“Көмүс мас” кылбаҥнаата
“Көмүс мас” диэн ааттаах Дьокуускай куорат аһаҕас чемпионатыгар эмиэ өрөспүүбүлүкэ күүстээхтэрэ муһуннулар.
Баһылык э.т. Евгений Григорьев үөрүүлээх аһыллыыга тыл этэригэрспорт сайдарыгар маннык күрэхтэһии улахан сабыдыаллааҕын бэйэтэ этинэн-хаанынан билбит киһи быһыытынан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Киирсиилэргэ мадьынылар маһы уҥа-хаҥас диэки тардан биир кэм кылбаҥнатан олордулар.
“Көмүс мас” хаһаайыннарынан буоллулар:
Эр дьоҥҥо:
60 кг – Павел Кычкин (Мэҥэ Хаҥалас),
65 кг – Айтал Слепцов (ХИФУ),
70 кг – Айсиэн Мигалкин (Уус Алдан),
75 кг – Егор Атласов,
80 кг – Андрей Тихонов (Сунтаар),
90 кг – Алексей Кутуков (Нам),
105 кг – Данил Моисеев (Модун),
105-тэн үөһэ кг – Евгений Попов (АГАТУ).
Бэтэрээннэргэ:
65 кг – Дмитрий Сергучев (Мэҥэ Хаҥалас)
75 кг – Анатолий Гладков (Нам),
85 кг – Власий Семенов (Бүлүү),
85-тэн үөһэ кг – Евгений Бережнов (Горнай).