Көмүс сутурук уонна сахалар
Бу күннэргэ бокса бөҕө. Ижевскэйгэ саха боксердара Арассыыйа кубогын кыайыынан саҕалаатылар. Ити иннинэ Тим Цзю профессионалларга киирсэрэ биллэрин кытта, олохтоох бассаапка аҕата сахалардыын түспүт хаартыскалара, ону ырытыылар көрдүгэннии күөдьүйбүттэрэ.
“Миигин көннөрү Костя диэҥ”
Күндү тааһы сөбүлүүрүн уонна бэрчээккинэн элбэх көмүс дуйдааҕы ылары ситиспитин иһин, кинини ардыгар “Көмүс сутурук” дииллэр. Ону сөбүлүүр чинчилээх. Оттон пааспарыгар суруллубутунан “Константин Борисович” диэтэхтэринэ, бу аҕыйах хонугунан 51 сааһын туолуохтаах аатырбыт суперсулус тохтотор. Көннөрү “Костя Цзю” дэттэрэр. Ол аҕатын аатын ааттатымаары буолбатах. Кини аҕа саастаахтары олус ытыктыыр. Цзю диэн эһэтэ Кытайтан Уһук Илиҥҥэ кэлбит булкаас хаана суох кэриэй. Репрессияланан Уралга кэлэн олохсуйбут. Костя төрүттэрин, аймахтарын олоро сылдьыбыт сирдэринэн көрдүүрү, ирдиири эдэриттэн саҕалаабыта.
Костя Цзю — Европа икки төгүллээх чемпиона, Үтүө Дьулуур оонньууларын кыайыылааҕа. Аан дойду чемпионатыгар 1991 с. пъедестал үрдүкү үктэлигэр сэбиэскэй хамаандаттан соҕотох тахсар чиэскэ тиксибитэ. Ол кэннэ ССРС бүтэһик чемпионунан историяҕа хаалбыта. Ол кэннэ Австралияҕа көспүтэ. Бэрт түргэнник боксаҕа профессионалларга 63.5 кг аан дойду үс түмсүүтүгэр, ол эбэтэр абсолютнай чемпиона буола охсубута. Итинник ааты ылбыт уонна көмүскээбит Арассыыйаҕа төрөөбүттэртэн бастакы. Рингэҕэ киирсиитин эмиэ уратытык түмүктээбитэ. Утарсааччыта 11 рауҥҥа курданарыттан аллараа охсубутун кэннэ, секундана сотторун быраҕарыгар сөбүлэспитэ. ”Секунданым сөпкө быыһаабыта. Охсуллан баран, онно өлөргө бэлэмэ суохпун өйдөөбүтүм”, – диэбитэ. Ол кэннэ ийэтин сүбэтин ылынан, киирсэрин тохтотон, боксаны пропагандалааһыны бизнес хайысхалаабыта.
“kostyatszyu. Это 1986 год.”
Цзю. Бу араспаанньа урукку курдук тэлэбиисэргэ ааттанара элбиирин кытта, соцситимнэргэ саха уолаттара Костя Цзюну кытта 17 саастааҕар түспүт хаартыскалара күүлэйдээн барбыттара.
Олорго манныктар бааллар: “...Павлов Стас диэн үчүгэй уол баара дии...
...Елеен...
...Цзюну молодежка кыайан турар...
...Цзюну кытта киирсибит буолуохтаах дуу оҕо сылдьан, таһыччы талааннаах уол дииллэрэ, Александр Иванов да улаханнык хайгыыр этэ, хаһыакка аахпытым...
...Ал. Ивановтуун бииргэ сулууспалаабыттар этэ, Владикка. Армия кэннэ күрэхтэспэккэ, өлөөхтөөбүтэ. Кэнники Нөмүгүгэ иҥин олорбута быһыылааҕа...
...Арыгыны кыайбаккын...
...Оннук хаарыан уол. Кэргэнэ Таатта этэ. ЫК тренердии сылдьыбыта кылгас кэмҥэ...
...Оннук бөҕө бу, дьаат...
...90-с буккуйдахтара, элбэх талааннаах ыччат суорума суолламмыта...
