23.04.2022 | 10:00

Күннээҕи олоххо туһалаах тэттик сүбэлэр

Күннээҕи олоххо туһалаах тэттик сүбэлэр
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Сороҕор кыра да кыһалҕаттан толкуйга түһэр, ыксыыр-ыгылыйар түгэннэр бааллар. Таҥаспытыгар бээтинэ түһэрэбит, кырачааммыт ыал истиэнэтин марайдаабыт... Итиннэ сыһыаннаах тэттик сүбэлэри биэрэбит.

Обуойтан уруучука суолун хайдах ыраастыыбыт?

Кыра оҕолоох, сиэннэрдээх ыал кырачааннар истиэнэҕэ уруһуйдуулларын бары билэбит. Обуойу уруучуканан уруһуйдаабыттарын хайдах суох гынабыт?

Итини суох гынарга биһиэхэ 70%-наах уксуус, марганцовка (кристаллар), 3 %-наах водород перекиһэ наадалар. Таас иһиккэ биир остолобуой ньуоска 70%-наах уксууһу, ньуоска төбөтүгэр кыратык марганцовка кристалларын кутан булкуйабыт уонна бааталаах палочканан уруһуйбутун үчүгэйдик сотобут. Хаппытын кэннэ баата диискэни 3 %-наах водород перекиһигэр илитэбит уонна сууйан кэбиһэбит. Барытын сөпкө оҥордоххо, уруучука суола сүтэр.

 

Саһарбыт маҥан пластигы чөлүгэр түһэрэбит

Маҥан өҥнөөх пластик саһарар идэлээх. Холобур, микроволновай оһохпутун хайдах маҥхатабыт?

Аптекаттан «Димексид» диэн ааттаах флаконнаах суурадаһыны атыылаһабыт, илиибитин харыстаан эрэһиинэ бэрчээкки кэтэбит, суурадаһыммытын баатаҕа кута түһэн баран, оһохпут (эбэтэр атын пластигы) саһарбыт сирдэрин 1 мүнүүтэ курдук сэниэлээхтик сотобут. Ити кэннэ пластик биллэ сырдыыр.

 

Махровай соттору хайдах сымнатабыт?

Элбэхтик суулуннахтарына, махровай соттордор кытаатан, хорчоххой буолан хаалаллар. Ону маннык сымнатыахха сөп эбит: соттордору бастаан сууйабыт. Онтон тааска уу кутабыт, 1 лиитирэ ууга 1 остолобуой ньуоска туус диэн суоттуубут. Соттордорбутун онно уган сайҕыы түһэбит, чаас аҥаара сытыарабыт. Ити кэнниттэн үчүгэйдик ыган баран, уубутун уларыта-уларыта, биирдэ-иккитэ сайҕыыбыт, ыгабыт, куурда ыйыыбыт. Соттордорбут сып-сымнаҕас буолаллар.

 

Таҥас өҥүн чөлүгэр түһэрэбит

Таҥас өҥө өлбөөдүйэн хаалбыт буоллаҕына, хайдах чөлүгэр түһэрэбит? Аптекаттан аммиак суурадаһынын атыылаһабыт. Холобур, таптыыр маайкабыт, футболкабыт чаҕылхай өҥүн төнүннэрэр курдук сылаас ууга угабыт (үрдүнэн сабар ууга, элбэххэ буолбатах), аптекаттан ылбыт аммиакпытыттан 1 остолобуой ньуосканы кутабыт уонна чаас аҥаара сытыарабыт. Ити кэннэ таҥас өҥө тупсубута, чөлүгэр түспүтэ харахха быраҕыллар.

 

Маҥан наскыны

Бастатан туран, 100%-наах кислородтаах маҥхатар (отбеливатель) атыылаһабыт, холобур, «Елизар» диэни. Кыра иһиккэ оргуйбутунан ууну, 1 остолобуой ньуоска маҥхатарбытын кутабыт уонна итиннэ маҥан наскыларбытын быраҕабыт (эрдэттэн сууйа сатаабаппыт). Чаас аҥаарын кэриҥэ наскыларбытын сэрэнэн булкуйабыт эрэ уонна хостуубут, сайҕыыбыт.

