Күндү доҕоттор, Дьокуускай куорат ытык-мааны олохтоохторо!
Эһигини үүммүт 2021 сылынан эҕэрдэлиибин. Ааспыт 2020 сыл биһиэхэ барыбытыгар үгүс уустуктары уонна саҥа соруктары туруорда. Ол эрээри бары бииргэ сомоҕолоһон, сыл саҕаланыыта былааннаабыппытын толордубут.
Барыгытыгар, чуолаан медицина үлэһиттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин. Бу уустук кэми аахсыбакка, оҕолорбут тустарыгар үлэлээбит, кыһамньыларын уурбут учууталларбытыгар, иитээччилэрбитигэр махтанабын. Ону таһынан, тутааччыларга, суол үлэһиттэригэр махталбын биллэрэбин.
Быйылгы былаан барыта туолла. Биһиги, ыарахаттарга бэриммэккэ, саҥа дьиэлэри, суоллары, оскуолалары, уһуйааннары тутарбытын тохтоппотубут, олбуордарбытын тупсардыбыт, уулуссаларбытын сырдаттыбыт. Бу барыта – тапталлаах куораппыт тупсарын, киэркэйэрин, оҕолорбут саргылара салалларын туһугар.
Эһиэхэ үүммүт сылга бары сырдыгы, үтүөнү баҕарабын. Хас биирдии дьиэҕэ ил-эйэ эҥэрдэстин. Баҕа санааларгыт, былааннаргыт барҕара туоллуннар, үрдүккэ кынаттаатыннар. Саҥа сылга саҥа ситиһиилэри, табыллыыны. Айымньылаах, бигэ туруктаах сыл буоллун. Барыгытыгар дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева