Көһөрүү бырагыраамата олоххо киирэр
Киин куорат саргылаах сарсыҥҥыта кини хас биирдии нэһилиэгэ, микрооройуона хайдах дьаһанан олороруттан быһаччы тутулуктаах. Кэнники икки сылга туох үлэ ыытыллыбытын туһунан нэһилиэктэр баһылыктара, микрооройуоннар салайааччылара кэпсииллэр.
Виктория Ивановна Жилина, Кангалаас микрооройуонун дьаһалтатын салайааччыта:
–Биһиги микрооройуоммутугар үгүс уларыйыы буолла. 200 үөрэнээччигэ уонна 100 кырачааҥҥа аналлаах оскуола-саад тутуллуута саҕаламмыта. Былырыын “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак чэрчитинэн Карл Маркс уулуссаҕа киирииттэн саҕалаан, сүрүн суолларбыт оҥоһулуннулар – Пионерскай, Лесной, Объездной уулуссалара. Быйыл 26 партсъезд уулуссата, Молодежнай, Нагорнай, Объездной уулуссалар суоллара оҥоһуллуохтаах.
Кэнники кэмҥэ хаарбах туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү бырагыраама үлэтэ күүһүрдэ. 10 элбэх кыбартыыралаах дьиэ хабыллыбыта. 2017 сылга хаарбах туруктааҕынан билиниллибит икки дьиэ олохтоохторо эһиил саҥа кыбартыыраҕа көһүөхтэрэ.
Ыраастааһын, тупсарыы, көҕөрдүү үлэтигэр улахан болҕомто ууруллар.