 

Куукуна соттордорун сууйабыт

Куукуна соттордоро ас астыырга куруук чугас, илии тиийэр сиригэр баар буоланнар, түргэнник киртийэллэр, бээтинэ да буолаллар. Кирин түргэнник ыытар курдук хайдах сууйабыт? Биһиэхэ иһит сууйар «Фэйри», таҥас сууйар гель, холобур, «Sorti» наадалар. Сөп буолар эрэ кыра иһиккэ 1-2 остолобуой ньуоска иһит сууйар уонна таҥас сууйар геллэрбитин, 1 остолобуой ньуоска мас арыытын уонна оргуйа сылдьар итии ууну кутабыт, үчүгэйдик булкуйабыт итиэннэ соттордорбутун угабыт. Чаас аҥаара сытыарабыт уонна сайҕыыбыт.

 

Маркер суолун суох оҥоробут

Арай перманентнай маркерынан суруйа олорон эбэтэр оҕоҕут лаахтаах остуолга (атын да дьиэ тэрилигэр) марайдаан кэбиспит буоллаххытына, хайдах гынаҕыт? Тута парфюмернай туалетнай уунан (туалетная вода) ыстарабыт уонна баата дискэнэн сотобут. Түргэнник дьаһаннахха сүтэр диэн бэлиэтииллэр.

 

Дьиэ кыылын түүтүн дьыбаантан хайдах ыраастыыбыт?

Дьиэтээҕи харамайдарбыт – дьиэ кэргэн чилиэннэрэ, баайбыт, эрэллээх доҕотторбут. Биир итэҕэстэрэ – түүлэрэ түһэр, киһи таҥаһыгар сыстар. Ону хайдах ыраастыыбыт? Илиибитигэр канцелярскай скотч эринэбит, биллэн турар, сыһыарар өттүн таһыгар гынабыт уонна дьыбааҥҥа, таҥаспытыгар даҕайан, түспүт түүлэри сыһыаран ылабыт.

 

Таҥаспытыгар дьуоту тохтохпутуна...

Дьуот бээтинэтин эмиэ сатаан ыраастыыллар эбит. Аптекаттан убаҕас ампулалаах аскорбиновай кислота атыылаһабыт. Баатаҕа итини илийиэр диэри кутабыт уонна дьуот тохтубут миэстэтигэр уурабыт, 20-30 сөкүүндэ тутабыт, онтон ылабыт. Хаттаҕына бээтинэтэ сүтэр.

 

Үрүҥ көмүһү ыраастыыбыт

Таас иһиккэ духуопкаҕа аһылык буһарарга туттар алюминий фольгабытын тэлгэтэбит (иһит пуорматын үтүгүннэрэн бүтүннүү сабабыт). 1 остолобуой ньуоска суоданы, остолобуой ньуоска аҥаара тууһу уонна оргуйбутунан итии ууну кутабыт, булкуйабыт. Оҥорбут суурадаһыммытыгар үрүҥ көмүспүтүн угабыт, 15-20 мүнүүтэ сытыарабыт. Ити кэм иһигэр киэргэллэрбит эбэтэр ньуоскаларбыт саҥаларыгар түһэллэр.

 

Ванна сиэркилэтэ сиигирбэтин курдук

Итии ууну холбоотоххо, ванна сиэркилэтэ сиигирэн хаалар. Оннук буолбатын курдук хайдах гынабыт, тугунан сотобут? Флаконнаах убаҕас мыыланан эбэтэр душтанарга туттар гелинэн биһэбит, онтон куурда сотобут (сайҕаабаппыт), оччоҕо сиэркилэ сиигирбэт буолар.

 

Хаһаайыстыбаннай мыыланы туохха туттуохха сөбүй?

Илиибитин кыратык итиигэ сиэттэхпитинэ, уунан илитэ түһэн баран хаһаайыстыбаннай мыыланан сотобут уонна хатарабыт. Оччоҕо хабах тахсыбат, түргэнник оһор.

Тумуулаары гыннахпытына баата диискэни ууга илитэбит, хаһаайыстыбаннай мыыланан үчүгэйдик биһэбит уонна трубочка курдук суулуу тутан баран муннубутугар угабыт.

