Ийэ сылыттан элбэҕи эрэнэ күүтэбит
Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сылы өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ сылынан биллэрбитэ. Быйылгы үбүлүөйдээх сылы икки бөдөҥ тэрээһин киэргэтиэҕэ. Ол курдук, Дьокуускайга Уһук Илин дьахталларын съеһэ уонна Ийэлэр форумнара ыытыллар. Бу туһунан аҕыйах хонуктааҕыта Ил Дархан дьахталлар тэрилтэлэрин кытта көрсүһүүтүгэр иһитиннэрдэ.
“Биһиги аан дойдуга саамай тыйыс айылҕалаах сиргэ олоробут, ол иһин ийэ сылаас илиитэ туохтааҕар да күндүтүн өйдүүбүт”.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дархана Айсен Николаев
Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Бырабыыталыстыбаҕа Ийэ сылын чэрчитинэн элбэх оҕолоох уонна приемнай дьиэ кэргэттэр кыһалҕаларын быһаарар суоллары тобуларга соруйбута. Онуоха ийэлэр доруобуйаларыгар, идэлээх уонна дьарыктаах буолалларыгар улахан болҕомто ууруллуоҕа. Биэс сыл устата биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар дьиэ-уот атыылаһалларыгар, кинилэр баай-дуол нолуогуттан босхолоноллоругар уонна да атын эбии өйүүр миэрэлэр көрүллүөхтэрэ.
Дьокуускай куоракка үс сыл иһигэр Дьиэ кэргэҥҥэ уонна оҕолорго социальнай көмө киинэ тутуллуоҕа. Ону сэргэ, дьиэ кэргэттэргэ, ийэлэргэ көмөнү оҥорор бырайыактары олоххо киллэрэр уопсастыбаннай тэрилтэлэр грантовай өйөбүллэрэ икки төгүл улаатыаҕа. Манна даҕатан эттэххэ, сайаапкалары тутуу олунньу 1 күнүттэн номнуо саҕаламмыта.
Үбүлүөйдээх сылга Ил Дархан дьаһалынан Саха сиригэр “Үйэ оҕолоро” («Дети столетия») тус сыаллаах хапытаал баар буолла. Сыл саҕаланыаҕыттан элбэх кырачаан күн сирин көрдө. Оҕоломмут ыаллар “Үйэ оҕолоро” бырагырааманан 100-түү тыһыынча солкуобай көмө харчыны туттулар.
Саҥа сэбиэт тэрилиннэ
Алена Николаевна Старостина, Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениетын социальнай политикаҕа салаатын сүрүн исписэлииһэ:
– Ааспыт сыл бүтүүтэ биһиги управлениебыт салайааччыта Ирина Александровна Атласова көҕүлээһининэн Дьокуускай куорат Элбэх оҕолоох ийэлэрин сэбиэтэ тэриллибитэ. Ахсынньы 23 күнүгэр маҥнайгы олохтуур мунньах ыытыллыбыта. Онно “Счастливый мир” диэн ааты ылыммыттара, бэрэссэдээтэлинэн Галина Аркадьевна Сидорованы уонна үс солбуйааччыны талбыттара.
Сыл аайы муниципальнай бырагырааманан Дьокуускай куорат баһылыга оҕо иитиитигэр үтүөлэрин иһин уонна биэстэн элбэх оҕолоох ийэлэргэ “Ийэ Албан аата” бочуот бэлиэтин уонна 15 000 солк. харчынан бириэмийэни туттарар. Управалар уонна куорат таһынааҕы нэһилиэктэр хадатаайыстыба суруйаллар. Ол түмүгүнэн былырыын бу наҕарааданы тоҕус ийэ ылбыта. Онно анаан бассаап бөлөх аһыллыбыта. Элбэх оҕолоох ийэлэри долгутар боппуруос үгүс. Онон уокуруктар, куорат кытыы нэһилиэктэрин элбэх оҕолоох уонна көхтөөх ийэлэрэ мустан, түмсэн, туспа тэрилтэлэнэн үлэлээн эрэллэр. Коммерческайа суох тэрилтэ аатын ыларга докумуоннарын регистрацияҕа биэрбиттэрэ.
– Управление Ийэ сылыгар туох былааннааҕый?
– Управалар, куорат кытыы нэһилиэктэрин, олохтоох дьаһалта тустаах салааларын этиилэрэ хомуллубута. ВКС нөҥүө Руслан Владимирович Тимофеев салайааччылаах мунньах буолбута. Ол түмүгэр Дьокуускай куорат уокуругун уопсай былаана оҥоһуллубута. Онон бары биир санаанан үлэлиэхпит.
