22.01.2022 | 14:00

«Көмүс кынаты» туттулар

«Көмүс кынаты» туттулар
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Хатастааҕы «Тускул» култуура киинигэр бастыҥнары бэлиэтиир истиҥ-иһирэх киэһэ ааста. Ол курдук сылын ахсын олохтонор «Көмүс кынат» араас анал ааттарын туттарыы сиэрэ-туома буолла.

«Тускул» КК элбэх өйүүр, өйдүүр тэрилтэлэр баар буоланнар үлэтэ тахсыылаах, эйгэтэ киэҥ. «Бастыҥ меценат» анал ааты СӨ үтүөлээх тутааччыта А.С. Пинигин салайааччылаах «Сириус» ХЭТ ылла, «Хатас нэһилиэгэр култуура сайдыытыгар кылаатын иһин» номинация Хатастааҕы сибиинньэ иитэр комплекс (дир. Н. В. Кларов), «Баҕарах» ХЭХ (дир. И.К. Сивцев) кэлэктииптэрэ ыллылар. Тыа хаһаайыстыбатын курдук олус уустук салааҕа эдэр дьон үлэлии-хамсыы, салайа сылдьаллара хайҕаллаах. Бу ааттаммыт тэрилтэлэр нэһилиэк тэрээһиннэригэр өрүү көмө-тирэх буолаллар.

Олох хайа да хайысхата элбэхтик суруллар, кэпсэнэр, сэҥээриини ылар буоллаҕына өссө эбии күүс-уох ылан сайдар-үүнэр. Ол курдук, “Саха” национальнай көрдөрөр иһитиннэрэр хампаанньа, «Тэтим», «Сахалыы Виктория» араадьыйалар биэриилэригэр сыл устата Хатас туһунан элбэхтэ кэпсэннэ, көрдөрүлүннэ. Аны бу кэлин сылларга үгүс дьон хайҕалын, махталын, кэрэхсэбилин ылбыт сериалларга Хатас дьоно-сэргэтэ үгүстүк көһүннэ, элбэх саҥа аат таҕыста. Онон «Махтал» диэн анал ааты “Саха” НКИХ кэлэктиибигэр (сал. О.О. Марков), «Куйаарга көтүтээччи» диэн номинацияны «Тэтим» араадьыйа эрэдээктэрэ И.Тарасов – Эрэл Эриликкэ, «Айар аартыгы арыйааччылар» диэн анал ааты “Сахалыы Виктория” ыытааччыларыгар А.Григорьев-Эрчимҥэ, Петр Кулаковскайга туттардыбыт.

Эрэллээх доҕорбут, сирдьит сулуспут, ытык киһибит, Алампа аатынан бириэмийэ лауреата, суруйааччы Д.Ф. Наумовка «Сүрэх сылааһа» диэн истиҥ номинация ананна.

 

СӨ искусстволарын үтүөлээх деятелэ Федот Макаров кэргэнэ Светлана Михайловналыын култуура сайдыытыгар үтөлэрэ-өҥөлөрө үгүс. Ол курдук Улуу Кыайыы 75 сылыгар бэйэтин бирииһигэр күрэх ыыппыта (кыайыылаахха бэйэтин хартыынатын бэлэх ууммута), «Олоҥхо дойдута» диэн триптиҕин «Утум иис» иистэнньэҥнэрэ тикпиттэрэ, 2021 Дьокуускай куорат гиэрбэтин кыбытык тигиигэ сөп түбэһэрдии өҥүн-дьүһүнүн миллимиэтиргэ тиийэ дьүөрэлээн биэрбиттэрэ, хас даҕаны маастар-кылааһы оҥорбуттара, улахан быыстапкаларбытыгар кыттыбыттара. Айар куттаах дьиэ кэргэн «Төлкөлөөх өйөбүл» анал аакка тигистэ.

Талааннарын күүстээх, сыаллаах-соруктаах үлэнэн өссө сайыннаран, улуу Москуба куоракка тиийэ араас таһымнаах күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан, дьиҥ чахчы сыралаһан үлэлээн, Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэннэригэр тиийэ үүммүт В.Ефремов, Т.Попова «Дайар кынат» номинация хаһаайыттара буоллулар.

СӨ норуот айымньытын маастара, СӨ үтүөлээх бырааһа, үлэ бэтэрээнэ Л.С. Саввина «Төрүт үгэһи үйэтитээччи» анал аат хаһаайката буолла. Кини саха омук төрүт ииһин өрө тутууга хорутуулаахтык үлэлиир.

«Бастыҥ видеоклип» анал ааты «Көмүс саас» ылла (В. Комиссарова-Күлүмүрэ тыллара, Федот Соловьев мелодията, Ольга Харлампьева толоруута, В.Константинова режиссурата, Айаал Петров устан уонна таҥан таһаарыыта). Бу клип “Саха” НКИХ көстүбүтэ, дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылбыта. Айаал идэтинэн видеограф, ол эрээри бу хайысхаҕа бастакы холонуута үтүө түмүктээх буолла. Саҥаны саҕалыырыттан куттаммат, айымньылаах үлэһиккэ өссө да ситиһиини баҕарыаҕыҥ.

