19.03.2022 | 12:00

Күннээҕи тотоойу аһылык

Күннээҕи тотоойу аһылык
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Плов сииргитин сөбүлүүгүт дуо? Дьиэ кэргэн эбиэтигэр эбэтэр киэһээҥҥи аһылыгар олус минньигэс эттээх, минньигэс амтаннаах плову оҥорорго холонуҥ.
Эһиэхэ мультиваркалаах буоллаххытына, дьоллоох хаһаайка эбиккит.

Биһиэхэ наада:

500 г куурусса этэ;

200 г луук;

200 г  моркуоп;

3 өлүүскэ чеснок;

2 ыстакаан рис;

4 ыстакаан уу;

Туус, тума;

Мас арыыта.

 

Астааһына:

Кууруссаҕытын орто кээмэйдээх гына кырбастааҥ. Луугу кубиктыы кырбастааҥ, моркуобу бөдөҥ харахтаах түөркэнэн аалыҥ. Мультиваркаҕа "Выпечка" эрэсиими талыҥ. Мас арыытын уонна эти ыһаарылыы ууруҥ, куурусса этэ 15-20 мүнүүтэ буһар. Онтон луугу, моркуобу эбиҥ.

Балыктан судургу бөрүөк

Биһиэхэ наада:

1,5 ыстакаан рис;

 2-3 ыстакаан сиидэлэммит бурдук;

Биир хаа аҥаара маргарин;

1 ыстакаан кефир эбэтэр сэппэрээтэр убаҕас сүөгэйэ;

1 ч. нь туус.

Астааһына:

Сиидэлэммит бурдукка биир хаа аҥаара маргарины быһаҕынан бытархай гына кырбастыыбыт уонна кефиры (эбэтэр сүөгэйи), тууһу эбэн, тиэстэбитин илиигэ сыстыбат буолуор диэри күүскэ мэһийэбит уонна холодильникка уурабыт. Сойор кэмигэр балыкпытын ыраастыыбыт, куһаҕанын быраҕабыт, төбөтүн быһабыт. Тиэстэбитин икки тэҥ өлүүгэ арааран, халыҥ гына тэнитэбит. Биирин лиискэ тэлгэтэбит. Буспут рис улахан аҥаарын, 1 обургу луугу төгүрүк гына быһан уурабыт. Онтон балыкпытын икки өттүттэн тууһаан уурабыт уонна ордубут риспитин үрдүгэр кутабыт. Тиэстэбит аҥаарын саба ууран баран, кытыытын хам тутан холбуубут. Духуопкаҕа биир чаас кэриҥэ буһарабыт.

 

Дыраһааҥкатыҥы креветка

Биһиэхэ наада:

300 г креветка;

500 г миин (эт миинэ – 200 г, балык миинэ – 300 г);

 Лимон аҥаара;

 1 устуука моркуоп;

 Күөх үүнээйи (бэйэ сөбүлүүрүнэн көрөн).

Астааһына: Буспут уонна эрдэттэн ыраастаммыт креветканы бүлүүһэҕэ ууруллар. Үрдүнэн укроп, буспут моркуоп, лимон уурталаан киэргэтиллэр, эт эбэтэр балык желатиннаах миинин кутуллар. Тымныыга таһааран сойутуллар. Желатины сойбут мииҥҥэ кутан, 40 мүнүүтэ туруоруллар, булкуйа туран оргута түһүллэр, желатина сууралыннаҕына, таһаараҕыт уонна сиидэлээн баран сойута уураҕыт. Онтон дьэ креветкаҕа кутаҕыт.

 

Лапсалаах бэлимиэннээх миин

Лапса оҥорорго: 1 сымыыты ыстакаан аҥаара ууга булкуйаҕыт, кичэйэн мэһийэҕит. Тиэстэни тэнитэн баран, рулет курдук эрийэҕит уонна синньигэс гына быһаҕыт. Лапса бэйэ-бэйэтигэр сыстыбатын курдук үөһэ быраҕан араартыыгыт.

Бэлимиэн тиэстэтэ: 2 сымыыты ыстакаан аҥаара ууга булкуйан баран үчүгэйдик мэһийэҕит. Манна кылаабынайа тиэстэҕэ сымыыта элбэх буолуохтаах, оччоҕо эти уктахха алдьаммат, бөҕө буолар.

Бэлимиэн начыына: Сыалаах эти талан мясорубкаҕа эрийэҕит. Эккэ бүөрү уонна чоҕочу сыатын эбэтэр чесногу эбиэххэ сөп. Эриллибит эти илиинэн үлтү мэһийэҕит. Бэлэм начыыны тиэстэҕэ суулаан бэлимиэн оҥороҕут. Маннык мииҥҥэ кутуругу эбиэххэ сөп, кутурук суох буоллаҕына, уҥуохтаах этинэн солбуйуохха син.

