Күндүтүк саныыбыт, өрүү махтанабыт!
Юлия Осипова, Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын пресс-сулууспатын кылаабынай исписэлииһэ:
— Биhиги маҥнайгы учууталбыт Марианна Эдуардовна Моисеева суруйарга, суоттуурга, ааҕарга, доҕордоhорго, улахан дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыhыаннаhарга, айылҕаны, тулалыыр эйгэни харыстыырга үөрэппитэ. Оскуолаҕа, нэhилиэккэ, улууска ыытыллар бары күрэхтэргэ кылааһынан ситиhиилээхтик кыттарбыт. Ол курдук учууталбыт хас биирдии оҕо дьоҕурун кэтээн көрөн арыйа сатыыра, куруук көмөлөһөрө. Хайҕыыр кэмҥэ хайҕаан, мөҕөр кэмҥэ мөҕөн, чиэhинэй буоларга үөрэппитэ.
Түгэнинэн туhанан, Марианна Эдуардовнаны Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Ону таhынан Горнай улууhун Бэрдьигэстээх оскуолаларын учууталларыгар, кыра эрдэхпиттэн үөрэ-көтө дьарыктаммыт "Аргыс" оҕо устуудьуйатын салайааччыларыгар улахан эҕэрдэбин уонна махталбын тиэрдэбин. Үчүгэй истигэн үөрэнээччилэри, өйдүүр-өйүүр төрөппүттэри баҕарабын.
Александр Бурнашов, СӨ норуодунай артыыһа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо:
— Киэҥ аартыкка сирдээбит, үөрэх сырдыгын иҥэрбит, оскуола боруогар аан бастаан сиэтэн киллэрбит тапталлаах учууталым Дарья Иннокентьевна Маркованы Учуутал күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Кини – «Учууталлар учууталлара”, Мэҥэ Хаҥалас Табаҕа орто оскуолатыгар музыка учууталынан өр сылларга үлэлээбитэ.
Учууталым барахсан оҕо уһуйааныттан саҕалаан оскуола алын кылаастарын бүтэриэхпэр диэри атын оҕолортон чорботон туран үөрэппитэ.
Нюргуяна Сыроватская – Нюргуша, ыытааччы, блогер:
— Учуутал күнүнэн маҥнайгы учууталым Любовь Егоровна Мушникованы истиҥник эҕэрдэлиибин, махталбын тиэрдэбин. Кини кытаанах, ирдэбиллээх, эппитин толорторор этэ. Ол иһин үлэҕэ, олоххо дьулуурдаах киһи буолбуппун дии саныыбын. Любовь Егоровнаҕа доруобуйаны, табыллыыны баҕарабын.
Петр Черкашин, уопсастыбанньык, «Үтүө санаа долбуура» аахсыйа көҕүлээччитэ, «Чолбон» бассейн дириэктэрэ:
— Мин 1994 сыллаахха Уус Алдан Тумул оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Биһиги маҥнайгы учууталбыт Зоя Ивановна Габышева барыбытыгар ийэлии сыһыаннаһара, биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдук эйэлээх этибит. Билигин да бииргэ тутуспутунан сылдьабыт, бэйэ-бэйэбитин өйөһөбүт. Учууталбыт бу күҥҥэ диэри көмүс сүбэлэринэн көрө-истэ, көмөлөһө сылдьар. Зоя Ивановна курдук учууталлаахпынан киэн туттабын!
Екатерина Хоютанова, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа:
— Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бэдьимэ орто оскуолатын 2010 сыллаахха бүтэрбитим. Маҥнайгы учууталбыт Надежда Григорьевна Дмитриева биһигини ааҕарга, суруйарга, суоттуурга уһуйбута, үчүгэй үөрэхтээх, бэрээдэктээх, үлэһит дьон буоларбытыгар кыһаллара. Онтон 2-4 кылаастарга салгыы Екатерина Николаевна Попова үөрэппитэ. Кини миэхэ артыыс буоларбар бастакы олугу уурбута. Ол курдук оскуолаҕа, нэһилиэккэ, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар араас күрэхтэргэ, уус-уран ааҕыыларга кытыннарара, элбэхтик миэстэлэһэн үөрэрбит-көтөрбүт. Екатерина Николаевна хоһоону ааҕарга, артыыстыырга, оруолга киирэргэ чочуйбута.
Маҥнайгы учууталларбар махталым муҥура суох. Учуутал күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ариян Свинобоев - Арыйаан, ырыаһыт, спортсмен:
— Мин 1996 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Тумул орто оскуолатыгар киирбитим. Маҥнайгы учууталым Галина Егоровна Аргунова билигин даҕаны оскуолаҕа үлэлии сылдьар. Кинини кытта сибээспитин быспаппыт, куруук билсэ олоробут. Бу санаатахха, биһиги кылааспыт саамай түмсүүлээх, бэрээдэктээх этэ, күн бүгүҥҥэ диэри оннук эйэлээхпит.
Оҕо сааспын, оскуолаҕа үөрэммит сылларбын олус күндүтүк саныыбын. Таптыыр учууталбытыгар үөрэппит оҕолоруҥ ааттарыттан эҕэрдэбитин тиэрдэбин, доруобуйаны баҕарабын.
Юрий Гольдеров, ырыаһыт:
— Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгин орто оскуолатын бүтэрбитим. Оскуолаҕа 2002 сыллаахха киирбитим, маҥнайгы учууталым Марина Петровна диэн этэ. Биһиги дьолбутугар, бииртэн биир үчүгэй учууталлар үөрэппиттэрэ, оҕоҕо сыһыаннара, билиини биэрэллэрэ ураты буолара.
Бу билигин киэҥ эйгэҕэ ыллыы-туойа сылдьарым барыта учуутал үтүөтэ дии саныыбын. Ол курдук миигин ырыаҕа уһуйбут Марианна Ивановна Иванованы чорботон ааттыахпын баҕарабын. Киниэхэ махталым муҥура суох, күн бүгүҥҥэ диэри сибээспин быспаппын, куруук сүбэ-ама буолар.