Кэлин сылларга биллэр биричиинэнэн онлайн көрүҥүнэн үлэлиир буоламмыт, балачча элбэх быһа биэриилэри таһаардыбыт. Олортон Бүлүү педагогическай училищетын бүтэрэн баран Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир-хамсыыр учууталлар тустарынан бу үөрэх кыһата 100 сааһыгар уонна Учуутал күнүгэр анаммыт биэриибит өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тарҕаммыта, выпускниктар биһирэбиллэрин, махталларын ылбыта. Онон  «Бастыҥ биһирэбиллээх биэрии» анал аакка тигистэ.

«Кэрэчээнэ» оҕо уһуйааныгар үрдүк көрдөрүүлээхтик үлэлиир Галина Кимовна Ксенофонтова «Ситиһиигэ сирдээччи» диэн анал аат иҥэриллибититтэн ис сүрэҕиттэн долгуйда, махтанна.

Кыра эрдэҕиттэн ырыа ылбаҕай эйгэтигэр сыстан, астына-дуоһуйа дьарыктанан, үгүс элбэх күрэххэ кыттан буһан-хатан, ырыаҕа тапталын бэриниилээхтик илдьэ сылдьар Валентина Исакова «Кэрэ куолас» номинация хаһаайката буолла. Валентина маны таһынан норуодунай театр артыыһа буолар.

 

Театр ааспыт сыллааҕы сезонун биир чаҕылхай сулуһа Саргылана Ефремова бу саҥа дьыл сынньалаҥнарыгар «Дьээбэ-хообо холбукатын» кытта араас таһымнаах элбэх кэнсиэргэ кытынна, тиритэ-хорута үлэлээтэ. Кини Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбут «Куорат кыргыттара» айымньытыгар сүрүн оруолу кыайа-хото оонньообутун элбэх киһи сэргээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу испэктээк театрбыт норуодунай диэн статуһун көмүскүүрүгэр төһүү буолбута. Онон Саргылана «Саҥа аат» диэн биир бэрт сэргэх, интэриэһи үөскэтэр анал аат хаһаайката буолла.

Куруутун ким эрэ туһугар кыһаллан-мүһэллэн, ким эмит үтүөтүн-өҥөтүн бэлиэтии көрөн, мөлтөөбүккэ саннын тоһуйан, доҕолоҥнообукка торуоска буолан кэрэҕэ-үтүөҕэ тардыһыннаран, өрө тардааччы Клара Васильевна Захарова «Кэрэ эйгэ кэрэһитэ» анал ааты ылбытын бар дьоммут ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

«Сырдык сыдьаай» диэн сып-сырдык, истиҥ иһирэх ааты «Тускул» үҥкүү ансаамбылын солистката, биһигинниин хаардаахха хаампыт, ардахтан да саллыбатах, куйаастан куттамматах, мэлдьи бииргэ буолар таптыыр киһибит Алена Васильеваҕа үөрэ-көтө туттардыбыт.

Суруйар, айар-тутар  эйгэ бастыҥнарын, ааттаах-суоллаах, бас-көс дьоннорун  муспут, кинилэр алгыс тылларын истибит, суруйар, үйэтитэр, сырдатар эйгэҕэ киэҥник хардыылаан киирбит (тылбаас, нууччалыы, сахалыы суруйуу), саха тылын өлбөт-сүппэт, өлбөөрбөт  күлүмүн туппут Валентина Комиссарова–Күлүмүрэ «Көмүс бөрүө» буолла.

«Вдохновение» норуот үнүстүрүмүөннэрин ансаамбыла (Хатастааҕы оҕо искусстволарын уһуйааччылара) «Кэрэ эйгэ кэрэһиттэрэ» диэн анал аат хаһаайына буоларын  туһунан туоһу суругу тутта. Биһиги тэрээһиннэрбитин, кэнсиэрдэрбитин, испэктээктэрбитин кэрэ дорҕоонунан киэргэтэр, истиҥ-иһирэх турукка, өрө көтөҕүллүүгэ көмө-тирэх буолар дьоммутугар махтанабыт, эһигинэн киэн туттабыт.  

Ити курдук «Көмүс кынат» бастыҥтан бастыҥы, үтүөттэн үтүөнү түмтэ. Бу дьоро күн номинаннары чугас дьонноро, оҕолоро-аймахтара, дьиэ кэргэттэрэ, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ истиҥ-иһирэх тылынан эҕэрдэлээн, тэрээһин суолтатын өссө дириҥэтэн, сырдык, сылаас, уйан уйаҕас  тыыннаан биэрдилэр.

Харда тылы эппиттэр бары да «Тускул» култуура киинин  үлэтин-хамнаһын таһыма үрдүгүн, саҥа технологиялары баһылааһыҥҥа бастыҥнарын, дьону-сэргэни кытта үлэҕэ талааннаахтарын бэлиэтээн эппиттэрэ күүспүтүгэр күүс, санаабытыгар санаа эптилэр.

Тэрээһин Дьокуускай куорат култуураҕа управлениетын өйөбүлүнэн, Дьокуускайдааҕы норуот айымньытын киинин быһаччы салайыытынан барда. Онон салалтабытыгар махталбыт улахан.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...