Үҥкүү ситимниир күүһэ
Былыр-былыргыттан саха киһитэ орто дойдуга кэлиэҕиттэн кэрэни өйдүүр. Ол курдук, улуу олоҥхотугар куруутун үтүө санаа баһыйарын хоһуйар, ырыатынан-тойугунан сырдык санааны өрө тутар, оһуохайынан орто дойду одурууннаах олоҕор бары кэрэни туойар.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтигэр Д. Ходулов аатынан саҥа култуура киинигэр кулун тутар 28 күнүгэр «Үҥкүү ситимниир күүһэ» диэн доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи инклюзивнай үҥкүү куонкуруһа буолан ааста.
Манна Сунтаартан, Бүлүүттэн, Чурапчыттан, Амматтан, Хаҥаластан, Намтан, Уус-Алдантан, Мэҥэттэн, Дьокуускайтан кыттыыны ыллылар.
«Кэлээскэлээх үҥкүү»
1 миэстэ – Григорьев Роберт Григорьевич, Тимофеева Вера Петровна, «Амма долгуна», Амма улууһа.
2 – Винокурова Елизавета Николаевна, Кривошапкин Михаил Прокопьевич, «Хотугу үҥкүү», Чурапчы улууһа.
3 – Захаров Дьулустан Иванович, Слепцова Александра Петровна, « Ыйдаҥалаах түүн», Дьокуускай.
4 – Кириллин Василий Павлович, Павлова Надежда Николаевна, «Сааскы вальс», Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.
5 – Максимов Александр Александрович, Гаврильева Ирина Петровна, «Вальс», Бүлүү улууһа.
18 саастарыттан 40 саастаах дьоҥҥо:
1 миэстэ – Пермяков Владимир Егорович, Михайлова Галина Юрьевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.
2 – Крылов Спиридон Дмитриевич, Аммосова Сусанна Семеновна, Уус-Алдан улууһа.
3 – Винокуров Николай Яковлевич, Васильева Мираслава Федоровна, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
4 – Иванов Григорий Григорьевич, Григорьева Анна Дмитриевна, Сунтаар улууһа.
5 – Максимов Александр Александрович, Федорова Светлана Парфеньевна, Бүлүү улууһа.
6 – Константинов Степан Софронович, Сысолятина Уйгулана, Амма улууһа.
40 саастарыттан үөһээ:
1 миэстэ Чириков Николай Афанасьевич, Павлова Надежда Николаевна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.
2 – Макаров Гаврил Алампадьевич, Федорова Парасковья Васильевна, Нам улууһа.
3 – Гаврильев Егор Гаврильевич, Соловьева Мария Сильвестровна, Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.
4 – Новгородов Михаил Михайлович, Новгородова Надежда Николаевна, Нам улууһа.
5 – Кондратьев Николай Семенович, Иванова Татьяна Михайловна, Хаҥалас улууһа.
6 – Капрынов Герасим Иннокентьевич, Капрынова Мария Петровна, Чурапчы улууһа.
Ити курдук, үҥкүү кэрэ эйгэтин сөбүлээччилэрин дьоро киэһэтин кыайыылаахтара үөрүү үктэллээх сыаналаах бириис туттулар.