Көрөөччүм – бэйэм кэмим киһитэ
Надежда Ильина Мэҥэ Хаҥалас Тиэлиги нэһилиэгиттэн төрүттээх. СГУ “Литература үлэһитэ” салаатыгар үөрэнэ сылдьыаҕыттан оччолорго ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылбыт "Орто дойду сонуннара" хаһыакка корреспонденынан үлэлээбитэ. Үөрэҕин бүтэриэҕиттэн араас эйгэҕэ - страховкалааһын арбитражнай управляющайын көмөлөһөөччүтүнэн, "Эдэр саас" хаһыат корреспонденынан үлэлээбитэ. Эдэр, элбэх оҕолоох ыал ийэтэ билигин оҕотугар олорор.
– Надежда, өссө устудьуоннуу сылдьан улахан сценаҕа пьеса туруорбуккун билэбит. Ол туһунан кэпсээ эрэ.
– 2005 сыллаахха Улуу Кыайыы 60 сылыгар аналлаах "Сарсын буолуо" диэн мюзикл испэктээкили, режиссер Сергей Потаповтыын суруйан, СГУ Култууратын киинигэр кулун тутар 25 күнүгэр сүрэхтээбиппит. Маҥнай бэйэм версиябын илдьэн Сергей Станиславовичка көрдөрбүппүн, ааҕан баран, били, классикаҕа олоҕурбут уус-уран тылбын-өспүн, оҕолуу сырдык тыыннаах айымньыбын туора сотон кэбиспитэ. Геройдарбын барыларын «кырган” баран, кылгас эрээри, ол сыллар тыыннарын толору биэрэр гына, хаттаан тутан таһаарбыта. Айан таһаарбыт геройдарым тыыннара быстарын, ыарахан дьылҕаларын сыанаҕа көрөн ытыыр да ханна барыай?
Устудьуоннар бэрт итэҕэтиилээхтик оонньообуттара, бары да талааннаах оҕолор эбиттэр. Билигин туһунан суоллаах-иистээх биллэр көстөр дьон: Георгий Бессонов, Лэгэнтэй, Сиэйэ Уола, Лана Степанова-Олимпия, Рустам Каженкин, София Вилюйская, Николай Жирков, Ариана Султашева, Александр Дьяконов, Дмитрий Бястинов, Полина Босикова, Петр Константинов, Варя Оконешникова о.д.а. оонньообуттара. Элбэх талааннаах уолтан талан, сүрүн оруолу режиссер Георгий Бессоновка биэрбитэ, арааһа, артыыс буоларын сэрэйдэҕэ. Кини билигин Үүнэр көлүөнэ театрыгар артыыһынан үлэлиир.
Бу түгэнтэн эр ылан, салгыы 2007 с. үөрэммит оскуолам 10 сыллаах үбүлүөйүгэр мюзикл туруорбуппут. Майа гуманитарнай оскуолатын оҕолоро бары кыттыбыттара. Оскуола выпускнига ырыаһыт Гоша Васильев-Джида уонна Ходулов театрын режиссера туруорбуттара. Сыанаҕа турбутун көрдөххө, сүрүн геройбун наһаа ноҕоруускалаабыт этим, дэгиттэр оҕо көстүө да суох курдук – үҥкүү, ырыа, тойук, хомус барытын гыныахтааҕа. Аны тылын үөрэтэрэ үлүгэр элбэх этэ. Хата, тохсус кылааска үөрэнэр Кеша Лебедев (билигин Эстрада театрын артыыһа) дэгиттэр талаанын көмөтүнэн оруолун кыайа-хото туппута.
2007-2008 сылларга талааннаах артыыс СӨ Култууратын туйгуна Анна Охлопкова лааҕыр үлэлэтэн, "Тымтык саас" диэн улаатан эрэр оҕолорго аналлаах пьесабын туруорбута. Хомойорум диэн, бириэмэҕэ ыктаран, бэйэм тиийэн көрбөтөҕүм.
2018 с. Ходулов аатынан Майа народнай театрын сыанатыгар Манчаарыга аналлаах "Ытыллыбыт ох төннүбэт" диэн пьесаны режиссер Данил Осипов туруорбута. Өссө ситэрэн, тупсаран, эбэн, көннөрөн биэриэхпит дэспиппит.
– Драматургия лабораторията диэн баар эбит. Быйыл онно эйигин бэркэ хайҕаабыт сурахтаахтара.
– Драматурдар айар лабораториялара былырыын 2019 с. саас саҕаламмыта. Театр деятеллэрин сойуустарын көҕүлээһининэн киин сиртэн Вячеслав Дурненков диэн драматург кэлэн, баҕалаахтары үөрэппитэ. Салҕыы сыл бүтэһигэр пьеса суруйарбыгар сорудахтаабыта. Хас биирдиибитин кытары театртан Надежда Осипова сибээһи быспакка олус тулуурдаахтык уонна ирдэбиллээхтик үлэлэспитин түмүгэр, тоҕус пьеса «читката» икки театрынан буолбута. Онон тус бэйэм киниэхэ улаханнык махтанабын. Мин курдук иллэҥэ суох иринньэх оҕолоох ийэни, күннээҕи олох кыһалҕатыгар баттаппыт үүнэ-тэһиинэ суох көҥүл суруксуту тутан, сааһылаан суруйтаран, тулуйан, кэтэһэн, пьесам «читкаҕа» киирбитигэр Надежда Осипова улахан өҥөлөөх.
