19.02.2022 | 10:00

Күннээҕинэн олорумуох

Күннээҕинэн олорумуох
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Киһи барахсан тыыннааҕын тухары кыһалҕата, санаата-оноото элбэх буоллаҕа. Ордук билиҥҥи кэмҥэ – куйаар ситиминэн кэлэр араас суоһурҕаннаах сонун тарҕаныыта түргэн үйэтигэр, сыана күн-түүн ыарыы, өлүү-сүтүү, ыарыы, дьаҥ, этиһии-охсуһуу элбии турар кэмигэр... 
Тоҕо эрэ үтүө, кэрэ сонуннары тумнабыт, харахпытын хайа тардаат, бассаапка илиибитин, тарбахпытын саратан дорооболоһоот, тута күннээҕи статистиканы билэ охсобут, хас киһи ыалдьыбытын, бөлүүн түүн дойдубутугар туох сонун буолбутун ааҕабыт, дьоҥҥо ыытыһабыт, кими эрэ үөҕэбит, ыыстыыбыт, мөҕөбүт-этэбит. Этэргэ дылы, олохпут бэйэтинэн онно сирдиир, маннык буолуохтааҕын курдук, нууччалыы эттэххэ, “Не мы такие, а жизнь такая”.
Дьэ, олоҕу баарынан ырытан көрүөҕүҥ.

Олимпиаданан «тыына» олоробут

Доруобуйабар туохтаах эрэ буоламмын, билигин да ону билбэппин, тоҕо эрэ ийэм “освобождение” ыспыраапкатын ылан, физкултуура уруогар үрдүкү кылаастарга сылдьыбатаҕым. Ол да буоллар спорду сэргиибин, ордук патриоттуу санаам киирэн, улахан күрэхтэһиилэргэ бастаан төрөөбүт түөлбэм, онтон Сахам сирин, аны билигин Арассыыйам туһугар кытаанахтык “ыалдьабын”. Атын омуктар күрэхтэһэллэрин дьөрү көрбөппүн. Арассыыйа диэн тыл баар буолла да, көрөбүн, ордук финаллары. Олимпиадабыт дьэ бу нэдиэлэнэн бүтүөхтээх.

Кэм биһиэнэ диэбит курдук, Арассыыйабыт былааҕа да суох, гимн да тыаһаабат. Атыттар былаахтарын күөрэччи тутан, өрөгөйдөрүн ырыата, муусуката тыаһыыр. Аны, кыһыл көмүһү ыллыбыт да, ол бэрэбиэркэлээһинэ, эккирэтиитэ, ааспыт сыллааҕы анаалыстары ороон таһаарыы, онон куттааһын, сойуолаһыы. Бу “киргэ” кимнээх сыстыбыттарын ааттыы барбаппын, бүтүн дойдубут дьоно бэйэлэрэ да билэ, долгуйа олороллор. Абарабыт эрэ. Хайыыр да кыахпыт суох. Түөрт сылга биирдэ буолар Олимпиаданы син биир көрөбүт, кыайыылартан үөрэбит, кыайтарыылартан хомойобут, ити олохпут эмиэ биир күннээҕи сонуна, хаамыыта буоллаҕа.

 

Сыана үрдэ суох ыарыыр

Дьэ, биһиги, холку дьоммут. Өбүгэлэрбит, сахалар, сытыары сымнаҕас, ыалдьытымсах, ханнык да түгэҥҥэ мээнэҕэ “ымыр” да гынан көрбөт, холку майгылаахтар этэ диэн астына, киэбирэ кэпсиибит.

Саҥа дьыллыы, бэйэ-бэйэбитигэр ыалдьыттаһа, бырааһынньыктыы сырыттахпытына, гааспыт үрдээбитэ, сорохтор билбэккэ да хаалбыт буолуохтаахтар. Ас ыарыырын туһунан этэ да барыллыбыт. Чуолаан сүрүн астарбыт ыарыыллар. Соторутааҕыта килиэп сыаната үрдээтэ диэн буолбута. Саахары, мохоруону, риһи аахпаппыт да. Суох, биһиги холкубут ээ, холкубут, сытар ынаҕы туруорбат, күөх оту тосту үктээбэт сахалар буоллахпыт. Хамнаспыт ыйы-ыйдаан кэлбэт – саҥата суох күүтэбит, сылы-сыллаан үрдээбэт – буолуохтааҕын курдук ылынабыт. Биэнсийэбит реформатынан бэрт элбэҕи сүүйтэрдибит. Тыаҕа олорор биһигини кытта үөрэммит оҕолорбут, 50-рын саҥа ааспыт “уолаттарбыт” реформаҕа түбэһэн, сорох-сорохтор биэнсийэ диэни көрөөхтөөбөттөрө да буолуо. Бэлиэр баттахтара маҥхайан, ыарахан үлэҕэ баттатан, бэйэлэрин саастарыгар дьүөрэтэ суох кырдьаҕас көрүҥнээхтэр, доруобуйаларын туруга да онно дьүөрэлии.

