16.02.2024 | 18:30

Ийэлиин кэпсэтии...

Ийэлиин кэпсэтии...
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыы тиэмэтин суруйарбар төрөппүтү, ийэни, аҕаны кытта кэпсэтэр ордук ыарахан. Кэпсэтэ олорон бөтө бэрдэрэн, оҕотун санаан, аһынан тохтоон, хараҕын уутун соттон, ол быыһыгар, кини туһунан кэпсиэхтээҕин, кини дьоруойун бар дьон билиэхтээҕин санаан, күүстээх санаатын, тулуурун киллэрэн эмиэ саҥарбытынан барар.
Биир сөҕөрүм диэн, маннык кэпсэтиилэргэ биир да төрөппүт, уолаттар даҕаны, хаһан да санааларын түһэрбэттэр, ытамматтар-соҥоммоттор, былааһы үөхпэттэр. 
Бүгүҥҥү кэпсэтэр ийэм билигин ыраах Саха сириттэн Москва госпиталыгар бааһырбыт оҕотун ыарыылыы, аһата, көрө-истэ сылдьар, өссө оҕотун кытта сытар уолаттарга “ИЙЭ” буолар.

Оҕоҥ СВО-ҕа барарын хайдах ылыммыккыный? Төһө ыараханнык атаарбыккыный, ыыппыккыный?

– Уолум 2023 сыллаахха хантараак баттаһан барбыта. Бастаан эппитигэр айманыы баар этэ, тоҕо, туох, хайдах диэн. Онтон 30-таах, өйүн туппут киһи бэйэтэ быһаарыммытын, илии баттаспытын хайдах да гынан көннөрөр кыаҕа суохпун өйдөөбүтүм. Ол күнтэн ыла ийэ киһи быһыытынан күннэтэ тыыннаах эргиллэн кэлэрин туһугар Үрдүк Таҥараҕа, Үрүҥ Аар Тойоҥҥо, Үөһээ Сырдык Аар Айыыларга үҥэрим-сүгүрүйэрим, алҕыырым өссө күүһүрбүтэ.

Оҕоҥ барарыгар тугу эппитэй, туох диэбитэй?

– Бу быһаарыныыны бэйэм ылынным, кэллэхпинэ олохпун саҥаттан саҕалыам диэн эппитэ. Олоҕу атыннык көрөн сыаналыыр киһи кэлиэҕим диэбитэ.

Бастаан барбыт түүнүгэр хайдах утуйбуккунуй, туох санаалар киирбиттэрэй?

– Син холку этим эрээри, ол түүн, биллэн турар, утуйбатаҕым. Сөмөлүөккэ атаара киирэрбин аккаастаабыта, уолаттар атаарыахтара диэн бобон кэбиспитэ, хараҕым уута чоккуруурун билэр буоллаҕа.

Санаарҕыыртан, куттанартан туох көмөлөһөр этэй?

– Оҕом этэҥҥэ сылдьарыгар итэҕэлим көмөлөһөр. Аар Айыы итэҕэлин билиэхпиттэн, итэҕэлгэ кэлиэхпиттэн, олоххо көрүүм-истиим уларыйбыта. Өйдөөн-төйдөөн, барытын сыаналаан, холкутук ылынар буолбутум. Киһи итэҕэллээх буоллаҕына, кута-сүрэ бөҕөх буолар эбит диэн биллим. Күннэтэ алҕанар буоллаххына, Үрүҥ Аар Айыылар, Үөһээ Сырдык Аар Айыылар көмөлөһөллөр, сырдык суолу ыйан биэрэллэр. Итэҕэллээх киһи тирэхтээх буолар эбит, ийэ сиртэн, аҕа халлаантан күүс-көмө кэлэр, дурдалаах-хаххалаах буолаҕын. Уот нөҥүө сирдээҕи иччилэргэр айах тутар буоллаххына, Сирдээҕи Иччилэр көмөлөһөллөр. Саха киһитэ сиртэн тирэхтээх диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Күннэтэ үҥэ-сүгүрүйэ сылдьарбыт отой сөптөөх суол.

Эн санааҕар, Ийэ диэн хайдах буолуохтааҕый маннык түгэҥҥэ?

– Ийэ оҕотун кытта киининэн сибээстээх буоллаҕа. Эн төһө даҕаны, баҕар төрөппөтөх да буол, куккунан-сүргүнэн ылыммыт оҕоҥ буоллаҕына, алгыы, арчылыы, араҥаччылыы сылдьарыҥ олус сөптөөх. Ийэлээх аҕа тапталларыгар уйдаран улааппыт оҕо дьоллоох буолар. Оҕоҥ туһунан тугу да куһаҕаны санаабакка, үчүгэйи эрэ түстүү сырыттахха, кини этэҥҥэ сылдьар, олоҕо салаллан, иннин диэки баран иһэр. Аар Айыы итэҕэлигэр барыта сурулла сылдьар. Хас биирдии саха киһитэ итэҕэллээх буоллаҕына, олохпут тупсуо этэ, олоххо сыһыаммыт-көрүүбүт даҕаны уларыйыан сөп.

Арай дойду бэрэсидьиэнин дуу, Ил Дархан дуу иннигэр тыл биэрдиннэр, туох диэҥ этэй?

– Аан Дойду  үрдүнэн, омугуттан тулуга суох, киһи күн сиригэр, дьоллоох олоххо олороору кэлэр, онон бука барыбытыгар Ил-Эйэ олохтоннун!  Онно күүскэ үлэлиэҕиҥ диэн этии киллэриэм этэ.

Оҕоҥ анараа сылдьан сибээскэ төһө тахсар этэй?

– Сүтэ-сүтэ тахсар этэ, бүтэһигэр олох сүтэрбиппит кэннэ Ростов госпиталыттан эрийбитэ. Контузияланным уонна атаҕым тостуулаах эрэ диэбитэ.

Мин, тыыннааҕын истэн баран, наһаа үөрбүтүм, онтон атын дьол миэхэ суох этэ. Ол да буоллар тугу эрэ кистиирин тута сэрэйбитим. Аҥаар атаҕар ампутациялаах, эмэһэтиттэн аллараа оскуолага, аны баар атаҕа уонна илиитэ үлүйүүлээх, эбиитин –  контузия.

Мин оҕобун кытта сулууспалаабыт уолаттарыгар олус күүскэ махтанабын. Сэрии толоонугар хаалларбакка, бастакы көмөнү оҥорон баран, өссө, бэйэлэрин харыстаммакка, 10 килэмиэтири сүгэн, соһон, онтон салгыы суолун булларан, Донецкай куоракка санчааска туттарбыттар этэ.

Оҕом  сирдэрбэт, үчүгэй доҕор, үтүө майгылаах буолан уолаттара айманан, хаалларбакка булан ыланнар, тыыннаах ортоҕо.

Онтон Ростовка аҕалбыттар, ол кэннэ Москваҕа поеһынан кэлбитэ. Төһө да ыарахан ыарыыны, эпэрээссийэлэри аастар, санаата бөҕөх. Онон, хата, биһиэхэ күүс-көмө курдук, уоскутар. Мин кыра кыыспыныын кэлбитим. Уолум, эдьиийэ кэлэн, аралдьыйан, быдан сэргэхсийдэ, эн-мин дэһэн хаадьылаһаллар, үөрэллэр-көтөллөр, санааларын түһэрбэттэр. Оҕобун кытта Бурденко госпитальга сытар, сахалар үһүөлэр. Аспытын үллэстэн аһыыбыт, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит. Москваҕа баар Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэҕэ, “Сахаволонтердарга” махталым муҥура суох. Хас хардыыбытын сүбэлээн, хонор, олорор сирбитин булан, күүс-көмө буоллулар. Мантан ордук киһиэхэ туох нааданый?

Бүгүн оруобуна (биһиги ааспыт бээтинсэҕэ кэпсэппиппит – Аапт.)   биһиги түспүт хостелбытыгар мобилизованнай икки саха оҕото кэллилэр, атын госпитальга анаабыттар, Хабаровскайдаан эрэллэр эбит. Кинилэргэ бэрэски, алаадьы оҥорбуппуттан маанылаатым, сахалыы-махалыы, бэйэбит эппититтэн миин буһара сылдьабын. Уолаттарым махтаналлар. Саха оҕолоро кэлэллэрин маннык биллэрэн иһэллэрэ буоллар, баар буоллахпына, бэҋэбит аспытынан  күндүлүөхпүн сөп эбит.

Оҕоҥ майгыта, өйө-санаата төһө уларыйбытый?

– Олоҕу сыаналыыр буоллум диир. Анараа алдьархайдаах уокка сырыттаҕа, киһи-киһиэхэ сыһыанын, уолаттар суох буолалларын илэ хараҕынан көрдөҕө. Балаһыанньаны, туох-хайдах сиргэ барарын, туох күүтэрин барытын билэ-билэ, өйдүү-өйдүү барбытым диир; тулуйуохтаахпын, хайдах баарынан ылыныахтаахпын, бу миэхэ олоххо тургутан көрүү диэн ылынар эбит. Майгыта төрүкү да элэккэй. Үлэһитэ эҥин, бэйэм оҕобун хайдах куһаҕан диэхпиний, бары өттүнэн үчүгэй. Биллэн турар, оҕом дьоруой! Ол булгуччу мэтээллээх диэн буолбат. Аҥаардас тылланан, дойдум туһа диэн барбыта да мээнэҕэ буолбатах.

Ийэ хараҕын уутун туох уоскутуон сөбүй?

– Харах уута син биир кэлэр, ону хайыыр да кыах суох. Төһөнөн ытыыгын да, соччонон оҕоҕун аймыыгын, ону эмиэ өйдүөххэ наада. Оҕоҕор куһаҕаны баҕарбат буоллаххына, саха киһитэ хараҕын уутун мээнэ тоҕуо суохтаах, туох баарынан ылыныахтаах, ытыырыҥ-соҥууруҥ туһата суох. Дьылҕа Хаан ыйаахтаатаҕа. Билигин оҕом инники олоҕун былаанныахха наада. Ытыы сырыттахха, туох да үчүгэйи оҥорбоккун. Кылаабынайа, тыыннаах хааллаҕа, онтон ордук Дьол туох кэлиэй?

Суох буолбут оҕолоохторго туох да диир кыаҕым суох. Ханнык уоскутар тылы булан этиэхпин билбэппин. Оҕо төрөппүт иннигэр барара саамай ыарахан, өстөөххө да киһи баҕарбат, ыар содул.

Сэрии толоонуттан тыыннаах хаалбыт Саха Боотурдара, олоххутун ситэри олоруҥ, бу мээнэҕэ эһиги тыыннаах хаалбатыгыт, уйулҕаҕытын чөлүгэр түһэрэн, дьоллоох олохтонуҥ! Күн сиригэр өссө да тугу эрэ оҥоруохтаахпыт, айыахтаахпыт-тутуохтаахпыт эбит диэн сананыҥ. Сахабыт сирэ сайдарын туһугар үлэлээҥ-хамсааҥ.

Байыаннай дьайыыга сылдьар, бааһыран госпитальга сытар оҕолоох ийэлэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Уолум бааһырбытын кэннэ тута Ростовка бара сатаабытым, ыксаама диэн сүбэлээбиттэрэ. Кэргэним сиэн быраата 2023 с. саас госпитальга Хабаровскайга кэллэ диэн улахан кыыһым киниэхэ барбыта. Ону Уссурийскайга ыытан кэбиһэннэр, кыайан көрсүбэтэҕэ. Ити быһыыны өйдөөн, тохтоон, бүтэһик госпиталыгар Москваҕа кэлбитин истээт, кыра кыыспыныын манна көтөн кэлбиппит. Кэлбиппиттэн отой кэмсиммэппин, улахан суумалаах кирэдьиит ылбытым, ханна ыыталларынан аттыгар баар буолуом диэн, ый буоллаҕына – ый, сыл буоллаҕына – сыл. 

Поспредстволарга өссө төгүл махтанабын, “Сахаволонтер” хамсааһын салайааччыта Туяра Николаевнаҕа, Мария Семеновнаҕа муҥура суох махтанабын. Отой бэйэбин “королева” курдук сананным, онтон ордук туох наада буолуой, Москваҕа кэлэн баран сир-халлаан икки ардыгар хаалыам диэн куттал эмиэ баара. Онон бу Бурденкоттан чугас гостиница буланнар, абыранныбыт, сатыы киһи отучча мүнүүтэ хаамар сирэ эбит.

Уолум этэҥҥэ буолуор диэри батыһа сылдьар санаалаахпын. Кэлбиппиттэн наһаа үөрдэ, атын саха уолаттара кытта үөрдэхтэрэ дии, ийэлэрин курдук оҕолорбор астаан аһатабын, көрөбүн-истэбин, кэпсэтэбин.

Ийэлэр да, кэргэттэр да кэлэ сатыыллара олус наада. Кэргэттэрин, оҕолорун аттыларыгар, төһө да кыаллыбат буолбутун иһин, үүт-хайаҕас булан, кылгас да кэмҥэ кэлэн барыҥ. Түргэнник үтүөрэллэригэр күүс-көмө буоларгытын умнумаҥ. Киһи санаа күүһүнэн олорор. Кэлэргитигэр оҕоҕут, кэргэҥҥит буоларын бигэргэтэр докумуоннары, СНИЛС, полис буоллун, барытын тутан кэлиҥ.

Онон чугас дьоно хайаан да биллиҥ, оҕоҕут наадалаахпын, инбэлиит курдук туора көрүллүбэппин диэн бөҕөхтүк сананарын туһугар. Түспүт харчыларын бэйэлэригэр туһаныахха, барытын туттумуохха, ыыттарымыахха наада. Үчүгэй протез оҥоттороллоругар, барыта тустаахха барарын курдук толкуйдааҥ. Олох олороругар күүс-көмө буолуҥ. 

Саха ахсаана бэйэтэ да аҕыйах, инники олорор олохторугар  көмөлөһүөххэ наада, тирэх буолуохха. Сэрии толоонуттан хаалбыт оҕолорбутугар туох баар усулуобуйаны оҥоруохха, атын, туора оҕо диэмиэххэ, Саха сирэ биир улахан дьиэ кэргэн буолуон наада, оччоҕо эрэ олохпут тупсуо, саха норуота үүнүө-сайдыа, чэчириэ, сырдыа этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....