Ийээ, бүгүн үөрэнэ барар үһүбүт дуу, суох дуу?
Урут Саха сирин тыйыс айылҕалаах хоту сирин оҕолоро -60 кыраадыска үөрэммэт этилэр, илин эҥээр уонна бүлүү бөлөхтөр -55 буоллаҕына, оскуолаҕа барбакка, сылаас ороммутугар утуйа хаалар буоларбыт.
Актированнай күнү кимнээх быһааралларый?
Саха сиринээҕи гидрометеорология уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр управление http://ugms14.ru/ хас сарсыарда аайы 06:00 чааска Дьокуускай куорат Гимеин уонна Аэропорт оройуоннарыгар салгын температуратын бэлиэтиир.
Дьокуускай куорат үөрэҕин управлениетын бирикээһинэн, киин куорат оскуолаларыгар актированнай күн биллэриллэр:
1-5 кылаас үөрэнээччилэрэ -45 кыраадыс тымныы уонна тыала суох буоллаҕына үөрэммэттэр. Тыал түргэнэ 1 м/с түргэннээх буоллаҕына, бу оҕолор -44 кыраадыска үөрэммэттэр. Тыал түргэнэ 2 м/с уонна 3-5 м/с күүстээх буоллаҕына, -42 уонна -43 кыраадыска актированнай күн буолар.
1-8 кылаас үөрэнээччилэрэ -48 кыраадыс тымныыга, тыала суох буоллаҕына үөрэммэттэр. Тыал түргэнэ 1 м/с түргэннээх буоллаҕына, -47 кыраадыска үөрэммэттэр. Тыал түргэнэ 2 м/с, -46 кыраадыска тэҥнэстэҕинэ, актированнай күнннэр буолаллар.Тыал түргэнэ 3-5 м/с, -45 кыраадыска эмиэ актированнай күн буолар.
Тыала суох уонна -50 кыраадыс тымныы буоллаҕына, 1-11 (12) кылаастарга үөрэх тохтуур. Тыал түргэнэ 1 м/с түргэннээх буоллаҕына, үөрэх кыһалара -49 кыраадыстан оскуолаҕа кэлбэттэр. Тыал түргэнэ 2 м/с, -48 кыраадыска, итиэннэ тыала 3-5 м/с, -47 кыраадыска эмиэ актированнай күн.
Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениетын бирикээһин бу сыылканан http://yaguo.ru/files/prikaz_ob_aktirovannyh_dnyah_2020_0.pdf киирэн билсиэххитин сөп.
Ол эрээри аныгы олох ирдэбилинэн үөрэнээччилэргэ дистанционнай үөрэх хайаан да тэриллиэхтээх!
«Бүгүн халлаан тымныы, актированнай күн үһү, онон барбаппын уонна үөрэммэппин”, – диэн буолбатах.
Алексей Семенов, Үөрэх управлениетын начаалынньыга:
- Саҥа дьылга ааспыт сыл түмүгүнэн уопсайа 14 актированнай күн биллэриллибитэ. Ааспыт сыл түмүгүнэн көрдөххө, тыал түргэнэ улаатан, актированнай күммүт элбээн таҕыста.
Халлаан төһө да тымныы буоллар, үөрэх бары кыһаларыгар дистанционнай үөрэх тохтуо суохтаах. Үөрэнээччи күннээҕи билиитин дистанционнай көрүҥүнэн толору ылыахтаах. Өскөтүн, халлаан туругуттан чиҥ билии үөрэнээччигэ өйдөммөт, тиийбэт түгэнигэр, үөрэх аныгыс күннэригэр толору иҥэриллиэхтээх.
- Урукку сылларга тыал түргэнин учуоттаабат буоларгыт, маны кимнээх киллэрдилэр?
- Тыалы, салгыны учуоттааһын Роспотребнадзортан тутулуктаах.
Урукку сылларга
Ааспыт уонна инники сылларга Дьокуускай куоракка кыраадыһы таһынан тыал күүһэ учуоттаммат этэ. Ол курдук, -45 кыраадыска 1-5 кылаастарга, -48 кыраадыска 1-8 кылаастарга, -50 кыраадыска 1-11 (12) бары кылаастарга үөрэх тохтуура.
Оскуоланы ханнык да ситим солбуйбат
Рустам Каженкин, «Айыы Кыһата» Национальнай гимназия саха тылын, литературатын учуутала:
- Актированнай күн уруккуттан баар, ол эрэн маннык тымныы күннэри бэлиэтээһин уонна үөрэх ситимигэр сыһыарыы өрүү биир кэм бара турар. Өскөтүн, урукку өттүгэр куоракка биир эрэ сир кыраадыһынан барыларыгар биир майгыны олохтуур эбит буоллахтарына, хас да сыллааҕыта төрөппүттэр туруорсаннар аэропорт диэки ордук тымныйарын учуоттуур буолбуттара. Онтон быйылгыттан кыраадыһы таһынан тыал күүһүн эмиэ учуоттууллар. Ол төһө көдьүүстээҕин билбэппин, тымныы аата тымныы буоллаҕа дии, итиэннэ куорат араас өттүгэр тыал эмиэ араастаһар, холобур, биһиги оскуолабыт турар 203-с түөлбэҕэ өрүс чугас буолан өрүү салгыннаах. Учуутал өттүттэн көрдөххө, кини син биир үлэтигэр кэлэр, ол эрэн урукку курдук сурунаалга «Актированнай күн, бирикээс нүөмэрэ...» диэн суруйан кэбиспэт, оҕолору ЗУУМ нөҥүө үөрэтэр. Ити эбии ноҕурууска эбитэ дуу, буолуохтаах быһыы-майгы эбитэ дуу, билбит суох, биһиэхэ саҥа көстүү. Ким эрэ бэркэ сөбүлүүр, тоҕо диэтэххэ, үөрэх тохтообот. Сорох үөрэх хаачыстыбата түһэр, интэриниэт барыбытыгар биир тэҥ буолбатах, о.д.а. диэн сөбүлээбэт. Биир бэйэм сөбүлээбэт дьон ахсааныгар киирсэбин. Мин санаабар, оскуола диэн оскуола, ону ханнык да аныгы ситим, интэриниэт солбуйар кыаҕа суох, солбуйара сатаммат да курдук.
Куорат араас муннугар тыал күүһэ атын
Владислав Никитин, «Айыы Кыһата» Национальнай гимназия 11 кылааһын үөрэнээччитэ:
- Актированнай күн – сыл аайы баар көстүү. Үөрэх тохтообокко барара үчүгэй. Былырыыҥҥыттан тыал күүһүн учуоттуур буолбуттара соһуччу этэ. Тоҕо диэтэххэ, куорат араас муннугар тыал күүһэ син биир араас дии саныыбын. Ону учуоттаабакка, биир тыал күүһүн таһаарар буолбуттар. Холобур, мин бэйэм куорат кытыытыгар олоробун уонна оскуолам 203-с түөлбэҕэ баар. Эбэ диэкиттэн мэлдьи салгыннаах буолар.
Актированнай күн буоллаҕына, интэриниэт нөҥүө ЗУУМ холбонобут. Мин наһаа сөбүлээбэтим, үөрэнэр усулуобуйа атын. Учууталларга усулуобуйа өссө ыарахан буолуохтаах дии саныыбын.
Үгүс ыал биир кэм кыахтаах буолбат
Нарыйаана Татаринова, элбэх оҕолоох ийэ, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
- Тымныы салгын оҕо доруобуйатыгар дьайыытын этиэхпин баҕарабын. Гавриил Угаров курдук биолог-учуонай чинчийиититтэн көрдөххө, Сахабыт сирин салгына быдан тымныы, кытаанах уонна уһуктаах. Инньэ гынан, үөрэх эйгэтигэр киллэрбит “актированнай” диэн ааттыыр күннэрин элбэх оҕолоох ыал ийэтэ өйүүбүн. Тымныы салгын саҥа сайдан, тыллан эрэр эккэ-сииҥҥэ дьайыыта ыарахан буолуон сөп. Манна ордук кыаммат араҥаҕа болҕомтобун ууран этиэм этэ. Кинилэргэ көрүллэр социальнай көмө кээмэйэ – халыҥ таҥаһы-сабы ыларга букатын тиийбэт. Тоҕо маны этэбиний? Кыаммат ыал оҕолорун кыһыҥҥы таҥаһа чараас, тымныы салгыны туппат синтетика, ону тэҥэ үксүн чэпчэки сыаналаах угги диэн атах таҥаһа буолар. Сорох оҕо үтүлүгэ да суох сылдьарын көрөн сонньуйаҕын эрэ. Маннык таҥнар оҕо барахсан инники дьылҕата биллэр: тымныйыы дьарҕалара, сүһүөх уонна ис уорганнар ыарыылара. Мантан сиэттэрэн, кэлэр кэскилэ кэхтэр, бу бүтүн норуот дьылҕатын быһаарар кыахтаах мөкү көстүү. Күннээҕинэн олорор аныгы төрөппүт онно болҕомто уурбат. Онуоха ити араҥаҕа киирсэр дьон оҕолоругар уу харчынан буолбакка, таҥаһынан көмө оҥорор тоҕо табыллыбата буолла. Былыр өйдүүргүт буолуо дии: хаатыҥка, суппуун сон биэрэллэр этэ.
Дистанционнай үөрэх туһунан эттэххэ, үгүс ыал биир кэм кыахтаах буолбат. Ким эрэ интэриниэт ситимин чэпчэкитик холбонор, сороххо сиир килиэбэ да суох олорон, ол систиэмэни төлүүр туһунан толкуйдаабат даҕаны. Манна оҕо улаханнык эмсэҕэлиир.
Ол иһин Сахабыт сирэ атын дойдулартан туспатын бэлиэтээн туран, биһиги дойдубут үөрэҕин ситимигэр чопчу манныгы киллэрэр киһи. Холобур, күһүҥҥү уонна сааскы каникул диэни тохтотуохха, ичигэс кэмҥэ үөрэх тохтоло суох барарын ситиһиэххэ. Ол оннугар кыһыҥҥы тымныы дьыбардаах күннэргэ каникул кэмин уһатан баран, таах халтай ыытан кэбиспэккэ, үөрэнээччи тус сайдар бырагырааматын (самостоятельная школьная программа) туттаран баран ыытабыт уонна дөрүн-дөрүн (график быһыытынан) ситэр кэмин көрөн, ону дистанционнай ситим нөҥүө бэрэбиэркэлээн, этэн-кэрдэн биэрэбит. Үөрэнээччи дьиэтигэр олорон, каникул кэмигэр таах сыппакка, үөрэҕин ситиһэр, бэйэтин бириэмэтин аттара үөрэнэр, тус дьоҕурун сайыннарар кыахтанар, пандемия кэмигэр онно-манна сылдьыбат. Аны учуутал чааһын даҕаны аахсарыгар, сааскы уонна күһүҥҥү сынньалаҥ күннэрин син биир ситиһэрин курдук суоттаан таһаарыахха баар этэ (экономический расчет). Оччоҕо күн аайы «Оо, сарсын үөрэнэбит дуу, суох дуу» диэн быстах санаалар киириэ суох этилэр. Билиҥҥи кэмҥэ күн аайы ол долгуйуута. Аны туран, ол биир кыраадыһынан түспүтэ туох уратылаах буолуой, син биир тымныы.
Түбүк эбитэ дуу, түмүк буолара дуу?
Саха сирин дьоно тоһуттар тымныыга үөрэнэн-үөрэнэн кэлбиппит, ким даҕаны тараҥнаппат буолара. Ол эрээри, халлааммыт олус тымныйда, оҕо тоҥо-тоҥо оптуобуска симиллэн барара олус уустук балаһыанньаны үөскэтэр. Манна эмиэ биир боппуруос күөрэйэн тахсар... Оптуобустарбыт бары ирдэбилгэ эппиэттииллэр дуо? Күн бэҕэһээ оптуобус умайа турара дии!
Аны туран, оҕолор -45 кыраадыска үөрэммэтэхтэринэ, бырагырааматтан хаалаллар, ол кэннэ ситэ сатаан, сорох тиэмэлэри үлүбээй, үрдүнэн-аннынан, буоллун-хааллын диэн үөрэтэн тахсалларыгар, үөрэнээччи чиҥ билиини иҥэринэрэ саарбах. Дьиэҕэ хааллан олорор төрөппүт билигин ахсааннаах, киһи барыта оҕолорун, дьонун, бэл, ипотекатын төлөһөөрү, иэскэ ыйанымаары үлэлиир. Онуоха оҕотун үөрэҕин хайдах хонтуруоллуура биллибэт...