...Мин тренерым этэ, Станислав Иннокентьевич Павлов, бокуонньук...
...90- с арыгыны ыһан кэбиспиттэрэ, үлэ суох...
...Цзюну иккитэ кыайа сылдьыбытым диэбитэ быьылах союзка, цзю жеска фанат этэ диэн кэпсиирэ...
... Сарсын биьи иккиэн киирсэбит диэн кэлэн куттуу сатыыра диирэ уол огото уьу Цзю, ону хайаабыккыный диэбиппитигэр наказал бо диэбитэ...
... Цзю кэлин союьу ылан баран дайте мне Павлова дии-дии истиэнэни кырбаабыт диэн кэпсээн баар”...
Итилэр ис хоһооннорун Цзю туох диэ эбитэ буолла? Дьиҥэ, кини рингэҕэ уопсайа 304-тэ тахсыбыта, ол онтон 34 рингэтэ –профессиональнай. Профессионалларга иккитэ эрэ кыайтарбыта. Любителлэргэ 13-тэ хотторбута. Ол онтон официальнай сурукка “оҕолорго түөртэ кыайтарбыта” диэн суруллар да, кимнээҕэ ааттаммат.
Ити бассаап геройдарыттан бэйэлэриттэн балайда “силиэстийэлэммит” ыстатыйа интэриниэккэ угуллубута уонтан тахса сыл буолла. Ол тухары прессаҕа улахан болҕомто уурар, бэйэтэ интэриниэт-хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ – аатырбыт боксер хараҕын халтарыта көрө сылдьыбыт буолуон сатаммат: “Костя Цзю и якуты. Личность, достигшая мировых высот, всегда вызывает интерес. И Константин Цзю – не исключение. И более приятно, что с ним некогда разделяли комнату в студенческом общежитии якутские парни. На дворе стоял 1986 год. Первокурсники машиностроительного факультета Свердловского инженерно-педагогического института Аркадий Мегежекский из Верхневилюйского района, Альберт Никифоров и Гоша Иванов из Нюрбинского, Миша Собакин из Кобяйского, Коля Ефимов и Андрей Федоров из Орджоникидзевского жили в одной общаге, что называется, ели из одной миски. Поддерживали связь и с якутянами из других факультетов. Однажды вечером в комнату № 441 общежития СИПИ вбежал земляк Леня Ксенофонтов, студент энергофака. Не один – с другом, по внешнему виду – тоже земляк, «пашенный». Представился Костей. Так судьба столкнула первачей из Якутии с будущим «золотым кулаком» Константином Цзю. Напомним, был 1986 год. Нераскрученный бренд, пока только чемпион СССР среди юниоров – имя Цзю якутам ничего не говорило. Оказалось, что Цзю – тоже студент одного из вузов Свердловска, только его до зимней сессии в глаза не видели: сборы, соревнования… А экзамены сдавать-то надо, вот и дали Косте наводку на Леню – мол, по вопросам рефератов-контрольных обращайся к якуту. История умалчивает, на каких основаниях они договорились. Известно одно – сговорились. Косте надо было пережить (в буквальном смысле) сессию, и местом временного его пребывания оказалась комната № 441. «Лет ему было 17, мальчишка. Сразу нашли общий язык, все-таки «одной крови», азиаты», – рассказывает один из соседей по комнате. Что впечатлило якутских парней, так это «крутые» атрибуты боксера: эксклюзивное «СССР» – показатель принадлежности к сборной Союза – на большой спортивной сумке и форме. В диковинку была также бейсболка – такой головной убор тогда еще не имел столь широкого распространения. Перчатки и шлем тоже были фирменные. «Нам было по 22-23 года, а Костя – вчерашний школьник, – говорит другой сосед по койке. – Так что он был нам младшим «братом». В силу возраста он вел себя иногда по-детски – бегал на каток на площадь перед «Уралмашем», но в то же время отличался рассудительностью, вдумчивостью. «Сила есть – ума не надо» – это не про него. И анекдот про боксера, для которого голова, чтобы ею кушать – тоже не про Костю. У него был определенный рацион, больше налегал на кисломолочные продукты. Вел здоровый образ жизни. Чего греха таить, «деды» отмечали те или иные даты «по-взрослому», тем более был «самый сенокос» – зачеты, экзамены, Рождество, Новый год, Старый Новый… Но Цзю ни разу не пригубил. Парни «толкали» вещи, преимущественно якутского происхождения, на барахолках. Пальму первенства по спросу среди покупателей держали шапки из ондатры. И грех было не подарить Косте такой головной убор. Неважно, носил он ее или передарил. Главное, был растроган подношением. Среди якутской братии получил распространение слух, что якобы Алик Никифоров отправил в нокаут Костю Цзю. Мол, не так силен боксер, как его малюют. Но в таком компрометирующем Константина факте Альберт Иванович, ныне полковник милиции в отставке, не признается.
