08.03.2021 | 05:42

Күндү киһи аймах кэрэ аҥаардара!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар ый сылаас сардаҥатын кытары күүтүүлээх сааскы бырааһынньыкпыт – Аан дойду дьахталларын күнэ тиийэн кэлэр.

Өбүгэлэрбит саҕаттан дьахтар аймах алаһа дьиэни араҥаччылааччынан, айылҕатын аналынан кэрэ, таптал, үтүө, истиҥ санаа иэйиилэрин кэрэһитинэн буолар. Аныгы тэтимнээх олохпутугар кэрэ куо барытын ситиһэр – үөрэҕи баһылыыр, үөрэнэр, таһаарыылаахтык үлэлиир, ону кытта оҕолоругар сөптөөх иитиини биэрэр. Ону сэргэ олох-дьаһах араас салаалырыгар, бэлиитикэҕэ, урбааҥҥа, успуорка, уопсастыбаннай олоххо бэйэтин сатабылын көрдөрүөн сөп.

Ол эрээри, төһө да биһиги аныгы дьахтар күүстээх, сатабыллаах кыаҕын сөҕө көрдөрбүт, кэрэ аҥаар бу күн сиригэр кэлбит анала ийэ буолуутугар сытар. Бу күн сиригэр ийэ оҕотугар тапталыттан күүстээх туох да суох. Үтүө санаа, сиргэ таптал оҕоҕо ийэ үүтүн кытта бэриллэр. Төһө да кэм аастар, ийэ тапталын билэн улааппыт киһи, ол санаата кини сүрэҕин сылааһынан илгийэ сылдьар.

Бу сааскы күн киһи аймах кэрэ аҥаардарын Кулун тутар 8 күнүнэн, Дьокуускай куорат Думатын уонна бэйэм ааппыттан, ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиирбэр көҥүллээҥ. Эһиэхэ кытаанах, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, тапталы, этэҥҥэ буолууну, барытыгар ситиһиини уонна саҥа саҕалааһыҥҥыт табылларыгар баҕарабын. 

Дьокуускай куорат Думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...