10.11.2022 | 13:00

Күһүҥҥү хомуур буола турар

Күһүҥҥү хомуур буола турар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аармыйаҕа хомуур үгэс быһыытынан күһүн ыытыллыахтааҕа, быстах мобилизация биллэриллэн, болдьоҕо көспүтэ, ол иһин бу күннэргэ саҥа саҕаланна. Итиэннэ ахсынньы 31 күнүгэр диэри салҕанан барыаҕа.

Дьокуускай куораттан аармыйа кэккэтигэр 600-тэн тахса киһи сулууспалыы барыахтаах. Бу туһунан куорат байыаннай хамыһаара Евгений Крупенков кэпсээтэ.

Кини иһитиннэрбитинэн, мантан аармыйаҕа ыҥырыллан барбыт дьон үксүлэрэ Уһук Илин байыаннай чаастарыгар сулууспалыахтара.

“Быйылгы хомуур үгүс албын сурах тарҕанар буолан ыараата. Срочник-саллааттары байыаннай дьайыыга ыытыахтара диэн туох да оруна суох иһитиннэрии тарҕанар. Сулууспалыы барбыт дьон Донецкай, Луганскай өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластарга ыытыллыбаттар диэн эрэннэрэбин. Маны тэҥэ кинилэри байыаннай дьайыыларга кытыннарбаттар”, – диэтэ Евгений Крупенков.

ДОСААФ тэрилтэлэригэр байыаннай-учетнай идэни баһылаабыт эдэр дьон ханна сулууспалыылларын талар кыахтаахтар. Байыаннай комиссариат ыытыытынан суоппар идэтин баһылаабыттар 2022 сылга суоппар дастабырыанньатын ылалларыгар госпошлинаттан босхолоноллор. 

Призывниктары хомуйар пууннарга бары наадалаах малынан хааччыйаллар, аһаталлар, сим-каарта уонна баан каартатын оҥороллор.

Болдьохторо ааспыт байыаннай сулууспалаахтары увольнениеҕа ыытыы алтынньы 1 күнүттэн саҕаламмыта. 

Болдьоҕо көһөрүллүбүт призыв комиссариаттарга ноҕоруусканы үөскэттэ эрээри, Дьокуускайга хомуур хамсааһына былаанынан баран иһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....