- Конечно, мы прикалывались. Он приходил после тренировок уставший, изможденный. А мы устраивали своеобразные бои. Мол, покажи, брат, на что ты способен. И набрасывались двое на одного. В него попасть было сложно, почти невозможно. Но если попадешь – ответ не замедлит ждать, мало не покажется. «Ну, все-все, хорош», – и сдаешься. Где-то в феврале 1987 года он опять уехал – на международный турнир. Вернулся чемпионом. Привез фотографии отличного качества – кодаковские, простые строители коммунизма таких еще не видели. Эта история настолько давняя, что кажется неправдой. Теперь Константин Цзю – суперзвезда. А его якутских «братьев» раскидало по разным уголкам Якутии, у каждого своя жизнь. В чем-то банальная, кое-чем примечательная. Но это уже совсем другая история. А помнит ли тот самый мальчик Костя о данном отрезке своей богатой биографии? Может, в его потрепанном фотоальбоме тоже сохранились простые, открытые якутские лица? Ведь все эти снимки, и даже больше, – ему давали.
P.S.: В интервью в какой-то газете Костя сказал относительно своих обнародованных фотоснимков: «Права на эти фотографии принадлежат мне. Не люблю, когда на мне спекулируют, – и тут же добавил: – Упрек, конечно, не моим болельщикам, а пиратам. Кто скажет, что мы пираты? Светлана Алексеева”.
Бу сурук тахсыбыта оруобуна икки сылын туолуутугар, 2010 сылга, кулун тутар ыйга Чурапчыга өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар сылдьыбыта. Онно уонна Дьокуускайга официальнай көрсүһүүлэргэ хас да төгүллээн маастар-кылаас көрдөрөрүгэр, сахалары кытта урут алтыһа сылдьыбытын биир да тылынан ахтыбыта биллибэтэҕэ. Төһө эмэ оччо Саха сиригэр кэлэн биэрбитигэр тоҕо эрэ ким да туоһуласпыта эмиэ иһиллибэт. “Пираттар” диэҕэ диэн толлубуттара буолуо дуо?
Тус “Инстаграмыгар” 436 тыһыынча подписчиктарын ортотугар сахалар элбэхпит. Ону да элбэх киһи суруйдаҕа. Хаһан ааҕыай? Ол гынан сахалардыын түспүт хаартыскалар аннынааҕы комментарийдарга: “kostyatszyu (төгүрүк иһигэр галочкалаах бэлиэ турбут) Это 1986 год.” диэн Костя быыс булан суруйбут. Итинэн сурук ис хоһоонугар сөбүлэспит диэн кэбиһэр эмиэ оччо сатаммат, баҕар, үрдүнэн көрөөт, аҥаардас хаартыскаларга чахчы кини олороро фотошоп буолбатаҕын эрэ бигэргэппит буолуон эмиэ сөп...
Ханна да сырыт – патриот буол
Костяны патриот уонна туруоруммут ыратын толорорго дьүккүөрдээх диэн биһириибин.
