03.07.2020 | 10:09

Көҥүлэ суох сыбаалкалары ким дьаһайыахтааҕый?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Көҥүлэ суох бөҕү-сыыһы мунньар сир үөскээбит буоллаҕына, сокуоҥҥа олоҕуран, бастатан туран, сири бас билээччи эппиэтинэскэ тардыллар. Бу административнай буруйу оҥоруу буолар уонна ботуччу ыстарааптанар. Ол эрэн кэнники сылларга Арассыыйа киин регионнарыгар сыбаалкалары үөскэтии иһин накаастабыл холуобунай буруйу оҥорууга тэҥнэһиэхтээҕин туһунан элбэхтик этэр буоллулар.

Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспаҕа иһитиннэрбиттэринэн, ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат уокуруктааҕы сириттэн-уотуттан уопсайа 6 тыһыынча куб. миэтэрэ бөх-сыыс көҥүлэ суох сыбаалкалартан хомуллан полигоҥҥа тиэйилиннэ.

Саамай элбэх бөҕү Строительнай уокуруктан – 1 379 куб. м.: Хатыҥ Үрэх шоссетын 9  уонна 6 килэмиэтириттэн, Якутская, Клара Цеткин, Халтурин, Пионерская, Жорницкай, С.Данилов, Строителей, Суворов уулуссаларыттан хомуйдулар.

Көҥүлэ суох сыбаалка биир күн иһигэр үүнэн тахсыбат. Манна систиэмэлээхтик бөҕү тиэйэн аҕалыы, мунньуу оҥоһуллар. Холобур, Автодорожнай уокурукка нэдиэлэ аайы ыраастаабыттарын иһин, наар биир сиргэ үөскүү турар сыбаалкалар бааллар. Маныаха, бастатан туран, сири бас билээччигэ сэрэтии бэриллэр, сыбаалканы хомуйарыгар соруйаллар. Красильников уулуссатын 5 нүөмэригэр баар тэрилтэ сиригэр-уотугар мунньуллубут сыбаалканы хомуйарга бас билээччигэ сэрэтии бэрилиннэ, хаһаайын 2 нэдиэлэ иһигэр сирин ыраастыах буолан эрэннэрдэ.

Мархаҕа бөҕү тиэйии боппуруоһа сыл аайы сытыытык турар. Санитарнай туочукалар ахсааннарын сыллата эппиттэрин да иһин, билигин да тиийбэттэр. Ордук сайыҥҥы өттүгэр даачалартан бөҕү тиэйэн аҕалар буоланнар, санитарнай туочукалар наар аһара туолан хаалаллар. “Якутсэкосети” региональнай оператор дуогабар быһыытынан ыраастыахтаах сирдэриттэн эрэ бөҕү сордоон-муҥнаан тиэйбитэ буолаахтыыр. Онтон атын сиргэ мунньуллар бөҕү ыраастыыр эбээһинэһэ суох. Быйыл Марха дьаһалтатын бэйэтин күүһүнэн көҥүлэ суох сыбаалкалартан 692 куб.м. бөх тиэллибит.

Элбэх бөх-сыыс Сайсары уокуругуттан ыраастанна – 820 куб. м. Билибин, ДСК Победа, Новокарьернай, Лонгинов, Широких-Полянскай, Парковай, Макаренко, Сосновай, Притузов, Яков Потапов, Лермонтов, о.д.а . уулуссаларга баар бөх мунньар сирдэри ыраастаатылар.

Көҥүлэ суох сыбаалка бөх мунньар санитарнай туочука аҕыйаҕыттан, дьон олорор сириттэн ыраах, табыгаһа суох оҥоһулларыттан үөскүүр диэн өйдөбүллээхпит. Ол эрэн сорох тэрилтэлэр социальнай эппиэтинэстэрэ намыһаҕыттан эмиэ тахсар. Холобур, Промышленнай уокурукка Кржижановскай уулуссатын 3 нүөмэригэр “Сибирский деликатес”  хампаанньа үөскэппит сыбаалката баар. Маннык түгэҥҥэ тэрилтэҕэ бастаан сэрэтии, ыраастыырга соруйар сурук эрэ туттарыллар.  Онтон кэмигэр ыраастаабатаҕына, дьэ, административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөп.

Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов быһаарбытынан, уокуруктар уонна куорат кытта нэһилиэктэрин дьаһалталара көҥүлэ суох сыбаалкалары тиэйиигэ бэдэрээтчиктэри кытта бэйэлэрэ дуогабар түһэрсиэхтээхтэр. Ыраастаныы 3 ыйын түмүгүнэн, Дьокуускайга уопсайа 6 000 куб. м. бөх-сыыс көҥүлэ суох сыбаалкалартан полигоҥҥа тиэйилиннэ.

Дьокуускайдааҕы Экологическай надзор кэмитиэтигэр кэпсээбиттэринэн, Дьокуускайга саамай сытыы кыһалҕа – көҥүлэ суох, термининэн эттэххэ, “стихийнэй” сыбаалкалар үөскээһиннэрэ. Төһө да сыбаалкалары ыраастаан суох оҥорбут иһин, саҥаттан саҥа сирдэргэ үөскүү тураллар. Биллэн турар, дьон бэйэтэ эрэ буруйдаах.

Сыбаалкалар үөскүү тураллара, чахчы, үксүн даачалар уонна чааһынай дьиэлэр турар сирдэрин кытта сибээстээх. Куорат былаастара нэһилиэнньэттэн бөх хомуйара, санитарнай туочукалары дьон олорор сиригэр барытыгар тэрийэрэ наада. Дьон даачаларыттан бөхтөрүн куоракка аҕалан тоҕоллор, ойуурга таһаараллар эбэтэр аттынааҕы аппаларга өрөһөлөөн эрэр буолаллар.

Быраабыланы кэһээччилэри ыстарааптыыллар, бөхтөрүн хомуйтараллар. Ханнык эмэ сир киртийбитигэр буруйдаах көстүбэтэҕинэ, ыраастыыр эбээһинэс сири бас билээччигэ сүктэриллэр. Быйыл куорат саҥа санитарнай туочукалары тутар былааннаах, чааһынай секторга “Якутскэкосети” контейнердара турдулар. Манна бэлиэтээн эттэххэ, Бүлүүлүүр суолга баар полигон 1 кубка диэри бөхтөөх массыыналары босхо киллэрэр.

Оттон кууһунан атыылыыр базалар бэйэлэрэ бөх тиэйэр тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсиэхтээхтэр. Бөҕү уматар, сиргэ көмөр, лицензията суох дьоҥҥо тиэйтэрэр көҥүллэммэт.

Дьокуускайдааҕы Экологическай надзор кэмитиэтигэр ким баҕарар сайабылыанньа, үҥсүү, этии киллэриэн сөп. Аадырыстара: 202 микр., 18/2 корп., электроннай почта: yak_kop@sakha.gov.ru, 43-66-21 төлөпүөнүнэн эрийиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....