Биһиги управлениебыт социальнай, дьиэ кэргэн политикатыгар үгүс үлэни ыытар. Сүнньүнэн «2020-2024 сылларга «Эдэр ыччат. Дьиэ кэргэн. Спорт. Чэгиэн куорат» диэн муниципальнай бырагырааманан салайтарабыт. Управлениебыт иһинэн олох ыарахаттарыгар түбэспит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ Киин уонна приют үлэлиир. Приюкка ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох эбэтэр хат дьахталлар быстах кэмҥэ олоруохтарын сөп. Кинилэр юрист уонна психолог көмөтүнэн босхо туһаналлар. Кииммитигэр быйылгыттан саҥа састаап үлэлээн эрэр: психолог, юрист, координатор, педагог. Дзержинскэй уулуссатыгар “Японский дом” диэнинэн биллэр дьиэҕэ арылынна, “Алмаас” диэн ааттанна. Саҥа миэбэлинэн хааччылынна. Олунньу 9 күнүгэр Ирина Александровна Атласова салайааччылаах ВКС мунньах буолбута, онно саҥа састаап бэйэтин билиһиннэрбитэ, инники үлэтин, сыалын-соругун кэпсээбитэ. Быстах кэмнээх приют грант чэрчитинэн үлэлиир. Соторутааҕыта биллэрии таһаардыбыт, сайаапка хомуйан саҕалаатыбыт.
Дьокуускай куоракка, управаларга эбэтэр куорат кытыы нэһилиэктэригэр олорор ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит, сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох дьахталлар эбэтэр дьиэ кэргэн 31-90-64 төл. эрийэн, «Алмаас» киин уонна приют туһунан сиһилии билсиэхтэрин сөп.
Биэс оҕолоох ийэ, уопуттаах уопсастыбанньык
Аны билигин Дьокуускай куорат Элбэх оҕолоох ийэлэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Галина Аркадьевна Сидорованы кытта билсиэххэ.
– Галина, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэр. Хас оҕолооххунуй?
– Мин 5 оҕо ийэтэбин. Кэргэним Айсен Дмитриевич Сидоров – охотовед. Бэйэм английскай тыл учуутала идэлээхпин. Билигин оҕобун уонна ийэбин көрөн олоробун.
– Уопсастыбаннай үлэнэн хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕыный? Бука, уруккуттан көхтөөх буолаҥҥын саҥа сэбиэт салайааччытынан таллахтара?
– Устудьуон эрдэхтэн уопсастыбаннай олоххо көхтөөхпүн. Алын уонна орто үөрэхтээһин ыччатын сойууһун чилиэнинэн үлэлээбитим, араас тэрээһиннэри ыытарга эппиэтинэстээх этим. Онтон Ыччат парламенын чилиэнэ буолбутум уонна Дьокуускайдааҕы ыччат сойууһун эппиэттээх сэкирэтээринэн талыллыбытым. Ол кэннэ ыал буолан, ийэ буолар дьолу билбитим. Билигин Сайсары уокуругун дьахталларын сэбиэтин чилиэнэбин. Ону сэргэ, соторутааҕыта Дьокуускай куорат Элбэх оҕолоох ийэлэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ буоллум.
– Саҥа тэриллибит сэбиэт сыалын-соругун туһунан кэпсээ. Туох былааннааххытый?
– Былырыын “Ийэ Албан аата” наҕарааданы ылбытым. Ол кэннэ Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениетын салайааччыта Ирина Александровна Атласова мунньах ыыппыта. Онно саҥа сэбиэт тэрийиэххэ диэн санаа күөдьүйбүтэ. Былааммыт элбэх. Субсидияҕа уонна граннарга көхтөөхтүк кыттан, дьиэ кэргэн суолтатын үрдэтэр үлэни ыытан саҕалаатыбыт. Билигин регистрацияны ааһар түбүккэ сылдьабыт. Киин куорат элбэх оҕолоох ийэлэрин өйүүр уонна кинилэргэ көмөлөһөр сыаллаахпыт-соруктаахпыт. Баһылык Евгений Николаевич Григорьевка уонна Ирина Александровна Атласоваҕа күүс-көмө буолалларыгар махтанабыт.
– Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэриллибит Ийэ сылыттан куорат ийэлэрэ тугу күүтэҕитий?
– Судаарыстыбабыт, өрөспүүбүлүкэбит ийэ оруолун үрдэтэр, элбэх оҕолоох ийэлэри өйүүр политиканы ыытара олус хайҕаллаах. Быйыл Ил Дархан уонна олохтоох дьаһалта өйөбүллэринэн олоххо көхтөөх, элбэх оҕолоох ийэлэр саҥа саҕахтары арыйыахтара, кинилэр күүстэринэн уопсастыбаннай үлэ күргүөмнээхтик ыытыллыаҕа. Биһиги киин куорат ийэлэригэр аналлаах араас тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан ыытыахпыт. Ону сэргэ, сир учаастага, бэһис оҕо иһин төлөбүр курдук кэккэ боппуруостар быһаарыллыахтара диэн эрэнэбин.