Биэнсийэ реформатын кытта үс сыллааҕыта тэҥинэн уматыкпыт эмиэ үрдээбитэ. Оччолорго Францияҕа оруобуна биэнсийэ реформатын кытта уматык үрдээһинэ буолбутугар улахан айдаан, демонстрация, олохтоох былаас политикатын утаран уулуссаҕа тахсыы, маҕаһыыннары, тэрилтэлэри уоттааһын, дьону гааһынан тумнарыы бөҕөтө буолбута. Инньэ гынан син тохтоппуттара быһыылааҕа.

Онтон быйылгы саҥа сылбыт үһүс-бэһис хонугар Казахстаҥҥа улахан айдаан буолбутун бары билэбит. Гаастара өрө тахсыбытыгар диэн суруйбуттара, ис-дьиҥэ хайдах эбитэ буолла, хайдах курдук утардылар?! Барыта арҕааттан кэлбит политика сабыдыала дииллэр да, нэһилиэнньэ сөпсөспөт буолан айдаан, иирсээн таҕыстаҕа буолуо. Ону үтүктэр наадата суох эрээри, өбүгэлэрбитин утумнаан, син биир холкубут, быыкаа хамнаспытыгар, үрдүк сыанаҕа, хомунаалынай төлөбүрдэргэ үөрэннибит, хата, уоппут-гааспыт от ыйыттан үрдээбэтэҕинэ соһуйуох курдук буоларбыт буолуо.

Онон биһиги олоҕу баарынан, тугу биэрэринэн олоробут, сыана буоллар үрдээтин ээ, үрдээтин...

Омикрону сэнээмэҥ

Ковид ыарыыбыт кубулҕат дьахтар курдук аата-суола, быһыыта-таһаата уларыйан-тэлэрийэн кэлэн иһэр, кимэн киирэр. Аны кэлэн дьэ бүттэр ханнык.

Бу ыарыыны таарыйбычча, аҕыйах тылы суруйуохпун баҕарабын.

Күһүн дэриэбинэттэн кэлэн баран поликлиникабар ковид кэннэ диспансеризацияҕа диэн көрдөрө тиийбитим, терапевт быраас диэн суоҕа. Икки нэдиэлэ устата бүтүн куорат поликлиникатын үрдүнэн суохтара. Наадыйар буоллаххына, биэлсэргэ тыыннаах уочаратынан, толуона суох көрдөрүөххүн сөп дииллэр. Мин быраастан, терапевтан атыҥҥа барбаппын диэн кэтэспитим. Мин эрэ буолбатах эбит. Ол поликлиникаҕа сыһыарыллыбыт хас да киһиттэн кэлин иһиттэхпинэ, терапевтар ол курдук үлэлэригэр суохтар этэ. Регистратураҕа этэллэринэн, уоппускаҕа уонна “кыһыл зонаҕа” диэн буолбута. «Кыһыл зона» диэн өйдөбүл ханан эрэ тустаах поликлиникалар үлэлэрэ мөлтөҕүн кытта ситимнээх буолбатаҕа буолуо дуо? Аны туран, босхо эмп ылыытыгар аҕыс айдаан. Бастаан толуон ылаҕын, онтуҥ ханнык эрэ күҥҥэ суруллар, онтон ол күн кэлэн эмкин суруттараҕын. Ол кэннэ дьэ аптекаҕа уочарат диэн баар, былыргы халбаһы, хурустаал иһит уочарата “сынньанар”. Айдаан, үтүрүйсүү, чааһы быһа турбутуҥ кэннэ ол эмиҥ суох буолан хаалар, эрдэттэн ыйытыаххын, түннүккэ чугаһаппаттар. Бу күһүҥҥүттэн инник буолбут этэ. Былырыын киһи эмин син холкутук, суруйтараат тута ылан барар буолара. Хайдах эрэ барыта соруйан оҥоһуллуу курдук. Бу үлүгэр ыарыы саҕана киһи үрдүгэр киһи, кэтэххэр тыыныы. Дистанция эрэ, сах эрэ. Сыаната чэпчэки буолан, эмтэрбин поликлиникаттан ылар буоллум.