Таҥас, суумка молнията кытаанах, эрэйдээхтик хатанар-аһыллар буоллаҕына, хаһаайыстыбаннай мыыланан сотон биэрэбит, оччоҕо үлэтэ тупсар.

 

Бронхиттан минньигэс эмп

Хоруордубат иһиккэ уган 300 грамм ынах арыытын кыра уокка туруоран уулларабыт (оргуппаппыт). Барыта ууллубутун кэннэ 300 грамм мүөтү эбэбит, булкуйабыт, онтон 1 ыстакаан саахары кутабыт, эмиэ булкуйа-булкуйа уулларабыт. Ол кэннэ 100 грамм какао бороһуогун кутабыт. Барыта быһа холоон 800 мл буолар, ону сылаастыы таас иһиккэ сүөкүүбүт, сойута түһэн баран холодильникка угабыт. Минньигэс эмп холодильникка биир сыл туох да буолбакка туруон сөп.

Хайдах иһэбитий? 1 остолобуой ньуосканы 1 ыстакаан сылаас үүккэ кутабыт, ол эрэн ханна эрэ бараары, таһырдьа тахсаары сылдьан испэппит. Сорохтор итиннэ алоэ сибэкки суогун эбэллэр эбит. Туһаммыт дьон олус хайҕыыллар, сыллар тухары бастаан оҕолоругар, онтон сиэннэригэр иһэрдэллэр.

 

Кыптыый сыппаабыт буоллаҕына...

Кыптыый сороҕор кумааҕыны да сатаан кырыйбат гына сыппыыр. Ону хайдах түргэнник сытыылыыбыт? Манна эмиэ ас астыырга үгүстүк туттар алюминий фольгабыт көмө буолар. Кылабачыгас өттүнэн хас да бүк тутабыт уонна 30-чата кырыйабыт. Итинник түргэнник кыптыыйбытын сытыылаан биэрэбит.

 

Баайыы таҥас тардан хаалбыт

Баайыы таҥаспыт, холобур, бэргэһэбит, сууллан баран тардан, кыччаан хаалбытын хайыыбытый? Бырахпаппыт, быыһыы сатыыбыт. Саҥаттан сууйабыт эбэтэр илитэбит уонна инчэҕэйдии урукку кээмэйин саҕа буоларын курдук сэрэнэн ууннарыта тардабыт. Онтон сотторго куурда уурабыт, кууруор диэри тыыппаппыт.

 

Маҥан таҥас хонноҕун аннынан саһарбыт

Сөбүлүүр маҥан футболкабыт хонноҕун аннынан саһарбытын хайдах суох оҥоробут, хайдах маҥхатабыт? Итини суох гынарга бытовой химия маҕаһыыныттан «Azelit анти-жир» спрей атыылаһабыт, бээтинэҕэ дэлби ыстарабыт уонна сууйар курдук аалабыт. Ити кэнниттэн хаһаайыстыбаннай мыыланан эбэтэр  бороһуогунан сууйабыт.

 

Сирэйбитин ыраастыыбыт

Сирэйбитигэр, ордук муннубутугар хара туочукалар тахсаллар. Биллэн турар, араас скрабтарынан ыраастыахха сөп. Арай анал сириэстибэлэрбит суох эбэтэр бүтэн хаалбыт буоллахтарына тугу гынабыт? Оччотугар биһиэхэ 1 табылыакка активированнай чох уонна 2 кыра ньуоска желатин, 1,5 остолобуой ньуоска уу наада. Кыра иһиккэ, миискэҕэ активированнай чоҕу үлтүрүтэбит, желатины эбэбит уонна уу кутабыт (бастаан 1 кыра ньуоска ууга суурайабыт, онтон өссө 1 остолобуой ньуоска ууну эбэбит) уонна микроволновай оһоххо 30 сөкүүндэҕэ туруорабыт. Сойутан баран сирэйбитигэр хара туочукалар баар сирдэригэр сотобут, хатарын күүтэбит. Хаттаҕына пленка курдук наһаа үчүгэйдик хастанан кэлэр.

 

(интэриниэт ситимиттэн сүбэлэр)

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...