15.12.2022 | 15:00

Ийэ тылбыт алгыһынан

Ийэ тылбыт алгыһынан
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

“Аҕа дойдубут көмүскэлигэр атаарбыт саха хорсун санаалаах уолаттарбытыгар модун санааны саҕар, күүс-күдэх биэрэр хоһооннору айан, алгыс тыллары суруйан сүмэлээх ийэ тылбыт күүһүнэн көмөлөһүөҕүҥ,”- диэн ыҥырыыны Горнай улууһун П.Д.Аввакумов аатынан Киин библиотеката өрөспүүбүлүкэ хоһоон айар дьонугар туһаайан таһааран турар.

Ол курдук, “Саха боотурдарыгар көмөбүт – ийэ тылбыт алгыһа” диэн патриотическай бырайыак чэрчитинэн киирбит айымньылары библиотека социальнай ситимигэр: телеграмҥа уонна Вконтакте тутатына таһааран тарҕаппыттара. Ыҥырыыга өрөспүүбүлүкэ уон араас муннугуттан: Горнай, Абый, Мэҥэ Хаҥалас, Сунтаар, Уус Алдан, Бүлүү, Амма, Нам, Таатта, Кэбээйи улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ылбыттара. Бу патриотическай тыыннаах, өйү-санааны түмэргэ сүҥкэн суолталаах бырайыак ааптарынан буолар Лена Саввинова, П.Д.Аввакумов аатынан Киин библиотека сэбиэдиссэйэ, уопсастыбаннай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, алгыс хоһооннордоох блокнот-хомуурунньук “Офсет” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Скобелева Дария Николаевна спонсордаан, көмөлөһөн 500 ахсаанынан оҥоһуллан тахсыбытын, маны сэргэ “Азбука” ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Семенова Нина Васильевна 500 устуука харандаас биэрбитин, бырайыак ааптара Лена Саввинова алтынньы 26 күнүгэр уопсастыбаннай добровольческай штабка туттарбыта. Бу – үтүө санаа бастыҥ холобура. “Ааттаспыт аалы көтөҕөр,” – диэн дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо? Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттарбыт алгыстаах блокнот-хомуурунньугу, бэлиэтэнэргэ аналлаах харандааһы илиилэригэр тутаннар төһөлөөх долгуйбуттара, дойдуларын, дьоннорун ахтыбыттара буолуой? Саныахха санаа чэпчиир, эрэл кыыма саҕыллар... Ийэ тылбыт алгыһынан сүрдэрэ бөҕөх, туруктара чөл буоллар ханнык!

Биллэрин курдук, саха суруйааччыта Күндэ “Төрөөбүт тыл” хоһоонугар: “Төрөөбүт төрүт тыл, сөрүүн сүөгэй курдук, сүрэҕи-быары сөрүүргэтэр, убаҕас отон уутун курдук, улахан куйааска утаҕы аһарар, сырдьыгыныы көөнньүбүт сылгы кымыһын курдук, тостор куйааска тоҕулу ханнарар...” - диэн тыл киһиэхэ күндүтүн, минньигэһин туһунан биир бастакынан этэн турар.

Алгыстаах блокнот-хомуурунньук уолаттарбытыгар күүс-сэниэ эптин, сүбэ-ама, көмө-тирэх буоллун, төрөөбүт дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллэн кэллиннэр диэн саха дьоно үрдүк айыылартан үҥэн-сүктэн көрдөһөбүт. Алгыс баһа сыаланнын!

Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Кэбээйи, Мукучу

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...