Хулио Сесар Чавес карьератын кыайыынан түмүктүүргэ быһаарыммыта. Ол иннинэ хотторбут буолан, бааһырбыт адьырҕалыы кэтии-маныы сылдьар ыарахан сирэйдээх-харахтаах этэ. Кини дойдутугар Мексикаҕа эрэ баар, соруннаҕына хайа баҕарар түгэҥҥэ бэйэтинээҕэр да аарыма кыылга түһэр пума диэн ынырык сиэмэххэ маарынныыра. Саалаҕа ыһыытааччы 90 бырыһыан кини биир дойдулаахтара – эмоциональнай мексиканецтар, үксүлэрэ итирик, холуочук, наркотиктаммыт этилэр. Идоллара кыратык да хамсаатар эрэ, иирбиттии мөхсө, эккирии түһэллэрэ, Костя таптаҕына “Дуу?!” дии абаккатыйаллара. Бытыылканан быраҕаллара. Киһилэрэ хаста да дөйбүтүгэр, тоҕо маннык дьаабылаатыҥ диэбиттии, өссө үүнэ-тэһиинэ суох барбыттара. Хапсыһыы тохтотуллубута. Костя кыайбытын биллэрдэхтэринэ, бытыылкаларынан “катюшалыы” сэриилиэхтэрэ, тоҕу анньан тэпсиэхтэрэ диэн, оһоллоомоору, илиитин ууннаралларыгар тиэрдибэккэ, рингэттэн таһааран, отучча бөҕө киһи хаххатынан куоттарбыттара. Ол үлүгэр ыгыыга-баттааһыҥҥа Костя долгуйбатаҕа, ымыр гымматаҕа, таптарбатаҕа.
Оттон патриотизм араастаах. Костя Австралияҕа олорор кэмигэр ити дойду былааҕынан киирсэргэ күһэлиннэр да, Арассыыйатын аатын уонна төрөөбүт нууччалыы тылын дуораһыттара сатыыра. Киирсиитигэр ыалдьааччыларын хаһыытын нууччалыы ырыанан доҕуһуоллатарга Лариса Долинаны Америкаҕа анаан илдьэ сылдьыбыттаах. Онно утарсааччытын оннооҕор Майк Тайсон баһылыктаах быдан элбэх ахсааннаах өйөөччүлэрин баһыйбыттара.
Бүтэһик кыайтарыытыттан ыарахан кэмигэр олоҕун аргыһа ситэ өйөөбөтөҕүттэн хомойбута. Итиннэ бэйэтигэр, төрөппүттэригэр, эдьиийигэр кытта улахан виллалары, эрчиллэригэр саалалары ылан олохсуйарга оҥостубут санаатын тосту уларыппыта. Төрөөбүт Серовыттан барсыбыт бастакы кэргэниттэн Наталья Аникинаттан арахсыбыта, эйэ-дэмнээх сыһыаны салгыыр. Онно киниэхэ уонна үс оҕотугар спортивнай материалыттан атынын барытын хаалларбыта. Ол үс оҕото күөх континеҥҥа үөскээбит, улааппыт ыччаттар бары нууччалыы саҥараллар. Арассыыйаҕа кэлэ сылдьаллар.
Костя иккис олоҕор бэйэтэ оҕолоох Татьяна Авериналыын холбоһон, өссө икки ыччаттаммыттара. Билигин сүнньүнэн Москваҕа олорор эрээри, Арассыыйаны биир гына кэрийэ сылдьан, боксаны сэҥээрдиигэ улахан болҕомто уурар. Бэйэтэ талбыт спордун көрүҥэр 200 оскуоланы тэрийдэҕинэ, олортон чаҕылхай сулустар таҕыстахтарына, дьэ биирдэ дуоһуйуом этэ диир.
Тим Цзю бары суолунан аҕатын эрэллээхтик батыһарын биһирээн, холобурунан бэлиэтиэхпин баҕарабын. “Бары суолунан” диэн тылы мээнэ эппэппин. Суоллар... суоллар... – ол хаамар ыллыктар, айанныыр аартыктар эрэ буолбатах... Санаа, дьылҕа, баҕа суоллара диэннэр эмиэ бааллар.
Тимофей аҕатын курдук оҕо таптал аатынан кылгатыммыт. Төрөппүттэрин иитиилэринэн нууччалыы саҥарар. Төрүттэрин дойдуларыгар хаста да кэлэ сырытта. Бокс, тустуу курдук ыарахан спорду талыыны аҕалар оҕолоругар оччо баҕарбаттар. Оттон Тим аҕатын дьыалатын салҕааччылары атыттары эмиэ батыһыннарыан баҕарар.