Көҥүлэ суох тутуллубут эбийиэктэри көтүрүү күүһүрүөҕэ
Куорат баһылыга Евгений Григорьев ахсынньы 1 күнүгэр Дьокуускай территориятыгар баар көҥүлэ суох тутуулары көтүрүү боппуруостарын тула мунньахтаата. Мунньахха СӨ судаарыстыбаннай тутууга уонна дьиэни-уоту хонтуруоллааһыҥҥа Управлениетын салайааччыта Павел Аргунов, Дьокуускай прокуратуратын, муниципальнай инспекцияларын Управлениетын, олохтоох дьаһалта структурнай салааларын, полиция, суут приставтарын бэрэстэбиитэллэрэ уонна уокуруктар салайааччылара кытыннылар. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, куорат уокуругар көҥүлэ суох тутууну утары үлэ оҥоһуллубут схеманан ыытыллар. Көҥүлэ суох тутууну буллахха бастакы сүһүөх докумуон оҥоһуллар, хамыыһыйа быһаарыытынан эбийиэги көтүрүү суутунан эбэтэр олохтоох дьаһалта дьаһалынан барара чуолкайданар. Салгыы суут буолар, ол кэнниттэн тутуу көтүрүллэр.
«Уокуруктааҕы дьаһалта көтүрэргэ ороскуоттарын тутааччы уйунар», – диэн эбэн эттэ Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга көҥүлэ суох тутууга тутуу уонна куттал суох буолуутун нуормалара тутуһуллубаттар диэн бэлиэтээн эттэ.
«Кэлэр сылга итинник эбийиэктэри маассабайдык көтүрэри былаанныыбыт. Хас биирдии көҥүлэ суох тутууну көтүрүүгэ былаан оҥоруохпут», – диэтэ куорат баһылыга.
Көҥүлэ суох тутуллубут көрүҥнээх эбийиэктэр уонна көтүрүү туһунан информацияны олохтоох дьаһалта быраапка Департаменын начаалынньыга Айаал Ноговицын иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтээбитинэн, көҥүлэ суох тутууга суут быраактыкатыгар сымнаҕас сыһыан үөскээбит, ол эрэн Гражданскай кодексаҕа олоҕуран, итинник эбийиэктэри булгуччу көтүрүллүөхтээх.
«Үгүстүк көҥүлэ суох тутуллубут эбийиэктэр гражданнар олохторугар уонна доруобуйаларыгар суоһуохтарын сөп. Көҥүлэ суох тутар, сир учаастактарын ылар эбэтэр бэриллибит учаастак иэнин кэҥэттэр түбэлтэ элбэх», – диэн бэлиэтээтэ Айаал Ноговицын.
Олохтоох дьаһалта куораты тутууга уонна тырааныспар инфраструктуратыгар Департаменын начаалынньыга Северина Архипова иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга көҥүлэ суох тутуллубут көрүҥнээх 282 эбийиэк булуллубут. Северина Архипова санаатынан, үлэҕэ хонтуруоллуур уорганнар, ол иһигэр Ростехнадзор, Роспотребнадзор, тутааччы чопчу кэһиилэриттэн тутулуктаан, кыттыахтаахтар.
Мунньах түмүгүнэн Евгений Григорьев 2022 сыл тохсунньу ый бүтүөр диэри көҥүлэ суох тутуулары көтүрүүнү тэрийэр уонна сүрүннүүр балаһыанньаны оҥорорго сорудахтаата. Итини таһынан, куорат бүддьүөтүгэр көтүрүүгэ үбүлээһин көрүллэрэ ирдэнэр.
Көҥүлэ суох тутуллубут көрүҥнээх эбийиэктэри көтүрүүнү Дьокуускай куорат прокурорун таһымыгар дьүүллэһиэхтэрэ.