21.08.2020 | 12:08

Көрбүтэ, атын «баҕайы» турар эбит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кирилл Ноговицын:

- Таайым Силипиэн аҕата өлбүтүн кэннэ ийэтин аахха хотон көрөргө көмөлөһө сылдьыбыт. Сарсыарда аайы үлэтигэр баран иһэн ынахтары аһатан, саахтарын күрдьэн, таһырдьа таһааран балбаахтаан ааһар эбит. Биир оннук сарсыарда үлэтигэр хойутаан хаалан, дьонун дьиэтигэр таарыйбакка, быһа хотоҥҥо ааспыт. Хотон ис үлэтин эбиэккэ кэлэн толорор инибин диэн, бэҕэһээ бэлэмнээбит отун угаары хотонун түннүгүн аспыт. Ыксаабыта бэрдиттэн хотонун уотун да холбуурун умнубут. Инньэ гынан хабыс-хараҥаҕа харбыалаһан, отун күкүргэ симэ үөрүйэҕинэн толору симпит. Түннүк иннигэр турар адаар муостаах кырдьаҕас ынах от киллэрэргэ былдьаһан мэһэйдиир бэйэтэ, бу сырыыга хамсаабакка турарын муодаргыы санаабыт. Түннүгүн сабаары, саба түспүт хаары ыраастыы турдаҕына, эмискэ хотон иһигэр туох эрэ лүҥкүр гына сууллар тыаһа иһиллибит. Силипиэн, ону соччо баардыылаабакка, түннүгүн саба ууран кэбиспит. Ол кэннэ олуур маһын уураары чыраахтаһан эрдэҕинэ, иһирдьэттэн ким эрэ түннүгүн төттөрү тэбэн саайбыт. «Хайа, бу туох үлүгэрэй, ынаҕым хайдах буолар баҕайытай. Дьоҕойон утаппыт дуу?», – диэн Силипиэн ыраах эһиллибит түннүгүн ылан, ынаҕын мөҕө-мөҕө  бүөлүү ууран истэҕинэ, ынах кэнниттэн атын күтүр бу ырбайан көстүбүт. Борук-сорукка таайтаран көрдөҕүнэ, ол баҕайы ынахтан лаппа кырата эбитэ үһү. Киһи диэҕи атыҥҥа дылы эбит. 

    Силипиэн, соһуччута бэрдиттэн түннүгүн олуйа охсоот, тугу-тугу көрдүм диэн, балайда өйүн-төйүн булуна турбут. Онтон үлэтигэр хойутаан эрэрин таһы-быһа умнан, дьиэҕэ киирэн уотун холбоон, хотону киирэн сирийэн көрбүт да, сүөһүттэн атыны тугу да булан ылбатах. Ол көрбүт харамайын туһунан кэлин ийэтигэр кэпсээбит этэ. Бу ыаллар уруккуттан да сүөһү тута сатыыллар эбит да, онтулара өнүйэн биэрбэккэ, икки ыанартан ордубаттара үһү. Торбос сүтүгэ суох биир сылы туораабыттарын өйдөөбөппүн, сүөһү турбат ыалабыт диэн эмээхсин муҥатыйарын өйдүүбүн. Эһиилигэр дьон сүбэтинэн хотоннорун көһөрөн туттубуттара. Киирэр аанын илин диэки уларыппыттара. Хас да сүөһүнү ыалга атастаһыкка биэрбиттэрэ.  Ол кэннэ, сураҕа, сүөһүлэрэ өлөллөрө-сүтэллэрэ аҕыйаабыт үһү. Силипиэн көрбүт харамайа, арааһа, тарбыйах абааһыта буолуо диэн сылыктыыллар этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....