27.12.2022 | 17:00

“Ийэм кэпсиир...” – оҕолорго

“Ийэм кэпсиир...” – оҕолорго
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэх кинигэтигэр, чопчулаан эттэххэ, алтыс кылааска төрөөбүт литература бастакы чааһыгар “Олох туллар тутаахтара” диэн түһүмэххэ Николай Мординов-Амма Аччыгыйа “Аҕа”, Семен Маисов “Ийэм кэпсиир”, Софрон Данилов “Ийэ барахсан” айымньылара киллэриллибиттэрэ оҕо аймах сэҥээриитин ылыан ылар.

Кинигэ киириитигэр ааптардар үөрэнээччилэргэ туһаайан маннык диэн тоһоҕолоон бэлиэтииллэр: “Күндү оҕолор, эһиги тус олоххут ураты суолталаах кэмигэр үктэннигит. Бу кэми табатык туһанар сыалла-сорукта туруорунуҥ. Үүнүү-сайдыы сүрүнэ – ааҕыыга. Хайа баҕарар омук бэйэтин иитинэр күүһэ – үтүмэн үгүс үйэлэр өйдөрүн түмпүт, өбүгэ өлбөт өйө, ытык тыла буолбут тылынан уус-уран айымньытыгар уонна өйүнэн өлбөт кэриҥҥэ киирбит норуот өйүн-мындырын, үтүөтүн-кэрэтин түмпүт улуу суруйааччыларбыт уос номоҕор киирбит айымньыларыгар баар.” Кырдьыга, уус-уран айымньыны ааҕарга умсугуйуу оҕо эрдэхтэн иҥэриллэр. Ол кэми таба тайаныахха, суруйааччыны кытта сэһэргэһиини тэрийиэххэ, санаа үллэстиэххэ...

Ол курдук, Семен Маисов “Ийэм кэпсиир...” арамааныттан быһа тардыыны алтыс кылаас үөрэнээччилэрэ бэйэлэригэр олус чугастык ылынан, болҕойон аахтылар, ырытыстылар. Аана ийэтэ ыалдьыбытыгар Тамманы бэйэтэ тылланан ыыра, ийэтин үтүөрдээри кыһаллара, кистээн ытыыра, ынахтарын үүтүн бэйэ-бэйэлэригэр сыҥалаһан сүгүн да испэттэрэ оҕолору долгутар. Айымньыга кэһиилэһии норуот үтүө үгэһэ буолара, ийэ дьүөгэлэрин кытта истиҥ сыһыана, таайдара сэрии буолбутун туһунан истэн кэлбитэ уус-уран тылынан сиһилэнэр. Манна үөрэнээччилэр “Аана түбүгэ...” диэн кылгас суругунан үлэни оҥороллор, санааларын этэллэр.

Айымньы тыҥааһыннаах түгэнинэн ийэни сүтэрии ыар аһыыта буолар, ону ааптар киһи эрэ уйадыйыах курдук суруйар. Ийэ эрэйдээҕи ким хайдах аһыйбытын ааҕан хараҕыҥ ууланар... Холобур: “Ийэм барахсаны кууһа-кууһа, сирэйиттэн-хараҕыттан хайа түбэһиэх сыллыы-сыллыы, имэрийэ-имэрийэ уйа-кэйэ суох, сэниэм эстэн улук буолуохпар, устунан өй-мэй барыахпар диэри ытаабытым... Таайым букатын хараҕа ууламматаҕа, дьиктитик дьэбирсийэн, саҥата-иҥэтэ суох бэйэтэ-бэйэтигэр сөҥмүтэ. Ол оннугар, Тоҕойдуур саҥа таһаарбакка эрэ, көмүскэтин уута сэмээр сүүрэ олорбута...”

