04.08.2022 | 16:00 | Просмотров: 769

Көҕөрдүү күрэҕин түмүгэ балаҕан ыйыгар тахсыаҕа

Куорат уокуругар ыытыллар «Киин куорат күөх кубога» куонкуруска сайаапкалары хомуйуу түмүктэннэ. Күрэх түмүгэ балаҕан ыйын 11 күнүгэр тахсар диэн иһитиннэрдэ «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ пресс-сулууспата.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куонкурус Олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн, «Мөлүйүөн сибэкки» аахсыйа тэрээһинин быһыытынан, 2022 сыллаахтан ыытыллар. Быйыл дьүүллүүр сүбэ көрүүтүгэр аҕыс номинациянан 220-тэн тахса сибэкки үүннэрэр миэстэ баар.

«Цветущий город» номинацияҕа тэрилтэлэрин таһынааҕы территорияны киэргэтэргэ юридическэй сирэйдэртэн сайаапкалар киирдилэр.

«Цвет знаний» уонна «Цветущий сад» номинацияларга киин куорат үөрэҕин тэрилтэлэрэ уонна уһуйааннара кытталлар.

Куорат олохтоохторуттан 70-тэн тахса сайабылыанньа киирдэ.

«Аан бастакы «Киин куорат күөх кубога» куонкурус куорат тэрилтэлэрин уонна олохтоохторун көҕөрдүүгэ улахан интириэстээхтэрин уонна көхтөөхтөрүн көрдөрдө, кинилэр уулуссалары уонна тиэргэннэри тупсаран оҥорууга бэйэлэрин кылааттарын киллэрдилэр. Түмүгүттэн тутулуга суох күрэх хас биирдии кыттааччытыгар махталбын тиэрдэбин», — диэтэ куорат баһылыга Евгений Григорьев.

Атырдьах ыйын 2-13 күннэригэр куонкурус хамыыһыйалара кыттааччылары кэрийэн үлэлэрин сыаналыыллар. Хамыыһыйа састаабыгар салалта территориальнай уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбанньыктар уонна уокуруктар көхтөөх олохтоохторо бааллар. Бастакы түһүмэх кыайыылаахтара куорат сүүмэрдиир көрүүтүгэр кытталлар.

Кыайыылаахтары чиэстээһин Дьокуускай куорат 390 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр чэрчилэринэн буолуоҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.