Көҥүл тустуу: биир боруонса
65 уонна 70 кг ыйааһыннаахтарга Саха сириттэн түөрт спортсмен кыаҕын холонно. Хомойуох иһин, кинилэртэн ким даҕаны иккис эргииртэн салгыы барбатылар.
Балаҕан ыйын 10 күнүттэн Москва аттыгар Наро-Фоминскайга 21-дэригэр диэри саастаахтарга Арассыыйа көҥүл тустууга түһүлгэтигэр сүүрбэччэ саха кытынна.
Бу биэс күн устата ыытыллыбыт күрэхтэһиигэ биир эрэ бөҕөс – Егор Вензель (57 кг) финалга тахсары быһаарсар түһүмэххэ тиийдэ. Кини күүстээх чеченеһи ырааыстык ууран, эрэли улаатыннарбыта. Ол эрээри, финалга тахсыыга көрсүбүт бөҕөһүгэр күттүөннээх утарсыыны оҥорбото. Онон боруонса былдьаһыыга ким тахсарын күүтэр буолла. Атыттар кыайтарыы хомолтотун эрдэ билбиттэрэ. Хата үс бөҕөспүт утарсааччылара финалга тахсыбыттарынан, кинилэргэ уоскутар бөлөххө боруонса мэтээл туһугар киирсэр кыах бэриллибитэ.
Кинилэртэн Айаал Белолюбскай 10:4 ахсаанынан дагестанец Гаджимагомед Ахмедовы кыайан, салгыы хатыһыылаах киирсиигэ ааспыт сыллааҕы кыайыылааҕар хакас Роман Астанаевка (11:10) кыайбыта.
Онон Белолюбскай кыра финалга Вензельгэ тахсыбыта. Ити араспаанньаларыттан сэрэйиллэрин курдук, Уус Алдантан төрүттээх уолаттар киирсиилэригэр хайата да хоттордоҕуна, боруонса сахаҕа тиксэр буолта. Дыгын оонньууларын сэттэ төгүллээх кыайыылааҕын Иван Белолюбскай уола биир дойдулааҕын Егор Вензели 7:2 ахсаанынан баһыйда уонна боруонса мэтээл хаһаайынынан буолла.
Итинэн бу күрэхтэһиигэ соҕотох мэтээлинэн муҥурданныбыт. Сунтаар уола Харысхал Григорьев призердуур кыахтаах этэ. Кини бэйэтин биир дойдулааҕа Александр Авеловы 5:0 кыайбыта, ол эрээри Дагестантан сылдьар Башир Магомедовка 0:2 кыайтарда.
Финалга 2019 сыллаах Арассыыйа чемпиона тувинец Начын Монгуштан кыайан көмүскэммэтэ. Начын Магомед Абдурахмановка (Санкт-Петербург/Дагестан) 8:10 кыайтарда.
65 уонна 70 кг ыйааһыннарга бэйэлэрин күүстэрин Саха сириттэн түөрт бөҕөс тургутта. Кинилэртэн ким да иккис эргииртэн ырааппата. Атын ыйааһыннарга көрдөрүү, малтаччы эттэххэ, өссө мөлтөх.
Саҥа призер аҕата аатырбыт боотур уолун маннык билиһиннэрдэ:
–Айаал тустуунан маҥнайгы кылаастан дьарыктанар. Арассыыйаҕа кыра саастаах оҕолорго уонна үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар миэстэлэһэ сылдьыбыта. Билигин Олимпийскай резервэ училищетыгар аан дойдутааҕы кылаастаах маастар Павел Капитонов салалтатынан эрчиллэр. Сааһынан быйылгыттан эдэрдэргэ тустан бүтэр. Улахан дьоҥҥо былырыын хапсаҕайга Петр Алексеев кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар бастакы холонуутугар бастаабыта. Дьэ, көҥүл тустууга хайаһар?
Уолу “Манньыаттаахха” эрчиллэрин көрбүт тренер, аан дойду чемпиона Герман Контоев үлэһитин хайгыыр.
Хаартыскаҕа: Арассыыйа саҥа призера Айаал Белолюбскай аҕата “Дыгын оонньууларын” сэттэ төгүллээх чемпиона Иван Белолюбскайдыын.