Мантан салгыы Семен Маисов “Ийэм кэпсиир...” арамааныттан быһа тардыыны ааҕан бараннар, оҕолор “Аана кытаат...” диэн тиэмэҕэ кыыска анаан, сүбэлээн-амалаан суруйбуттарын билиһиннэрэбин. Үөрэнээччилэр суругунан үлэлэрэ кылгатан бэрилиннэ.

Алена: “Аана кытаат, наһаа хомойума. Олоҕуҥ салҕанар... Ытаама, ол эрээри бэйэҕэр хаалларыма, таһырдьа таһаар. Эн ийэҕэр көмөлөһөн элбэҕи сатыыр буоллуҥ. Бэйэҕин буруйданыма. Киһи бу сиргэ кэлэр, онтон барар. Аана, эн ийэҕин хомоппотоҕуҥ, сэргэхсиппитиҥ, үчүгэй майгылаах кыыскын. Таайгын кытта дьоллоохтук олоруҥ.”

Лилия: “Аана наһаа ытаама, ийэҥ син биир аттыгар баар буолуо. Доруобай буол, олоххунан олор. Ытаатаххына, ийэҕэр куһаҕан буолуо. Эн соҕотох буолбатаххын, таайыҥ баар. Хараҕыҥ уутун тоҕума. Дьүөгэлэргин ыҥыран дьиэҕэ-уокка көмөлөһүннэр. Ийэҥ хаартыскатынан хартыыната оҥор. Сайын таһырдьа тахсаҥҥын оонньоо, сүүр, салгынна сиэ. Эн тыыннааххын – ол аата ийэҥ эмиэ тыыннаах. Эн ийэҥ оҕотоҕун, үтүөнү санаа. Ийэҥ сылааһа эйиэхэ баар буолуо, эйигин кууһара, биэбэйдиирэ.”

Кристина: “Мин Аанаҕа сүбэлиэм этэ наһаа хомойума, ытаама диэн. Ытыы-ытыы сырыттаххына доруобуйаҥ мөлтүө. Албуомна оҥоһун, ону көрө-көрө ийэҕин санаар. Дьүөгэлэргэр ийэҥ туһунан кэпсээ, оччоҕуна чэпчиэҥ. Эн аттыгар таайыҥ, аймахтарыҥ бааллар.”

Нелли: “Аана ытаама, кытаат... Ийэҕин өйдүү сырыт, хаартыскатын булан уурун. Дьүөгэлэргин ыҥыран оонньоо, сэргэхсий. Ийэҥ эйиэхэ наар тиийбэт буолуо. Киһи тылынан кыайан эппэт... Ийэҥ сылааһа эн аттыгар баар буоллун! Аана, кытаат!”

Олег: “Аана кытаат, харах уутун түһэримэ. Ийэҕэр сурукта суруй, уруһуйдаа. Ынаххын, дьиэҕин көрө сырыт. Тугу эмэ кыайбат буоллаххына дьүөгэлэргэр эт. Төрөппүт ийэҕэр махтан. Ийэҥ эйигин көрөн, харыстаан улаатыннарбытын умнума.”

Суруйааччы Семен Маисов “Сэмсэ тылга” маннык бэлиэтиир: “Ийэм кэпсиир...” арамааным эһиэхэ, оҕо дьон сүрэҕэр истиҥ иэйиини күөдьүттэҕинэ, олоххо кыраҕы көрүүнү көбүттэҕинэ, кэскиллээх кэрэ санааны сахтаҕына – айбыт айымньым соругун сиппитин туоһута буолуо этэ...” Чахчыта да, оннук. Мин санаабар, ааптар айымньыта ааҕыллара, дьон-сэргэ биһирэбилин ылара – бу суруйааччы ситиһиитэ. Үчүгэй айымньы кинигэ буолан бэчээттэннэҕинэ долбуурга быыллыран сыппат, хамаҕатык атыыланар, хайаан даҕаны бэйэтин ааҕааччытын булар. Семен Маисов “Ийэм кэпсиир...” арамаана – оннук айымньылартан биирдэстэрэ.

 

Светлана Самсонова, Танара орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...