Чэпчэки диэбиккэ дылы, босхоҕо, дьэ, кыыл булдугар түһэринии “кыырт” курдук түһэбит. “Триумф” аһыллыбыт күнүн санаатахха, киһи сонньуйар. Ама да анаалыс босхо оҥоһуллубутун иһин. Биир эрэ күн, биир эрэ чаас, биир эрэ түгэн диэн ыҥырыы курдук буолан хаалан турдахпыт үһү. Ити кэннэ ыарыы статистиката үрдүүрэ чуолкай.

Биир бэйэм “омикрон” штамм киһи наһаа сэнээбэт көрүҥэ дии санаатым. Көннөрү тумуу курдук да диэтэллэр, билэр дьонум сорохторо олус ыараханнык аһардылар. Балыыһаҕа да киирдилэр, температуралара да олус үрдүү сырытта, сөтөллөрө да тахсан биэрбэт. Аны тугунан дьаалыйан тахсара эмиэ биллибэт. “Постковид” диэн “дельта” штамм кэннэ состоруута элбэх этэ. Омикрон даҕаны атын өттүнэн дьиэлитэн таһаардаҕына көҥүл.

Вакцина ылааччы биллэ аҕыйаата быһыылаах, барыта көҥүллэммитин, аһыллыбытын, кюар-код ирдэммэтин кэннэ, кырдьык, вакцината да суох сылдьыахха сөп курдук дии саныыгын. Ис-иһигэр киирдэххэ, күүскэ ыарыйдахха, таах ылбаккабын диэн кэмсинэргэр тиийэҕин. Аны ыарыы хаптайыа, устунан сүтэн, симэлийэн, суох буолан хаалыа, таах да ылыам дуо диэн эмиэ эрэнэҕин. Дьиҥэр, вакцина наада, хайаан да наада. Кырдьык, үгүспүт вакциналаах буолан бу “омикрому” чэпчэкитик аһардахтара. Ол да буоллар былааспыт, медиктэрбит хайдах эрэ дьоҥҥо атыннык тиэрдэн дуу, арыый сэнээн кэбиһэн дуу бас-баттах барыы буолла, мааска, дистанция умнулунна. Хайа муҥун, урукку олохпутугар төннөр, бары көҥүл күүлэйдиир, ыалдьыттаһар инибит, суумка, куурка, сон сиэбин аайыттан мааска, бэрчээкки хостонон бүтэр, уон-уон биэс киһилээх уруулар, үбүлүөйдэр тэриллибэттэр ини.

 

Кэрэни, кэскиллээҕи саныах

90-с сылларга “Сахаадаҕа” үлэлии сырыттахпына, ханнык баҕарар бырааһынньыкка, көрсүһүүлэргэ буоларын курдук, оччолорго да олох ыараханын (кырдьык, хамнас кэлбэт, ас-үөл толуонунан этэ), ким суох буолбутун, охсуспутун, айдаарбытын, хобу-сиби да буоллун кэпсэтэрбит. Ол олордохпутуна литературнай эрэдээктэрбит, олус кыраһыабай, ис киирбэх, үтүө санаалаах, бары убаастыыр киһибит Марфа Петровна: “Оҕолоор, кэрэни, кэскиллээҕи кэпсэтиэх”,- диирэ. Кырдьык даҕаны диэбит курдук, санаа көтөҕөр, үөрүүлээх сонуннары, оҕолорбут тустарынан эҥин кэпсэтэн барарбыт.

Онон күннээҕинэн олорумуох, инникини, кэрэни, кэскиллээҕи саныах, толкуйдуох. Кэрэ кэпсээни, кэрэ сонуну, көрүдьүөс түгэннэри була сатаан сэлэһиэх, кэскиллээҕи – оҕолорбутун, сиэннэрбитин, кинилэр кыайыыларын, ситиһиилэрин ырытыһыах, ыытыһыах.

Харыстаныах, ыалдьымыах, үөрэ-көтө, дьоллоохтук олоруох!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...