Аны суруйан баран хайаан даҕаны нууччалыы тылбаастыырбыт ирдэнэрэ. Түөрт күнү быһа пьесалары икки театрынан сылдьан истибиппит. Ирина Митина “Чаҕыл күн”, Ираида Попова "Впотемках" пьесалара радиоҕа аудиоспектакль буолан тахсалларыгар мэктиэлэммиттэрэ. Күннэй Еремеева "Сын тундры" хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар театрдарыгар туруорууга, мин "Лайк сыаналаах олох" уонна Утум Захаров "Тырыттыбыт ыра" пьесаларбытынан Любимовка фестивалыгар барар буоллубут. Лена Яковлева "Искусство тут не причём" диэн пьесата театр сыанатыгар турарга мэктиэлэммитэ.
Бу сырыыга Вячеслав Дурненков Анна Жук диэн театральнай кириитиги кытары кэлбитэ. Хас биирдии драматург үлэтин, кылгас да кэм иһигэр, драматургия хайдах буолуохтааҕын, ис куухунатын кэпсээбитэ, үөрэппитэ. Вячеслав бэйэтэ театр да, литератор да анал үөрэҕэ суох эрээри, драматург быһыытынан биллэр, кини айымньытын Шекспир театрыгар тиийэ туруораллар эбит. Киинэ, сериал сценарийдарын эмиэ суруйар. Онон практик. Киһиэхэ өйдөнөр гына судургутук быһаарар, биллэн турар, элбэххэ үөрэннэхпит. Ол түмүгэр драматурдар лабораториялара үөскээтэҕэ, хамсааһын таҕыстаҕа.
– Улахан сыанаҕа туруоруллар айымньы хайдах буолуохтааҕый?
– Сыанаҕа режиссеру кытары үлэ күүстээх. Онно биир санаанан салайтаран, тыынаргын кытары чувствуйдаан өйдөһүүттэн, элбэх көннөрүүттэн үлэ түмүгэ тахсар. Сыанаҕа турар пьеса уратыта – икки киһи айымньыта. Улахан сыанаҕа турар айымньы чопчу маннык буолуохтаах диэн этэр кыаҕым суох. Арай биһиги иитиибитинэн көнө, историческай тыыннаах, үрдүк таһымнаах айымньы.
Менталитет тус-туһунан, киин сирдэр, атын омуктар көрүүлэрэ атын. Аныгы драманы суруйуҥ дииллэр. Биһиэхэ театр классиканы, историческай памятниктары туруорар. Аныгы өттө барыта киинэҕэ барбыт курдук. Бу билигин буола турары, аныгы олох тематын, проблематын суруйуҥ дииллэр.
Театр деятеллэрин сойуустара көҕүлээн, лабораториялар бэрэстэбиитэллэрэ бу “карантин” иннинэ кыл мүччү, Ньурбаҕа Сата бэстибээлигэр сылдьан кэллибит. Лаборатория кыттыылаахтара Софья Сергучева-Баранова уонна эдэр режиссер Алексей Макаров айымньыларын сыанаҕа көрдүбүт. Саха театрын артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыската Софья Баранова "Биэс чаҕыл сулуспут" диэн документальнай моно-испэктээкилэ “Бастыҥ испэктээкил” уонна “Бастыҥ дьахтар оруола” анал ааттары ылбытыттан олус үөрдүбүт. Алексей Макаров драматургия лабораториятын кэннэ "Мин оҕом уруһуйа" диэн аныгы олох туһунан испэктээкили айан-тутан таһаарбыта бэртээхэй ситиһии.
– Эдэр эбэтэр саҥа драматургтар биһиэхэ төһө элбэхтэрий?
– Эдэр драматургтар лабораториябытыгар уон иһинэн-таһынан ахсааннаахпыт. Бары туспа көрүүлээх, темалаах, араас эйгэлээх дьоммут. Надежда Осипова түмэр. Театр литсэбиэдиссэйэ Ангелла Попованы кытары кэккэ былааннаахпыт, хаһан эрэ олоххо киириэ дии саныыбын. Лабораторияны таһынан драматург, народнай суруйааччы Баһылай Харысхал салайааччылаах икки сылга биирдэ драматургия семинара, эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарын иһинэн, ыытыллар. Онно саҥа ааттар тахсаллар. Быйыл эмиэ буолуохтааҕа, карантин мэһэйдээн көстө.
– Драматург буолан тахсарга эбии үөрэнии наада дии саныыгын дуу?
– Миэхэ наада, атыттары билбэппин. Мин үөрэнэрбин, уопсайынан, сөбүлүүбүн. Университет кэннэ Экономика уонна быраап институтугар үөрэммитим, билигин ХИФУ-га магистраммын. Киһи үйэтин тухары барыга үөрэнэрэ буолуо дии саныыбын. Онон, үөрэх – сайдыы.
– Көрөөччү классикаттан ураты, сонун көстүүнү төһө сэҥээрэрий?
– Сэҥээрэр. Сонун көрүүлээх режиссер элбэх, чуолаан Юрий Макаровы, Сергей Потаповы бэлиэтиэхпин баҕарабын, “Сатаҕа” сылдьан Маргарита Васильева үлэтин сэҥээрбитим. Бииргэ үлэлии сылдьар режиссерум Данил Осипов эмиэ сонун көрүүлээх, соһутар идеялардаах.
– Эн көрөөччүҥ кимий эбэтэр ким буолуон баҕараҕын?
– Билбэтиим... Дьиҥинэн, көрөөччү баар буолан, театр баар буоллаҕа дии. Суруллубут хайаан даҕаны кимиэхэ эрэ ананар. Драма эмиэ олоҕу көрдөрүү быһыытынан, сүрүн геройдар аттыбытыгар сылдьаллар. Оччотугар мин көрөөччүм мин кэмим киһитэ буолуо. Ордук улахан оҕом театры сэҥээрэр, сороҕор тиэкиһим быыһыгар киниэхэ анабыл тыллар эмиэ баар курдуктар.