көмүскэнэрин, эбэтэр бэйэтэ хайдах атаакалыырын ырытар, бэлэмнэнэр.
Иннокентий Макаров Киевкэ 1-кы миэстэҕэ тахсан, аан дойду чемпионун үрдүк аатын ылбыта. Ол иннинэ Челябинскайга Азия чемпионатыгар бастаабыта. Канадаҕа баран, эмиэ үчүгэйдик киирсэн кэлбитэ.
Мин билиҥҥэ диэри өйдүү сылдьабын, ол кэмнэри... Кеша олус элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх уол этэ. 1995 сыл сэтинньи бүтүүтэ кэллибит. Кикбоксинг федерацията 2-с сылын субуруччу олимпийскайа суох көрүҥнэргэ бастыҥ буолла. Биһиги үтүө түмүктээх буоламмыт үөрүү-көтүү бөҕө. Мин «Кыайыы 50 сыла» спорт дыбарыаһыгар, спорт управлениетыгар үлэлии олорон, уолбар: «Кеша, эн өрөспүүбүлүкэ уон бастыҥ спортсменын ахсааныгар киирдиҥ. Онон наҕараадалааһыҥҥа үчүгэй көстүүмнэ кэтэн кэлээр эрэ», – диэтим. Онуоха Кешам, хата, хап-сабар: «Убаай, миэхэ көстүүмнэ уларыс эрэ», – диэн урутаата. Уолум уҥуоҕунан оруобуна мин саҕа, бэйэм үлэһит киһи син көстүүмнэрдээх буоллаҕым дии, онон биири талан биэрдим.
Онтон 1996, эһиилги сыл олунньутугар, Кешаны дойдутугар Томпоҕо чиэстээһин тэрийэр буоллулар. Онно биһиги биир ытыктанар убайбытын Вячеслав Павлович Карповы кытта Мэҥэ Алдаҥҥа айаннаатыбыт. Арай хайалаах сиргэ тиийбиппит, олунньу томороон тымныытыгар үрэхтэрэ сүүрдэ сытар эбит. Мин, дойду киһитэ, оннугу аан бастаан көрөммүн, сөҕүү-махтайыы бөҕө буоллум. Тыбыс-тымныы, ып-ыраас ууну ытыспытынан сомсон ылан истибит.
Кулуупка үөрэ-көтө көрүстүлэр. Биһиги, куораттан чиэстээһиҥҥэ анаан тиийэн кэлбит дьон быһыытынан, дьоһуннаахтык туттан олоробут. Иккис эрээккэ олордохпутуна, иннибитигэр саһыл саҕалаах кэрэ куолар кэлэн, кэккэлэһэн кэбистилэр. Вячеслав Павлович, бэрт дьээбэлээх киһи, миигин киксэрэр: «Ыйыт эрэ, кимнээхтэрий?» – диэн. Харса суохпун киллэрэн: «Кыргыттаар, хантан сылдьаҕытый?» – ыйытааччы буоллум. Онуоха биир чобуо кыыс: «Саһылларбыт ээ»,– диэн бэрт түргэнник хоруйдаата. Вячеслав Павлович ону сыыска түһэрбэтэ: «Эһиги саһыллар буоллаххытына, биһиги – бөрөлөрбүт», – дии оҕуста. Онтон билбиппит, кыргыттарбыт Кешабыт ийэтин кытта бииргэ төрөөбүт убайдарын уонна эдьиийдэрин оҕолоро Саһыл диэн нэһилиэктэн бырааттарын чиэстээһиҥҥэ кэлбиттэр эбит.
Онтон алтынньы ыйга аны Өлүөхүмэҕэ, онно Токоҕо Кеша аҕата нэһилиэк баһылыгынан үлэлии олорор этэ. Василий Иннокентьевич, Тамара Гаврильевна биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Биир дойдулаахтара уоллара аан дойду чемпиона буолбутунан киэн тутта чиэстээбиттэрэ. Онно Василий Иннокентьевич Кешаҕа туһаайан: «Бу Александр Андреевичка олох аҕаҥ курдук саныыр уонна сыһыаннаһар буолаар», – диэн кэс тылын эппитэ. Уонна онтугар эбэн, чиҥэтэн биэрбитэ: «Истибэтэҕинэ, миэхэ этээр», – диэн мүчүк гыммыта. Онтон ыла Кеша, кырдьык, олохтон барыар диэри, миэхэ аҕатыгар курдук сыһыаннаспыта.
Ол сылдьан мин Кешаны: «Хайа, доҕор, көстүүммүн хаһан төнүннэрэҕин?» – диэн наар дьээбэлиирим. Арай, Кеша эмискэ эрийдэ:
–Андреевич, «Туймаада» ТРК кэл», – диэтэ. Мин дьиктиргээтим да, эппит сиригэр тиийдим. Киһим эр киһи таҥаһын маҕаһыыныгар киллэрдэ. Атын ким да суох, Кеша атыыһыкка: «Этого дедушку оденьте за мой счет», – диэн көрдөстө. 60 сааспын бэлиэтиирбин билэ сылдьан, олус үчүгэй көстүүмнээн кэбистэ: «Андреевич, иэспин дьэ төлөстүм», – дии-дии күлэн тииһэ кэчигириир. Кеша итинник күлэри-үөрэри, дьээбэлэнэри сөбүлүүр, эппит тылын толорор идэлээх этэ.
