05.02.2020 | 13:28

ИЙЭ ТЫЛЛААХ ОҔО ОЛОХХО ЭЛБЭҔИ СИТИҺЭР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Наталья Сергеевна – элбэх оҕолоох Ядрихинскайдар дьиэ кэргэн ийэтэ:

  • Биһиги 3 оҕолоохпут. Бэйэм Чурапчыбын, аҕабыт Нам – иккиэн тыа сириттэн төрүттээхпит. Оҕолорбут бары куоракка төрөөтүлэр, улааттылар уонна сахалыы саҥараллар. Оҕо төрөөбүт тылын илдьэ сылдьара төрөппүттэн быһаччы тутулуктаах. Ханнык да интэриниэти, тэлэбииһэри буруйдуур наадата суох. Барыта бэйэбититтэн эрэ тахсар. Биһиги оҕолорбутун сорунан туран сахалыы уһуйааҥҥа, сахалыы оскуолаҕа киллэрэр этибит. Бары билэргит буолуо, сахалыы буолла да, барыта эккирэтиһиилээх, туруорсуулаах.

Улахан оҕобут 23 саастаах. Быйыл үрдүк үөрэҕин бүтэрэр. Москваҕа университекка үөрэнэ сылдьан, Арассыыйа уонна Кытай судаарыстыбатын холбоһуктаах үөрэтэр бырагыраамаларыгар киирэн “Норуоттар икки ардыларынааҕы бизнес” диэҥҥэ үөрэнэ Кытайга баран турар. Оскуолаҕа киирэрин саҕана сахалыы кылааска биэрбиппит, онтон бэйэтэ лицейгэ туттарсан киирбитэ. Ол тухары тылын умнубатаҕа, нууччатыйбатаҕа. Бэйэтэ билигин “төрөөбүт тылбын билэрим наһаа үчүгэй эбит” диэн биһиэхэ махтанар. Алын кылаас кэннэ атын оскуолаҕа туттарсан киирэригэр кылааһыгар 25 оҕо баарыттан 2-3 оҕо эрэ сахалыы саҥарар эбит этэ. Кини “Ийээ, мин нууччалыы олох билбэт эбиппин!” дии сылдьыбыта. Оттон билигин кэлэн: “Мин оҕолорбун кытта тэҥҥэ нууччалыы саҥарарбар 3 эрэ күн наада буолбута”, – диэн кэпсиир. Оскуоланы бүтэрэригэр оҕобут нуучча тылын эксээмэнин 98 баалга суруйбута. Оскуола оҕолоругар нуучча эрэ тылынан ыытыллар дебаттарга кыттан, дойду күрэстэригэр кытта бастыыра. Итинэн “Оҕобут кэнники нууччалыы сатаан саҥарыа суоҕа” диэн санааттан саха оҕотун нуучча кылааһыгар биэрэн бутуйан кэбиһэр төрөппүттэргэ долгуйумаҥ диэхпин баҕарабын. Ийэ тылын иҥэриммит оҕо ханнык да омук тылын кэбэҕэстик ылынар эбит. Кыыспыт эмиэ сахалыы саҥарар, нууччалыы бэркэ санаатын этэр, кытайдыы, английскайдыы холкутук кэпсэтэр.

Уолбут 14-дэ, кыра кыыспыт 12 саастаах. Иккиэн Саха-политехническай лицейга үөрэнэллэр. Бу оскуолаҕа кэнники уонча сыллар устата наһаа  үчүгэй сахалыы эйгэ олохтонно. Бастакы оҕобут эмиэ иннэ үөрэммит буолан, тэҥнээн көрөр кыахтаахпыт. Оскуола оҕону иитиигэ уонна тылбытын тыыннаах хаалларыыга оруола улахан. Ол эрэн төрөппүт оруола хас да төгүл улахан эбит.

Оҕо үрүҥтэн хараны, куһаҕантан үчүгэйи араарар буолуоҕуттан төрөөбүт тылын эйгэтигэр улааттаҕына, чахчы ситиһиилээх буолар. Биһиги да оҕолорбут телевизор, ютуб көрөллөр, суотабайы тутталлар. Саамай сүрүнэ – дьиэбитигэр, бэйэ икки ардыгар ийэ тылбытынан кэпсэтэбит. Уонна биир холобуру туһанабын: коза оҕотугар бөрө тириитин саба быраҕан кэбиспиттэр. Дьон көрөн: “Оо, бөрө оҕото эбит”, -  дииллэр. Онтон үчүгэйдик көрбүттэрэ, коза буолан хаалар. Син ол кэриэтэ, саха буолан баран нууччалыы саҥара сырыттаххытына, эһигини атыттар туох диэхтэрэй...

Аны туран, оҕо обургу сааһыгар тиийдэ да, төрөппүттэрин кытта өйдөспөт түгэнэ элбиир диэн баар. Чахчы оннук эрээри, сахалыы иитиилээх оҕо бу сааһыгар улаханнык оҕустарбат эбит. Кини тирэхтээх, дьонун кытта ситимэ бөҕө буолан, тугу барытын тулуһар кыахтанар.

Атын төрөппүттэри кытта өссө биир үллэстиэхпин баҕарар уопутум – оҕо кыра сааһыттан саха классиктарын айымньыларын ааҕыахтаах эбит. Улахан кыыспыт “Уус уран тыл” куруһуокка сылдьыбыта. 1 кылаастан Ойуунускайы, Кындылы уонна да атыттары ааҕар этэ. Онтон ыла оҕолорбор улахан дьон айымньыларын аахтарар буолбутум. Маннык уустук айымньыларга оҕо өйдөөбөт тылын да аахтаҕына, сэрэйэн көрүүтүнэн (интуитивно) айымньы ис хоһоонун өйдүүр эбит. Син биир төрөөбүт тылын сүмэтэ киниэхэ киирэр, иҥэр, онтон кэлин наада буоллаҕына тахсан кэлэр.

Оҕолорбутун бастаан нууччалыы ааттаабыппыт. Сахалыы иккис ааттарын бастаан дьиэ иһигэр, онтон кэлин сокуонунан сурукка киирэр буолбутугар докумуоннарыгар эптэрэн биэрбиппит. Холобур, кыыс – Ангелина-Айталы Куо, уол – Дмитрий-Одун диэннэр. Нууччалыы да ааттарын мээнэ талбатахпыт, эһэбит аата эбэтэр түүлбэр “Ангелина диэ” диэбиттэрин иһин иҥэртим. Онтон улааттахтарына, ыырдара кэҥээтэҕинэ, оҕолорбор омуктарын туоһулуур, харысхал буолар дьиҥнээх сахалыы аат наада эбит диэн өйдөөн, маннык дьаһаммыппыт. Биллэн турар, оҕолорбут сөбүлэҥнэрин ылан туран.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....