Көрдөөх сонуннар
“Этэрбэс араадьыйа” иһитиннэрэринэн, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак чэрчитинэн 2132 сылга, ол эбэтэр Дьокуускай куорат төрүттэммитэ 500 сыллаах өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр, Саха сирин киин куоратыгар метро тутуллара былааҥҥа киирдэ.
Сотору кэминэн Фантастика наукатын учуонайдара Туймаада туонатыгар тоҕуоруһуохтара, чинчийии арааһын ыытыахтара. Ирбэт тоҥ дойдутугар бастакы сир аннынан тырааныспар аан дойдуга инновационнай, технологическай сайдыы кэрэһитэ буолуоҕа.
Көр-күлүү министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйарынан, бу сайын Дьокуускай куорат уулуссаларыгар сөрүүн тохтобуллар үлэҕэ киириэхтэрэ, онно анаан аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир кондиционердар туруоруллуохтара.
“Быйыл Дьокуускайга уопсайа 20 сылаас тохтобул үлэҕэ киириэхтээх. Ону таһынан сайыҥҥы өттүгэр сөрүүн тохтобуллар диэн баар буолуохтара. Киин куорат олохтоохторо өҥүрүк куйааска сөрүүкээн абыраныахтара. Харчы муниципальнай бүддьүөттэн көрүлүннэ. Онон барыта босхо буолуоҕа”, – диэн миниистир бигэргэттэ.
“Санитарнай ирдэбиллэри тутуһуохпут, дезинфекция үлэтэ чаас аайы ыытыллар буолуоҕа”, – диэтэ “Омун” хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Оонньуулаахап Уйбаан Уйбаанабыс.
Сынньалаҥ министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, муус устар 1 күнүттэн биһиги куораппытыгар Дуоһуйуу киинэ аһыллар.
Эһигини үс мэндиэмэннээх тупсаҕай дьиэҕэ бассейн, караоке саалата, минньигэс астаах ресторан, тренажер, массажер, кэрэ куоларга салон, о.д.а. күүтэр. Таһырдьа футбол хонуута, сайыннары-кыһыннары үлэлиир каток, ыскамыайкалар, бэлисипиэттиир суол баар.
“Киин куорат ытык-мааны олохтоохторо уонна ыалдьыттара өйдүүн-санаалыын сынньаналларыгар усулуобуйа барыта тэрилиннэ. Кэлиҥ, сылдьыҥ”, – диэн ыҥырда миниистир Дьоллоохоп Дьуон Дьуонабыс.
Ырааҕы истэр, көрбүтүн сурукка тиһэр, ытыс саҕа кыра сонунтан уһуну субурутар суруналыыспыт Чуор Кулгаах бүгүн киэһэ Дуоһуйуу киинигэр сылдьыаҕа. Аныгыскы нүөмэргэ репортаж тахсыаҕа, ылан ааҕаарыҥ!
“Дьээбэ ТВ” муус устар 1 күнүгэр күөх экраҥҥа уонна куйаар ситимигэр күндү күлүүктэргэ аналлаах челлендж биллэрэр.
Психологтар этэллэринэн, аан дойду хас иккис олохтооҕо үлэҕэ оройунан умса түспүт, дьиэ-уот түбүгүттэн соло буолбат, туохтан барытыттан сылайбыт, күн аайы дьэбин уоһуйан, дьиппиэрэн баран сылдьар эбит. Көр-күлүү министиэристибэтэ бу сытыы кыһалҕаҕа болҕомтоҕутун уураргытыгар, өрөспүүбүлүкэтээҕи челленджкэ көхтөөхтүк кыттаргытыгар ыҥырар.
Видео уһуна 1 чаастан кылгас буолбат. Үлэлэргитин IG TV уһулаҕыт. #күнүбыһакүлэбин уонна #олохпунуһатабын диэн хэштег туруораргытын умнумаҥ.
Күлүҥ-үөрүҥ, сүргэҕитин көтөҕүҥ!