20.11.2021 | 12:00

Күрэххэ ыҥырабыт!

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Бэһис төгүлүн ыытыллар бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ай, ыллас, үнкүүлэс бииргэ» күрэскэ кыттыан баҕалаахтартан сэтинньи 21 күнүгэр диэри сайаапкалары туталлар.

«Ай, ыллас, үнкүүлэс бииргэ!» – инбэлиит ыччаты уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолору түмэр социальнай хайысхалаах тэрээһин кинилэри айар үлэҕэ сирдиир, талааннарын арыйар сыаллаах-соруктаах. Быйылгы күрэх Инбэлииттэр аан дойдутааҕы декадаларын чэрчитинэн ыытыллар.

Күрэххэ инбэлииттэр, ону тэҥэ инбэлиит оҕолор кыттыахтарын сөп. Кэлэктиибинэн, биирдиилээн ааптардар айар үлэ ханнык баҕарар жанрынан кытталлара көҥүллэнэр.

Сааһынан хааччах:

инбэлииттэргэ – 18-40 саастаахтар;

инбэлиит оҕолорго – 15-18 саастаахтар.

 

Маннык номинациялар бааллар:
-«Бастыҥ илии иминэн ырыа (жестовая песня)»;
- «Александр Самсонов – Айыы Уола ырыаларын толорууга бастыҥ ырыаһыт»;
- ”Бастыҥ норуодунай вокал»;
- «Кэлэктиибинэн толоруллар бастыҥ патриотическай ырыа”;

“Бастыҥ ааптарыскай ырыа”;

“Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин бирииһэ”;

“Ыччат хайысхата”;

“Бастыҥ сценическэй уобарас”;

“Аныгы үҥкүү”;

“Эстраднай үҥкүү”;

“Норуодунай стилизованнай үҥкүү”;

“Норуот үҥкүүтэ”;

“Фольклор үҥкүүтэ”.

 

Тэрээһин үс сылга биирдэ ыытылларын санатабыт. Күрэхтэһиилэр онлайн форматынан сэтинньи 23 күнүттэн ахсынньы 3 күнүгэр диэри СӨ Инбэлииттэр техникум-интэринээттэрин  инстаграм страницатыгар @rlic_ykt ыытыллыахтара.

Сайаапкалары электроннай почтанан туталлар: neustroevamarianna5@mail.ru.

Тэрийээччилэри кытта билсэр нүөмэргит: Марианна Гаврильевна Неустроева 8-984-105-87-38.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....