«Көмүлүөк» хампаанньа «Алтан-Арт» саҥа ювелирнай бренды билиһиннэрдэ
Бырайыакка дизайнердар саҥа коллекцияларын көрдөрөллөр, муода сонуннарын, маҕаһыыннарга саҥа кэлбит таҥас-сап, кэрэ буолуу салоннарын өҥөлөрүн туһунан кэпсэтэллэр.
Таҥас дизайнера уонна «ЗЗ» тус бренд ааптара Зинаида Заболоцкая саҥа дьыллааҕы тренди ырытта.
«KeRe» уонна «Zarina» маҕаһыыннар таҥастарын, оттон Үөһээ Бүлүү улууһуттан кэлбит ыалдьыт Анастасия Борисова «валенай» оҥоһуктарын көрдөрдүлэр.
«Көмүлүөк» хампаанньа «Алтан-Арт» саҥа ювелирнай бренды уонна «Туой-Арт» сахалыы тыыннаах туой иһити билиһиннэрдэ.
«ЯЗолото» ювелирнай салон дизайнерскай киэргэллэри киэҥ араҥаҕа таһаарда.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннарын «Кампус» муода театра уонна «Ситэ Кэрэ» кэрэ куолар оскуолалара (салайааччы – СӨ култууратын туйгуна Полина Ноева) бэйэлэрин коллекцияларын көрдөрдүлэр.
«Муодунай бээтинсэ» бырайыак араас бырагырааманан, А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр, ыйга иккитэ ыытыллар буолуоҕа.