Ийэ тапталынан төлөнөр (притча)

Биир киэһэ ыал ийэтэ куукунаҕа ас астаан түбүгүрэ сырыттаҕына, 11 саастаах уола кумааҕыга тугу эрэ суруйан аҕалбыта. Дьоһумсуйан туран, онтун ийэтигэр туттарбыта.
Ийэтэ, илиитин соттон баран, ааҕан саҕалаабыта: «Мин үлэлиирим иһин төлүүгүт: тиэргэни сиппийдэхпинэ – 5 солкуобай, хоспун хомуйдахпына – 10 солкуобай, балтыбын көрдөхпүнэ (нэдиэлэҕэ үстэ) – 15 солкуобай, «5» сыананы ыллахпына – 5 солкуобай, киэһэ аайы бөҕү таһааран тохтохпуна – 7 солкуобай. Барыта холбоон: 42 солкуобай».
Ийэтэ, ааҕан баран, уолун диэки көрбүтэ, онтон уруучука ылан кумааҕы кэннигэр суруйбута: «Эйигин испэр 9 ый илдьэ сылдьыбыппар – 0, ыалдьа сыппыт түүннэргэр харахпын симпэккэ бүөбэйдээбиппэр – 0, хомойбут күннэргэр эйигин уоскуппуппар, үөрдэ сатаан саатаппыппар – 0, эн хас хараҕыҥ уутун соппуппар – 0, сарсыарда, күнүс, киэһэ аайы ас астыырбар, оскуолаҕа ыһык уган ыытарбар – 0, олоҕум тухары хас саҥа күммүн эйиэхэ аныырбар – 0. Барыта холбоон: 0».
Суруйан бүтэн баран, ийэ, мичээрдии-мичээрдии, оҕотугар биэрбитэ. Уолчаан ааҕа туран хараҕыттан бөдөҥ таммахтар сүүрэн түспүттэрэ, онтон кумааҕы кэннигэр бөдөҥ буочарынан суруйбута: «Ийэ тапталынан төлөммүтэ». Итиэннэ ийэтин моонньуттан кууспута уонна сирэйин кистии-саба туттуммута...
Ханнык баҕарар сыһыаҥҥа үтүөнү-өҥөнү ааҕан бардахха, барыта бүтэр... эбэтэр таптал туох да хос санаата суох, таптал аахсары билиммэт.
Айыына Ксенофонтова тылбааһа
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



