09.07.2020 | 10:13

Көрүүтэ-истиитэ суох кыыллар дьылҕалара быһаарылынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы көрүүтэ-истиитэ суох кыыллары тутар пуун “Фонд помощи животным” тэрилтэҕэ туттарылынна. Ол туһунан куорат дьаһалтатыгар ыйаах таҕыста.

“Билигин эбийиэги туттарыы буола турар, докумуоннар оҥоһуллаллар. Пуонда итэҕэстэри-быһаҕастары испииһэктиир, бүддьүөттэн пууҥҥа наада буолуохтаах оборудованиеҕа харчы көрүллэригэр смета бэлэмниир”, – диэн кэпсээтэ Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын уонна энергетика департаменын начальнига Дина Николаева.

“Саҥа федеральнай сокуонунан куоракка кыыллары көрөр-истэр приют хайаан да баар буолуохтаах. Оннукпут суох буолан,  быстах кэмҥэ тутар пууну үлэлэтиэхпит. Көрүүтэ-истиитэ суох кыыллары тутар, харайар буолуохпут. Отчуоттуурга, кыыллар хаартыскаларын таһаарарга анал сайтаныахпыт”, – диэн пуонда инники былаанын Леонид Слепцов билиһиннэрдэ.

Уопсастыбаннай пуонда кыыллары көмүскүүр тэрилтэлэри, волонтердары бииргэ үлэлэһэргэ ыҥыраллар. “Биир сүрүн сорукпут –  нэһилиэнньэни кытта үлэ. Дьон-сэргэ дьиэ кыылларыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһалларын ситиһиэхтээхпит, оҕолорго аһыныгас буолууну иҥэриэхтээхпит”, – дииллэр үлэни көҕүлээччилэр.   

“Бэйдиэ сылдьар кыыллары тутар кыһалҕаны быһаарыа суоҕа. Баҕар, тыһыынчанан ыты, куосканы тутуохпут. Ол эрээри бу боппуруос дьонтон тутулуктааҕын куорат олохтоохторо өйдүөхтээхтэр”, – дииллэр пуонда актыбыыстара.

Санатар буоллахха, быйыл кулун тутарга Сардаана Авксентьева Дьокуускай куораттааҕы кыылларга көмөлөһөр пуонданы кытта көрсүбүтэ. Онно тэрилтэ үлэлиир баҕатын биллэрбитэ.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....