Күнү-дьылы билгэлээччилэр Саха сиригэр икки ый ураты итии буоларын сабаҕалыыллар
Саха сирин улахан аҥаарыгар бу ый устата ураты итии күн-дьыл турара уонна от ыйа эмиэ олус итии буолара сабаҕаланар. Ол туһунан ЯУГМС начаалынньыгын солбуйааччы Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.
«Бэс ыйын бүтэһик күннэригэр халлаан билиҥҥитээҕэр арыый да сөрүүдүйүө, ол эрэн сүнньүнэн син-биир итии буолуо, +27+32 кыраадыс буоларын күүтэбит. От ыйа эмиэ итии буолара сабаҕаланар», - диэтэ Маршалик.
Бу ый бүтүөр диэри улахан ардах түһэрэ биллибэт эбит. «Улахан ардах түспэт, быстах этиҥнээх ардахтар түһүөхтэрэ», - диэн ЯУГМС бэрэстэбиитэлэ чуолкайдаан эттэ.
Бэс ыйыгар Саха сиригэр сууккаҕа салгын ортотунан нуорматтан сэттэ кыраадыһынан ордук итийэр. Татьяна Маршалик бэлиэтээбитинэн, ити көрдөрүү сэрэхтээххэ киирсэр үһү. От ыйыгар орто температура нуорматтан биир-икки кыраадыһынан үрдүүрэ күүтүллэр.
Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр киин иһитиннэрбитинэн, бүгүн сарсыарда уонна күнүс куоракка быстах этиҥнээх ардах түһүөн сөп, күнүскү кыраадыс +27+29.
Ааспыт нэдиэлэ бүтэһигиттэн сатыылаан турар итиини күнү-дьылы кэтиир үлэһиттэр нуорматтан тахсар, аномальнай итии дииллэр. Киин куоракка уонна аттынааҕы сирдэргэ ойуур баһаарын V кылаастаах сэрэҕэ киирэн турар.