29.04.2021 | 23:56 | Просмотров: 609

Күөх маайы уруйдуу көрсөбүт

Быйыл күргүөмүнэн параадтыы тахсыбаппыт. Ол эрэн санаабытын түһэрбэппит. Былааннаммыт тэрээһиннэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга онлайн форматынан ыытыллыахтара.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат уокуруктара, микрооройуоннара уонна кытыы нэһилиэктэрэ араас кэрэхсэбиллээх тэрээһиннэри бэлэмнии сылдьаллар.

Ол курдук, Кангалаас микрооройуона тэрилтэлэр флешмобтарын көҕүлүүр уонна эҕэрдэ пост таһаарыаҕа. Маҕан сэлиэнньэтэ массыынанан параадтан быһа трансляцияҕа тахсыаҕа. Марха микрооройуонугар пиэрибэй маай сибэккитин оҥорорго маастар-кылаас буолуоҕа. Пригороднайга иһитиннэрии пост, оттон Табаҕа сэлиэнньэтигэр араас сыллар демонстрацияларын хаартыскаларын түмэн, презентация бэлэмнииллэр. Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр «Эйэ! Үлэ! Маай!» хаартыскаларынан онлайн параад буолуоҕа. Хатас нэһилиэгэр бырааһынньыгынан видеонан эҕэрдэ уонна «Үлэҕэ анаммыт олох» диэн Хатас бочуоттаах олохтооҕо Иван Михайлович Жирков туһунан биэрии көстүөҕэ.

Кылгастык билиһиннэрдэххэ, ыам ыйын 1 күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр былааннара итинник. Барыгытыгар үтүө бырааһынньыгы, туһалаах сынньалаҥы баҕарабыт!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.