15.11.2020 | 12:39

ИЙЭБИТ КЭРЭ МӨССҮӨНҮН ИЛДЬЭ СЫЛДЬАН УЛААППЫППЫТ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл Кыайыы 75 сылынан дьиэ кэргэнтэн саҕалаан, бүтүн Ийэ дойдубут дьоно, салалтата, тэрилтэлэр ытык дьоммутун кэриэстээн, кинилэргэ сүгүрүйэн ахтан-санаан аастыбыт. Сорох дьон күндү төрөппүттэрин, чугас дьоннорун аан бастаан бэчээккэ биэрдилэр, кинилэр тустарынан сиэннэригэр, оҕолоругар кэпсиир, билиһиннэрэр туһугар. Бүгүҥҥү нүөмэргэ биһиги хаһыаппытыгар анаан ийэлэрин, эбэлэрин, сэрии сылын оҕото Вера Егоровна Заровняева (Лыткина) туһунан кыргыттара хаһан да бэчээккэ тахсыбатах ахтыыларын ыыттылар.

Биирдэ бэриллэр олоххо

Эппэтэх эбиппин мин

Ийэ диэн тылы,

Билбэтэх эбиппин

Ийэ нарын тапталын,

Көрбөтөх эбиппин

Ийэ эйэҕэс мичээрин,

Үллэстибэтэх эбиппин

Үөрүүбүн, хомолтобун,

Кэпсээбэтэх эбиппин

Ыра, баҕа санаабын.

Амсайбатах эбиппин 

Ийэм минньигэс аһын,

Сиэттиспэтэх эбиппин

Ийэм сылаас илиитиниин,

Кууспатах эбиппин

Ийэбин, күндү киһибин.

Надежда Егоровна Бурнашева, кыра кыыһа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

Аҕа дойду Улуу сэриитэ Саха сирин  бары  ыалын, дьиэ кэргэнин, урууларын-аймахтарын тумнубатаҕа. Бу улуу сэриигэ биһиги дьоллоох олохпут туһугар  элбэх киһи сырдык тыынын толук уурбута, тыылга хорсуннук үлэлээн кыайыыны уһансыбыта.

Дьоллоох оҕо саас диэн тугун билбэккэ сэрии ыар сылларын этинэн-хаанынан билбит сэрии кэмин оҕото, ийэбит Заровняева (Лыткина) Вера Егоровна туһунан эбэбит Лыткина Харитина Евсеевна, кинини кытта алтыспыт үөлээннээхтэрин кэпсээннэриттэн билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.  

Ийэбит, сэрии  содулуттан да буолуо, доруобуйата кэбирээн, кылгас олоҕу олорон күн сириттэн барбытын эбэбит курутуйан өрүү ахтарын умнубаппыт. Төһө да кылгас олоҕу олордор кини оччотооҕу дьон өйүгэр-санаатыгар хаалар чаҕылхай олоҕу олорон ааспыт эбит.        

         Вера Егоровна 1934 сыллаахха кулун тутар 19 күнүгэр Өнөр нэһилиэгэр күн сирин көрбүт. Ийэтэ Лыткина Харитина Евсеевна тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥ, аҕата Сивцев Дмитрий Петрович оччотооҕу кэмҥэ ууһунан аатырар Обуо эмээхсинтэн төрүттээх. Эбэлээх эһэбит иккиэн Уһун-Күөлтэн төрүттээхтэр. Холбоһоот, эһэбит ыалдьар буолан, эрдэ өлөөхтөөбүт. Эбэбит иккистээн ыал буолан Лыткин Егор Аммосовичка кэргэн тахсан 7 оҕону төрөппүт. Ийэбит ииппит аҕатын аатын ылыммыт. Кыра эрдэхпитинэ Уһун-Күөлгэ олорор сылларбытыгар эбэбит куруук эһэбит аймахтарын Сивцевтэр тустарынан кэпсиирин, кинилэргэ  сырытыннарарын, аймахтыы сыһыаҥҥа ииппитин умнубаппыт.

         Сэрии сылларыгар аҕалара Егор Аммосович үлэ фронугар Бодойбоҕо тиийэ баран үлэлээбит. Улаханнык ыалдьан дойдутугар төннөн кэлэн олохтон туораабыт. Уһун-Күөлгэ сут-кураан сылларыгар тыыннаах ордор туһуттан  бэс сутукатын сиэн, бутугас оргутан иһэн, мундууска аһылыктанан олорбуттар. Эбэбит кырачаан оҕолоро биир-биир сут кэмигэр ыалдьан өлбүттэр. 1943 сыллаахха Харитина Евсеевна Бороҕоҥҥо промкомбинакка мас бэлэмигэр үлэлии киирбит. Оҕолор онно төһүү күүс буолан көмөлөһөллөрө эбитэ үһү.

