22.10.2023 | 16:00

Көрүөхпүн баҕарбатаҕым... Алҕаһаабыт эбиппин...

Көрүөхпүн баҕарбатаҕым... Алҕаһаабыт эбиппин...
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Төрөөбүт литератураны таптааччылар уус-уран айымньыга олоҕуран уһуллубут киинэҕэ баҕаран туран сылдьыбаппыт. Ааҕа олорон харахпытыгар ойуулаабыт уобараспытын атыннык көрдөрүөхтэрэ эбэтэр айымньы тутулун уларытан, ыһан, ис хоһоонун сымсатан, тылын-өһүн дьүдэтэн кэбиһиэхтэрэ диэн куттанарбыт оччо эбитэ дуу? Биир бэйэм режиссер Константин Тимофеев «Лоокуут уонна Ньургуһун» айымньынан киинэ уһулбутун үөрэ истибэтэҕим. Улахан экраҥҥа тахсыбытын да кэннэ барарым дуу, барбатым дуу диэн өр саарбахтаабытым. Хата, алҕаһаабыт эбиппин. 

Константин Тимофеев бу айымньыга оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан абылаппыт, онон  номох буолбут тапталы көрдөрөр киинэтин өр сылларга иһигэр иитиэхтээбит эбит. Тимофей Сметанин саха былыргы кэпсээннэригэр олоҕуран суруйбут 4 төгүллээх, 8 хартыыналаах лирическэй драмата, чахчы, тыйаатырга эрэ буолбакка, улахан экраҥҥа анаммыт курдук!

Режиссер иччилээҕи, абааһылааҕы уруккуттан сэргиирин билэбит. Онон ураты буочарын киинэ хара саҕаланыаҕыттан көрдүбүт. Сорохтор ойууннааһын каадыра олус элбэх дииллэрин истибитим. Дьиҥэр, ойууннааһын тиэмэтэ драмаҕа суоҕа. Ол эрээри, мин санаабар, режиссер туохтан да соччо-бачча соһуйбат аныгы оҕону умсугутар суолу итиннэ тобулбут. Иитэр-үөрэтэр суолтата да үрдүк, оҕоҕо, үүнэр көлүөнэҕэ туох барыта сэттээх-сэлээннээх диэн өйдөтөр ньыма быһыытынан туттубут.  Манан олох философиятын – үрүҥ уонна хара, олох уонна өлүү, сырдык уонна хараҥа курдук утарыта күүстэр күөн көрсүүлэрин, мөкү санааны хаһан баҕарар үтүө санаа кыайарын  сатабыллаахтык көрдөрбүт. Үрүҥ ойуун үрүҥүнэн-харанан эрилис-турулус көрөн, эчи, киһи эрэ дьик гыныах айылаах! Хайа эрэ түгэҥҥэ худуоһунньук Иван Попов «Ойуун» үлэтэ тиллэн кэлбитин курдук санаатым. 

Режиссер Дьүөгэ Ааныстыыраптан сомсубута да элбэх курдук көрдүм. Холобур, «Кыыһы хаар ууллаатын кытары халдьаайыга үүнэр сибэкки аатынан Ньургуһун диэн, уолу улахан чөкчөҥө аатынан Лоокуут диэн ааттаабыттара» диэн быһаарыытын (Сметаниҥҥа суох – Аапт.) ийэлээх кыыс кэпсэтиилэригэр бэркэ киллэрэн биэрбитин биһирээтим. Артыыстары да таларыгар, бука, Ааныстыырап ойуулааһынынан сирдэтиммит буолуохтаах: «Ньургуһун уһун синньигэс сирэйдээх, нарын, кыра уостаах, харааччы көрбүт харахтаах, көнө уҥуохтаах, синньигэс бииллээх, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, мөдөөт, көссүө кыыс этэ. Лоокуут этиргэн бэйэлээх, мэлтэгэр сирэйдээх, кэтит сүүстээх, арыы-саһыл хааннаах кытыгырас уол этэ».

Чахчы, Дьүөгэ Ааныстыырап 1937 сыллаахха суруйбут «Ньургуһун уонна Лоокуут» сэһэнэ биир тыынынан ааҕыллар. Айымньыга кыыстаах уол бииргэ улааппыттарын туһунан ордук сиһилии суруллубут. Онон, сэрэйдэххэ, режиссер да сөбүлээн аахпыт, үлэтигэр туһаммыт буолуохтаах. Манна даҕатан эттэххэ, киинэҕэ булт, балыктааһын түгэннэрэ, оҕо саас кэрэ кэмнэрэ чаҕылхайдар, үүнэр көлүөнэҕэ төрүт дьарыгы билиһиннэрэр сыал-сорук ситиһиллибит.

Саха сирин айылҕата, Амма, Хаҥалас, Хаандыга, Туймаада хочотун кэрэ сирдэрэ киинэни киэргэтэллэр, көрөөччүнү кэрэхсэтэллэр. Ону үгүстэр бэлиэтии көрбүт буолуохтааххыт, алаас ахтылҕаныгар куустардаххыт.  Ньургуһун өлөр-тиллэр икки ардыгар сытан (түүл дуу, илэ дуу туруктаах) көрүүлэрин саха дьоно чугастык ылыннылар. Артыыстар оонньуулара итэҕэтэр, бары идэлэрин баһылаабыттара биллэр. Тыас-уус, музыка мааны, дьоруойдар иэйиилэрин көрдөрөр, күүһүрдэр диэн этэн ааһар тоҕоостоох.

