21.08.2020 | 18:33

Күрэхтэһиилэргэ, эрчиллиилэргэ...

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьаҥтан сэрэнии син биир тутуһуллар

Спортивнай түһүлгэлэргэ соҕуруу күрэхтэһиилэр саҕаламмыттара балайда буолла.  Өрөспүүбүлүкэбитигэр саалалар аһыллан эрэллэр. Ол гынан куораттар, бөһүөлэктэр аайы хааччах бэрээдэгэ тус-туһунан.  

Абаҕаттан Американан Москваҕа   

Амма Абаҕатын Строд аатынан ТХПК ат спордугар улахан соруктаах үлэлиир. Былырыын АХШ аукционуттан  Норт Сейвер диэн икки саастаах атыыры атыыласпыттара. Ол аттарын сэргэ кинилэр уоллара Спиридон Тимофеев Волгоградтан атыылаһыллан эмиэ Москваҕа аҕалыллыбыт 3 саастаах Поло Сонг диэн биэни көрөр-истэр. Ольга Полушкина салалтатынан киин ипподромҥа  икки саха уолун кытта барыта 12 аты  дьарыктыыллар.

Соторутааҕыта Норт Сейвер  дойду Киин Ипподромугар күрэхтэһиигэ бастакы холонооччуларга талыллан киирэн, бары биллэриилэргэ уонна 1200 м сүүрэн биэтэккэ бастакынан кэлэн, аттар историяларын статистикатыгар  бэйэтин кытта төрүттэрин, бас билэр  сопхуоһун, сүүрдээччитин ааттарын киллэрдэ. 

Аты Амма Абаҕатыттан төрүттээх Спиридон Тимофеев сүүрдүбүтүнэн, ол статистикаҕа хаһыс да төгүлүн эбии сурулунна.

Дойду аттарга саамай улахан  түһүлгэтигэр ботуччу бириистэри былдьаһыыларга саха уолаттарыгар атыттар  аттарын эрчийтэрэллэр, үүннэтэллэр – бу чахчы билиниигэ, эрэниигэ киирии.

Атырдьах ыйын 16 күнүгэр Спиридон Тимофеев Москватааҕы Киин Ипподромҥа үһүс кыайыытын кэннэ ыраас хааннаах сүүрүк боруодалар бырааһынньыктарын чиэһигэр бириискэ нэдиэлэ анараа өттүгэр 23 №-дээх сүүрүүгэ бастаппыт түөрт саастаах атын Голден Тай ыҥыырыгар олорон киирдэ. Стартка тэҥҥэ түһүү кэннэ инникилэтэн испитэ. Кинини аан дойдутааҕы таһымнаах  сүүрдээччи   Мырзабек  Каппушев бэйэтин курдук уопуттаах, былырыын РФ бэрэсидьиэнин уонна шахтердар хастыы да мөлүйүөннээх  бириистэрин хаһаайына, “Сыл бастыҥ ата” ааты сүгэ сылдьар,  Дерби-2015 уонна да атын улахан кыайыылардаах, аҕыс саастаах   Центурион диэн атынан ойоҕолуу испитэ. Бу икки Америкаттан   аҕалыллыбыт, хос-хос эһэлэриттэн-эбэлэриттэн аҕаларыгар-ийэлэригэр тиийэ акыйаан уҥуор  селекцияламмыт английскай сүүрүк боруодалар атыттарга бастакыттан түмүккэ диэри  инники сылдьыбыттара. Дистанция ортотуттан Центурион ситэн, биэтэккэ лаппа чорбойдо. Доннааҕы сылгы собуотун ата ити  37-c cүүрүүтүгэр биирдэ эрэ миэстэҕэ киирбэтэх, бу уон алтыһын бастааһынынан бириистэрин суумата 30 мөлүйүөн 442 800 солкуобайга тиийдэ.  Голден Тай иккис буолан, Ольга Полушкина  хамаандатыгар 60000 солкуобайы эптэ. Кылаабынай бэйэтэ онна сүүрдээччитэ ити бастыҥнардыын хатыһан улахан уопут ыллылар. 

Спиридон Тимофеев  от ыйын 4 күнүгэр Ил Дархан бирииһигэр Мейзи Кинг 2400 м иккис миэстэҕэ таһааран, 1 200 000 солк. суумалаах бириискэ тиксибитэ. Онно  2000 м Арктик Бойу бастатан, 1000 м Варадероны иккис таһааран сопхуоһугар эбии бириистэри илдьиспитэ.  

Спиридон Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын Академиятыгар үөрэнэн экэнэмиис идэтин ылбыта. Билигин эмиэ бу үөрэх кыһатыгар сылгыга билиитин-көрүүтүн чиҥэтээри, зоотехник идэтигэр кэтэхтэн үөрэнэр. Аармыйаҕа сулууспалыы барыан иннинэ Казань куоратын ипподромугар биир сыл үлэлээбитэ. Билиги ити Москватааҕы Киин  ипподромҥа Голден Тайы сэргэ Волгоградтан атыылаһыллыбыт 3 саастаах Поло Сонг диэн биэни көрөр-истэр. Икки саха уолунуун биллэр тренер Ольга Полушкина салалтатынан 12 аты эрчийэллэр.

Строд аатынан ТХПК ат диэн баран муннукка ытаабыт дьоно соторутааҕыта маннык интервьюлары биэрбиттэрэ.