         Ийэбит  Вера Егоровна 1943 сыллаахха Мүрү орто оскуолатыгар үөрэнэ киирбит. 1944 сыллаахха маҥнайгы кылааһы туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитин хайҕабыл Грамотата туоһулуур. Ийэбит кыра эрдэҕиттэн үчүгэйдик иистэнэрэ эбитэ үһү. Үлэҕэ кэтэр таҥастары тиксэн ийэтигэр көмөлөһөр эбит. 4-с кылааска үөрэнэ сылдьан сарыынан быысапкалаан тикпит  үтүлүгүн  кэлин эбэбит сундуугар уура сылдьан көрдөрөрө. Онно араас эгэлгэ быысапкалар, баайыы салфеткалар баалларын, көбүөргэ тиийэ быысабайдаабытын, тикпитин кэлин  барыбытыгар түҥэппитэ.

Сталиҥҥа анабыл хоһооно

           Ийэбит 1951 сыллаахха Өнөр 7 кылаастаах оскуолатын, 1954 сыллаахха  Мүрү орто оскуолатын бүтэрбит. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар уруһуйдьут, ырыаһыт, үҥкүүһүт бэрдэ.  “Өспөхтүүрэбэ” диэн ааттанан хоһоон, тэттик пьеса суруйар эбит. 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан тэтэрээт лиистэрин хара сабынан тигэн холбоон оҥорбут хоһооннорун альбома билигин да баар. Онно оҕолор ийэбитигэр анаан суруйбут хоһоонноро, уруһуйдара олус кэрэлэр, ийэбит суруйбут хоһоонноругар оччотооҕу кэм оҕолоро кыһалҕалаах, ыарахан кэми тулуйан кэлбиттэрэ, бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ-иһирэх сыһыаннара, өйдөрө-санаалара ырааһа, чиэһинэйдэрэ, Ийэ дойдуга бэриниилэрэ, патриотизм тыынын иҥэринэ сылдьаллара ырылыччы көстөр.

        Умайар уот кыһыл хаалтыс,   комсомольскай значок, эдэр ыччат ырыата-тойуга – биһиги ийэбит эдэр сааһын арахсыспат аргыстара. Кини сатаабатаҕа диэн суох эбит. Ыччат ортотугар тэрийэр дьоҕурдааҕын, тыла-өһө дьоҥҥо тиийимтиэтин туһунан куруук кэпсииллэрэ. Уус-уран самодеятельность бастыҥ актыбыыската, общественнига.                                                                                                

         Вера Егоровна өр кэмнэргэ  Партизан Заболоцкай аатынан холкуоска ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбит.

         1957 сыллаахха олоҕун аргыһын көрсөн, ийэтинэн Кэптэни Бэрииһэптэр сыдьааннара, аҕа өттүнэн Суоттуттан төрүттээх Заровняев Егор Егоровичка кэргэн тахсан ыал буолбут. Кэптэнигэ үлэлээбит сылларыгар комсомол бастыҥ актыбыыһа. 1959 с. Лөгөй нэһилиэгин историятыгар киирбит бастакы норуоттар доҕордоһууларын ыһыаҕар Кытайтан, Кореяттан, Орто Азияттан кэлбит делегацияны көрсүүгэ тэрийээччи быһыытынан кыттыыны ылбыт.

         1959 с. үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Саха сирин ЫБСЛКС обкомун бочуотунай Грамотатынан, 1960 с. Саха сирин норуотун хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үрдүк ситиһиилэрин иһин Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамотатынан наҕараадаламмыт.

         Кэлин бухгалтер идэтигэр үөрэнэн 1961 с. комсомольскай путевканан эдэр ыал Байаҕантай нэһилиэгэр олохсуйа, үлэлии барбыттар. Ийэбит Сельпо бухгалтерынан, аҕабыт кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлэрин саҕалаабыттар.

         Вера Егоровна 4 кындыа кыыһы төрөтөн ийэ буолар дьолун билбитэ. Дьиэ-уот туттан олох олорон иһэн эдэр сааһыгар доруобуйатынан суорума суолламмыта.

         Ийэбитин кытта бииргэ алтыспыт дьон кини кэрэ сэбэрэтин,  киһи быһыытынан олус элэккэйин, майгыта-сигилитэ ырааһын, дьону бэйэтигэр тардарын, үлэҕэ-хамнаска бэриниилээҕин куруук бэлиэтээн этэллэрэ.

Эбэтин аатын үйэтитэр сыалтан сиэнэ Кристина Гаврильевна Сыроватская оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан улуустааҕы, илин эҥэрдээҕи научнай-практическай конференцияҕа эбэтин туһунан дакылаатынан кыттан куруук миэстэлэһэрэ.

Сэрии кэмин оҕото, ийэбит Вера Егоровна сырдык мөссүөнүн сүрэхпитигэр-быарбытыгар илдьэ сылдьан улааппыппыт, эбэбит тыыл бэтэрээнэ Харитина Евсеевна, аҕабыт ССРС култууратын туйгуна Егор Егорович биһигини чиэһинэй, үтүө дьон, ханнык да ыарахантан чаҕыйбат буоларга ииппиттэрэ.

Кытай делегацията Кэптэнигэ

                                                         Кыыһа, СӨ култууратын туйгуна

                                                               Вера Егоровна Сыроватская.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...