90-с дьалхааннаах сылларга биһиэхэ дьарыктанар уолаттарбытын улдьаарбаттарын, куһаҕан дьаллыктарга сыстыбаттарын, иллэҥ кэмнэрин туһалаахтык атааралларын ситиһэ сатыырбыт.
Кеша дьон ыарахан кэмигэр эмиэ туора турбата. 1996 сыллаахха Анаабыр уола Алексей Васильев оһолго түбэһэн, олохтон туораабыта. Онно көрдүүргэ барабын диэбиппэр, Иннокентий Макаров табаарыһа Уйусхаан Барашковтыын миигин кытта барсыбыттара. Онно тиийэн, уолбутун биир ыйы быһа көрдөөбүппүт.
Кэлин ситэн, олоҕун кэрдиистэринэн үүнэн-сайдан истэҕин аайы, кини былааннара, онтун олоххо киллэриитэ далааһыннанан испитэ. Холобур, «Саталы» тэрийэллэригэр миэхэ элбэх суругу киллэрэн, «бегуногун» толорууга илии баттатарга көмөлөһүннэрбитэ. Онно кини Виталий Шадринныын олус элбэх үлэни көрсүбүттэрэ, барытын ситэрбиттэрэ. Инньэ гынан, элбэх ыччат, спортсмен дьиэ-уот тэринэн, олохторун оҥостоллоругар күүс-көмө буолбута.
Иннокентий Макаров бизнесмен, уопсастыбаннай деятель, спортивнай салайааччы, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга быһыытынан улахан ытыктабылынан туһанара, кинини билэр дьон, доҕотторо, табаарыстара, бииргэ үлэлэспит партнердара убаастыыллара. Бизнескэ киирэн, бу ураты эйгэ кистэлэҥнэрин дьаныардаахтык үөрэтэн, үүнэн-сайдан испитэ. Иннокентий Макаров тарбахха баттанар аҕыйах дьон ахсааныгар киирэрэ, биһиги киниттэн элбэҕи кэтэспиппит, эрэнэрбит. Онтубут бу быстах дьылҕаланан, былаҕайга былдьанан олус эрдэ олохтон туораабыта улахан хомолтолоох, биһиги бары хараастабыт. Өр сылларга – үйэ чиэппэриттэн ордук кэмҥэ бииргэ эҥээрдэспит буоламмын, мин ордук хоргутабын.
Киһи быһыытынан айдаана суох, дьону кытта этиһэрин-аахсарын сөбүлээбэт киһи этэ. Ол гынан баран, ханнык баҕарар түгэҥҥэ бэйэтин санаатын аһаҕастык этэрэ, биир киһиэхэ буоллун, биэс киһиэхэ буоллун.... Хаһан да толлубат, кэтэҕэмэйдээбэт буолара. Үгүс дьоҥҥо ыарахан кэмнэригэр көмөлөспүтэ, ханнык да хос, кэтэх санаата суох, сүрэҕин баҕатынан. Спортсменнар атахтарыгар туралларыгар күүс-көмө буолара, ордук чуолаан Сунтаар кикбоксер кыргыттарыгар, холобур, Лида Андрееваҕа учаастак анаан, дьиэ туттар кыах биэрбитэ. Кини кимиэхэ да кэпсээн оҥостубакка, түөһүн тоҥсуммакка, итинник элбэх киһиэхэ көмөлөспүт буолуохтаах. Бу барыта кини сүрэҕин сылааһыттан, улахан өйүттэн, дьону өйдүүр дьоҕуруттан тахсар буоллаҕа.
Кеша олоҕу олус күүскэ таптыыра, үлэтин чэрчитинэн элбэх кэлиилээх-барыылаах буолара. Кылгас үйэлэнэр буолан быһыылаах, спортан туораан баран, уһуна суох кэм иһигэр бизнескэ чиҥник үктэнэн киирбитэ. Кини биһиги харахпыт далыгар сылдьан улааппыта-сиппитэ. Аан дойдуга аатыран, төрөөбүт Сахатын сиригэр билигин да көмөлөһө, ыйа-кэрдэ сылдьыа этэ. Мин 25 сылтан ордук спорт эйгэтигэр үлэлээн кэллим, ол тухары бастыҥ, чулууттан чулуу уолаттарбытын – Александр Иванову, Иннокентий Макаровы сүтэрбиппититтэн улаханнык абарабын... Чаҕылхай уолаттар итинник кылгас олохтоноллоро биһиэхэ, иитэн таһаарсыбыт дьоҥҥо, салайааччыларга сүрдээх охсуулаах.
Иннокентий улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга этэ, сэттэ оҕолооҕо. Кинилэр атахтарыгар туралларыгар барыларыгар ситиһэн, сорохторо бэлиэр ыал буолан олороллор. Онон оҕолор аҕаларын суолун салҕыахтара диэн бигэтик эрэнэбин.