Спиридон Тимофеев:  “Ат сүүрдээччигэ эмиэ кэккэ ирдэбиллэр тураллар. Уопут улахан оруолу оонньуур. Спорт сорох көрүҥнэригэр курдук күрэхтэһии иннигэр уонна күрэхтэһии кэнниттэн ыйааһыммытыгар иккитэ бэрэбиэркэни ааһабыт. Бэйэм волейболга оскуолаҕа, академияҕа үөрэнэ сылдьан улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар оонньообутум. Сылгыларга сыстан улааппыппар эһэлэрим ат тренерэ Василий Васильевич Тимофеев уонна булчут Эрнест Васильевич Яковлев, аҕам Василий Васильевич Тимофеев сабыдыаллара улахан. Бары сылгыһыттаабыттара, ат баайбыттара, сүүрдүбүттэрэ. Манна биллэр уопуттаах тренер Николай Громов Москваны кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Бэйэм хаһаайыстыба исписэлииһэ буолабын. Сахам сиригэр ат спорда сайдарыгар тус кылааппын киллэрэр баҕалаах үлэлии- хамсыы сылдьабын».

Николай Громов:

«Хаҥалас Нөмүгүтүттэн төрүттээхпин. Абаҕаҕа биэс сыл тренеринэн үлэлээтим. Манна ахсыс сылын Строд аатынан бөдөҥ хаһаайыстыбаны таһаарыылаахтык салайар Василий Васильевич Тимофеев улахан өйөбүлүнэн  ат спордугар улахан болҕомто ууруллар. Кыһыннары-сайыннары төрдүө буолан аттарбытын дьарыктыыбыт. Бэйэм Москва ипподромугар алта сыл үлэлээбитим. Билигин Спиридон Тимофеевы ыытан үөрэттэрэ сылдьабыт. Ат спорда Сахабыт сиригэр, Аммаҕа салгыы сайдарыгар баҕабыт улахан».

Саха боксердара Москва чемпионатыгар

Эмиэ Москваҕа, «Измайлово» спорт уораҕайыгар  атырдьах ыйын 10-15 күннэригэр  эр дьоҥҥо уонна дьахталларга киин куорат боксаҕа чемпионата ыытылынна. Манна  29 дьахтар уонна  94 эр киһи – барыта  123 боксер рингэҕэ кииристэ.

49 кг диэри ыйааһыннаахтарга саха уола,  Арассыыйа спордун маастара Борис Сидоров бастаата. Биһиги боксербут Москва сүүмэрдэммит хамаандатыгар талыллан, дойду   чемпионатыгар барар путевканы ылла, ону таһынан  Арассыыйа Кубогар испииһэккэ киирдэ.

Өссө биир саха Назар Андреев 75 кг диэри ыйааһыҥҥа үрүҥ көмүс мэтээли ылла. Финалга кини Мурад Рабадановка кыайтарда. 

Чемпионат кыайыылаахтара уонна призердара дипломнары, кубоктары уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри: боксер шлемнарынан уонна перчаткаларынан наҕараадаланнылар. 

Бары  медалистар ону тэҥэ: 1-кы миэстэҕэ — 100 000, 2-с миэстэҕэ — 75 000, 3-с миэстэҕэ — 50 000 солкуобайдыы харчыны туттулар.  

4 миэтэрэ иһигэр

Саха сирин баһылыга атырдьах ыйын 14 күнүттэн таһырдьа спорт балаһааккалары, стадионнары, фитнес-кулууптары уонна тренажернай саалалары аһар туһунан Уураахха илии баттаата. Бүтэһиктээх усулуобуйа – дьарыктанааччылар икки ардылара 4 миэтэрэттэн кылгас буолуо суохтаах. Биир кэмҥэ эбийиэк кээмэйин, кыамтатын  учуоттаан, киһи ахсаана уларыйа сылдьыан сөп диэн спорт министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бүгүҥҥү кэмҥэ физическэй култуура уонна спорт тэрилтэлэригэр Биир кэлим Стандарт оҥоһулунна. «Спорт эбийиэктэригэр сүрүн ирдэбил – санитарнай нуорманы тутуһуу: ол аата  илиини соттор санитайзердары туруоруу,   киирэн иһээччилэр  температураларын кээмэйдээһин, социальнай дистанцияны – 4 миэтэрэни тутуһуу, үлэһиттэр мааскалаах уонна бэрчээккилээх буолуохтаахтар.

Бассейннар уонна  спортивнай секциялар анал дьаһал тахсыар диэри тохтотуллаллар», – диэтэ СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистирин э.т. Семен Чердонов.

Саха бэргэннэрэ - Арассыыйа кыайыылаахтара!

Брянскай куоракка атырдьах ыйын 14-16 күннэригэр дойду күүстээх ытааччылара муһуннулар.  Бу сырыыга спортинг-субурутан ытыыга хайалара ордук бэргэнин быһаарыстылар.     

Саха спортсменнара хамаанданан бастаатылар.  Арассыыйа бастыҥ хамаандатын Кубогын ыллылар. Итиннэ Айаал Макаров  180, Николай Кобяков 170 уонна Игорь Егоров 171 очукуолары ааҕыстылар. Үһүөн кыһыл көмүс мэтээллэри кэттилэр. Суумалара –    521. Иккис миэстэлэммит “Русский Медведь” хамаандаттан уон биир очукуонан чорбойдулар.  

«А» категориялаах ытааччыларга спорт үтүөлээх маастара, Европа уонна аан дойду чемпиона Айаал Макаров иккис таҕыста. Кини  чемпион буолбут Александр Беловтан (181) биир эрэ мишенинэн хаалла.    

Ону таһынан Василий Алексеев элбэх наҕараадатын коллекциятыгар өссө биир кыһыл көмүс мэтээл эбиннэ. Кини саастаахтарга 153 очукуолаах иннин бу да сырыыга биэрбэтэ. Василий Алексеев быйылгы сезоҥҥа дойду бары турнирдарын кыайда. Ол иһигэр бу Арассыыйа үс сүрүн  чемпионаттарыгар бастаата!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....