«Үҥкүү дууһата» бириэмийэ лауреата ааттанна
Саха сирин Балетнай оскуолатын педагога Дмитрий Дмитриев «Үҥкүү дууһата» бириэмийэ лауреата буолла.
Бу 1994 сыллаахха Арассыыйа култуураҕа министиэристибэтэ төрүттээбит «Балет» сурунаала олохтообут бириэмийэтэ буолар. Бириэмийэни үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы Москва куоракка К.С. Станиславскай уонна В.И. Немирович-Данченко аатынан Музыка театрын сыанатыгар буолла. Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн «Учуутал» номинацияҕа А. уонна Н. Посельскайдар ааттарынан Саха балетнай оскуолатын педагога, СӨ норуодунай артыыһа Дмитрий Николаевич Дмитриев кытынна уонна лауреат үрдүк аатын ылла.
«Үҥкүү дууһата» бириэмийэ дойду бастыҥ артыыстарыгар, композитордарыгар, худуоһунньуктарыгар, дирижердарыгар уо.д.а. үлэһиттэригэр идэлэрин толору баһылаабыттарын, сыралаах үлэлэрин уонна үҥкүү искусствотыгар үрдүк кылааттарын иһин бэриллэр. Төрүттээччи уонна «Балет» сурунаал кылаабынай эрэдээктэрэ В.И. Уральская: «Үҥкүү дууһата» бириэмийэҕэ тиксии – үҥкүү искусствотын сайдыытыгар сүҥкэн оруолу билинии уонна биир идэлээхтэр үрдүк сыанабылларын ылыы буолар”, – диэн бэлиэтиир.
Дмитрий Дмитриев 30 сыл устата Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай театрын сүрүн солиһынан үлэлээбит. «Дон Кихот» туруорууга Базиль партиятын, «Баядеркаҕа» Солор, «Тыһыынча уонна биир түүн» Шахрияр, «Кармен-сюитаҕа» Хозе уо.д.а. үрдүк ситиһиилээхтик толорон көрөөччү улахан биһирэбилин ылбыта.
Дмитрий Николаевич 1998 сыллаахтан колледжка классическай, дуэттаах-классическай, норуодунай-сценическэй, хотугу үҥкүү, актерскай маастарыстыба, грим уруоктарын биэрэр, ону сэргэ үөрэҕи уонна практиканы салайар. Классическай үҥкүүгэ 5 кууруһу үөрэтэн таһаарбыт. Кини үөрэнээччилэрэ – үтүөлээх артыыстар, СӨ култууратын туйгуннара, Гран-при хаһаайыннара, лауреаттар, балетнай искусство аан дойдутааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэрин Арассыыйаҕа, Казахстаҥҥа, Японияҕа, Соҕуруу Кореяҕа дипломаннара, Галина Уланова аатынан пуонда уонна СӨ баһылыгын стипендиаттара – Ренат Хон, Павел Необутов, Владислав Попов, Айал Скрыбыкин, Иннокентий Оконешников уо.д.а. Кинилэртэн балет солистара Ренат Хон уонна Айал Скрыбыкин Дмитрий Николаевичтыын колледжка үлэлииллэр.
Арассыыйа театральнай деятеллэрин Сойууһун чилиэнэ, «Сыл педагог-репетитора» диэн «Үҥкүү искусствота» Арассыыйатааҕы пуонда бириэмийэтин хаһаайына Дмитрий Дмитриев үөрэтэр-методическай үлэнэн утумнаахтык дьарыктанар, научнай-практическай конференцияларга кыттар, ыстатыйалары суруйан таһаарар.