 

Черносливтаах салаат

Биһиэхэ наада:

200 г тэллэй;

1 устуука эриэппэ луук;

300-400 г куурусса этэ;

3 сымыыт;   

2 устуука сибиэһэй оҕурсу;

100 г чернослив;

Майонез;

Күөх от.

 

Астааһына: Куурусса этин, сымыыты буһараҕыт. Тэллэйи 10 мүнүүтэ оргутан баран сиидэлиигит. Черносливы итии ууга 10-15 мүнүүтэ туруораҕыт. Онтон уутун сүөкээн куурдаҕыт. Тэллэйи кубиктыы эбэтэр уһун синньигэс гына кырбыыгыт. Мас арыытыгар луугу ыһаарылыыгыт, ол үрдүгэр тэллэйи эбэн, 7-10 мүнүүтэ буһараҕыт. Куурусса этин уһун-синньигэс гына быһаҕыт. 3-5 устуука черносливы киэргэтигэ хааллараҕыт, атыттарын уһун- синньигэс гына кырбыыгыт, сымыыты бөдөҥ харахтаах түөркэҕэ анньаҕыт. Оҕурсуну эмиэ соломолуу быһаҕыт. Аскытын барытын майонеһынан араҥалаан, маннык бэрээдэгинэн уураҕыт: чернослив, лууктаах тэллэй, куурусса этэ, сымыыт, оҕурсу. Салаат үрдүн черносливы чараас гына кырбаан киэргэтэҕит.

 

Фаршируйдаммыт помидор

Биһиэхэ наада:

6-7 помидор;

300 г эриллибит эт;

300 г тэллэй (ханнык баҕарар тэллэй);

Луук;

100 г сыыр;

Мас арыыта;

Туус, биэрэс.

 

Киэргэтэргэ:

Горох;

Күөх от.

 

Астааһына: Луукпутун кыра кээмэйдээх гына кырбыыбыт уонна мас арыытыгар ыhаарылыыбыт, ол үрдүгэр тэллэйбитин, эриллибит эппитин кутабыт, туустуубут. 15-20 мүнүүтэ ыhаарылыы түhэбит. Помидорбутун сууйабыт, үрдүн быhан, иhинээҕи мээккэтин хостуубут, эппитин помидорбут иhигэр кутабыт. Сыырбытын түөркэлиибит уонна помидорбут үрдүгэр таммалатабыт, горохпутунан, күөх оппутунан киэргэтэбит.

 

Хобордооххо хортуоппуйунан оҥоһуллар пицца

Биһиэхэ наада:

3-4 орто хортуоппуй;

2 ост.нь. бурдук;

1 сымыыт;

Туус,биэрэс.

 

Начыыҥҥа: майонез, чеснок, 3 помидор, халбаһы, элбэх сыыр.

 

Астааһына: Майонезпытыгар чесногу ньыһыйан кутабыт. Помидорбутун уонна халбаһыбытын кубик гына быһабыт, сыырбытын түөркэлиибит.

Буспатах хортуоппуйу түөркэлиибит, онно бурдук, сымыыт, туус уонна биэрэс кутан булкуйабыт. Итии мас арыынан сотуллубут хобордооххо тиэстэбитин ууран буһарабыт, уоппутун саамай кыратыгар туруорабыт. Хортуоппуйдаах тиэстэбит саһарыар диэри ыһаарылыыбыт уонна эргитэбит. Эргитэ охсоот, майонеһынан сотобут, помидорбутун, халбаһыбытын уурабыт уонна сыыр кутабыт. Хобордоохпутун хаппахтыыбыт уонна сыыра ууллубутун кэннэ уоппутун араарабыт.

Суораттаах буулка

Биһиэхэ наада:

0,5 л суорат (кефир);

5 ыстакаан бурдук;

1/2 ыстакаан ынах арыыта;

1,5 ост. нь. саахар;

1.5 ч. нь суода;

Туус.

 

Астааһына: Суоракка суоданы, саахары, тууһу, арыыны уонна бурдугу эбэн, сымнаҕас тиэстэ мэһийэбит. Онтон кыра төгүрүктэри оҥоробут (50-55 г) уонна 0,7-1 см халыҥнаах гына тэнитэбит. Тэнийбит тиэстэлэргэ саахары таммалатабыт уонна рулет гына эрийэбит. Рулет үрдүн устатынан кыратык быһаҕынан быһабыт уонна 180 кыраадыска 20-25 мүнүүтэ духуопкаҕа буһарабыт, ынах арыытынан сотобут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...