Ол эрээри...

Ханнык баҕарар киинэҕэ буоларын курдук, төһө да анаан-минээн, була сатаан көрдөөбөтөҕүҥ иһин, итэҕэс-быһаҕас, сыыһа-халты син баар. Онтон аҕыйаҕы холобурдуохха.

Бастатан туран, Далбардаах хотун оруолун толорбут СӨ үтүөлээх артыыһа Ирина Никифорованы утары көрөн туран «эмээхсин» дииллэрэ олуонатык иһилиннэ. Оттон Баһыкканы оонньообут СӨ үтүөлээх артыыһа Иннокентий Луковцевы киһи хайдах да «оҕонньор» диэҕин тыла тахсыа суох курдук. Кинилэр эдэрдэр эбээт! Сааһынан дьоруойдарга сөп түбэһэр атын артыыстар син көстүөхтэр эбит. Эбэтэр, төһө да айымньыга уоллаах кыыс төрөппүттэрэ саастаах буолбуттарын иһин, ити тыллары киинэҕэ тумнубуттара буоллар диэн санаа үөскээтэ. 

Мөлчөһү уонна Нуннууру оонньообут Гаврил Менкяров, Айталина Цыпандина-Винокурова көрдөрүнэн-нардарынан, дьээбэлэринэн-хооболорунан, ырыаларынан-тойуктарынан көрөөччү кутун туттулар. Ол эрээри, дьоруойдара ама да дьадаҥыларын, тулаайахтарын иһин, сирэйдэрэ-харахтара кирдээҕэ сөхтөрдө. Грими олус кыайа-хото туттубуттар дуу?  

Аны туран, дьоруойдарбыт бары үксүн сүүрэ, кыл тиэтэлинэн сылдьар курдуктар, ол хайа эрэ түгэҥҥэ киинэ сахалыы уу нуурал айылгытын ыста. Итиэннэ Сэрбэкэ кинээстээх да, Баһыккалаах да сандалыларын кээмэйэ кэмчи буолан биэрдэ. Син сэниэ ыаллар этэ ээ. «Ханнык эрэ түмэлтэн бэрт ыксалынан уларсан, кыбынан кэлэн туруорбуттар дуу?» диэн санаа көтөн кэлэр. Арай устар хамаанда илдьэригэр-аҕаларыгар табыгастааҕа эбитэ ини.

Ийэ тылбыт хайдах курдук кэрэтин, намчытын киинэ былаһын тухары дьоруойдар монологтарыттан, кэпсэтиилэриттэн манньыйа иһиттибит. Хас биирдии дорҕоон сүрэҕи-быары ортотунан киириэх эбит да, хомойуох иһин, кэккэ артыыстар «Лоокуту» (Лоокууту диэх оннугар), «барбахха» (барбакка), «көрбөххө» (көрбөккө) диэн саҥараллара саха кулгааҕар ыараханнык киирдэ. Кэпсэтии тылыгар ити сыыһа күннээҕи олоххо элбэх, ол уус-уран киинэни киэргэппэтэ чахчы. Итини аахсыбатахха, Тимофей Сметанин хомоҕой тыла киинэҕэ баһыйбыта үөрдэр, ийэ тылга, төрөөбүт литератураҕа, айымньыга харыстабыллаах сыһыан көстөр. 

Киинэни саха тылын билбэт да киһи холкутук көрүөн сөп, тылбааһа (субтитра) утары тахса турар. Манна эмиэ кыра алҕастар бааллар. Холобур, Күһэҥэйдээх Лоокуут көрсүһүүлэригэр «миэхэ кэпсээ» - «я тебе расскажу» диэн тиэрэ тылбаастаммыт.

Ханнык баҕарар киинэ титринэн түмүктэнэр. Айар бөлөх үлэтин сэргээбит көрөөччү хайаан да болҕойон ааҕар үгэстээх. Этэргэ дылы, бүтэһиктээх туочуканы туруорар эппиэтинэстээх түгэҥҥэ кэлэн, сыыһа-халты суруйууттан хаарыан үөрбүт-көппүт, астыммыт киһи санаата түһэр. Саха тылын биир баар-суох һ дорҕооно муҥу көрбүт. Ол курдук «Ньургунун оҕо сылдьан», «туруорааччы худуонунньук» диэн суруйууларга харах хатанар.   

 

Түмүк тыл

Туох да диэбит иһин, кинигэтигэр тиийэр (эбэтэр онтон ордук) киинэ аан дойду кинематографиятыгар тарбахха баттанар. Дьиҥэр, уус-уран литератураны уонна киинэ искусствотын тэҥниир сыыһа да ини. Ол эрээри,  кырдьык, сорох режиссердар олус «үлүһүйэн», айымньыны атыҥырыаххар диэри аҥаардастыы айбардыыллара, талбыттарынан уларыталлара, ааҕааччыны кэлэтэллэрэ баар, суох буолбатах. Оттон саха талааннаах режиссера Константин Тимофеев көрөөччүтүн эрэлин толорбут, бэйэтэ да өр иитиэхтии сылдьыбыт идиэйэтин олоххо бэркэ киллэрбит. 

 

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылынныла

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...