03.09.2021 | 15:12

Күндү сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрэ, куорат олохтоохторо!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тус бэйэм уонна Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын аатыттан Иккис аан дойду сэриитэ түмүктэммит Күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Бу өйдөбүнньүк күн историческай суолталааҕын бэлиэтиэхпин баҕарабын, ССРС-ка 1945 сыл балаҕан ыйын 3 күнэ судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан билиниллибитэ – бу Японияны Кыайыы Күнэ. Ол эрэн, 1947 сыллаахтан үлэ күнүнэн ааҕыллар буолбута уонна бырааһынньык быһыытынан умнуллубута. 2020 сылга диэри Иккис аан дойдутааҕы сэрии балаҕан ыйын 2 күнүгэр түмүктэммит курдук бэлиэтэнэрэ. Дойду Президенэ Владимир Путин биллэрбит өйдөбүнньүк уонна албан аат Сылыгар, история кырдьыгын төннөрөн, балаҕан ыйын 3 күнэ Иккис аан дойду сэриитин түмүктэммит күнүнэн билинилиннэ. 
Биһиги кыайыылаах көлүөнэҕэ, дойдубут дьоруойдарыгар уонна патриоттарыгар сүгүрүйэбит уонна муҥура суох махталбытын биллэрэбит. 
Уонунан сыллар ааһаллар, көлүөнэлэр солбуйсаллар, ол эрэн улуу кыайыы, национальнай киэн туттуубут, албан аат уонна норуот хорсунун бэлиэтэ буолан дойдубут историятыгар үйэлэргэ суруллан хаалыаҕа. Сылын аайы саамай хаан тохтуулаах, алдьархайдаах сэрии ыараханын санныларыгар сүкпүт дьонунан киэн туттуубут күүһүрэр, дириҥ суолталанар. 
Бүгүн, аныгы, түргэнник уларыйар эйгэҕэ олорон, Аҕа дойдубут историятыгар ытыктабылбытын үйэлэргэ иҥэринэн харыстыах тустаахпыт. 
Бэтэрээннэрбитигэр чэгиэн өйү-санааны, кытаанах доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, дьолу уонна уһун олоҕу баҕарабын!

Дьокуускай куорат Баһылыга Евгений Григорьев

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...